“Социальнай хантараак дьон-сэргэ материальнай балаһыанньатын эрэ тупсарбат. Бу көмөлтө олох-дьаһах хаачыстыбатын үрдэтэр. Соц-хантараак түһэрсэн, эбии үөрэҕи ааһыахха, урбаанньыт буолуохха, үлэҕэ киириэххэ, кэтэх хаһаайыстыба тэрийиэххэ, олох уустук кэмин этэҥҥэ туоруохха сөп”, – диэн үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова бэлиэтиир.
Социальнай хантараак нөҥүө урбаанньыттар 250 тыһ. солк тиийэ судаарыстыбаннай көмөнү ылыахтарын сөп. Оттон биирдиилээн дьон кэтэх хаһаайыстыба тэринэллэригэр 100 тыһ. солк көрүллэр. Олох уустук балаһыанньатыгар түбэспит дьон тиийинэн олоруу алын кээмэйин 3-6 ый устата ылыахтарын сөп. Маны таһынан, эбии үөрэнэргэ биир кэмнээх 30 тыһ. солк. бэриллэр.
Докумуоннары e-yakutia судаарыстыбаннай порталынан эбэтэр социальнай харалта электроннай аадырыһыгар ыытыаххытын сөп.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0