Күндү доҕорум Өлөксөөн!
Эн –
Бу орто туруу бараан дойдуга
Уол оҕо буолан төрөөҥҥүн,
Уохтаах айаннаах,
Будулҕан сырыылаах,
Үлүскэн үлэлээх,
Өрөгөй тардыылаах
Өркөн Быраайы сиэнэ:
Олоҥхоҕо туойуллар
Дуолан бухатыыр курдук
Аартык айаҕар тохтоон,
Ааттаах аппытын уоскутан,
Салгыы салгыннаах айаҥҥа
Бэлэмнэниэх дуу, доҕоор.
Айаммыт аны да уһун,
Бар дьоҥҥо иэспит үгүс,
Барыах, доҕоор, барыах,
Толлон тохтоон хаалымыах,
Ханнык да ыарыыга бэринимиэх,
Барыах, доҕоор, барыах,
Күлүмэх айаҥҥа турунуох!
Доҕоруҥ Барыыс-Мандар Уус,
02.02.2021 с.
Баайаҕа
Олунньу 2 күнүгэр Александр Николаевич бастакы операциятын этэҥҥэ туораата диэн биллэрдилэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0