“Уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэр” диэн саха өһүн хоһооно элбэҕи кэрэһэлиир. Уол оҕо бу орто дойдуга кэлбит анала эр киһи килбиэннээҕэ буолан улаатан, иэримэ дьиэни тэринии, саха удьуорун элбэтии, тэнитии буолар. Түгэнинэн туһанан, «Ил Түмэн издательскэй дьиэ" кэлэктиибэ уолаттары барыгытын ис-сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Аҕалар уолаттаргытын дьиҥнээх эр киһи буолан, улаатын тахсалларыгар кыһаллыҥ, такайыҥ, үөрэтиҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит уонна Тирэх Уйбаан «Үс кырыылаах уол оҕо” диэн алгыһын ааҕаргытыгар сүбэлиибит.
Үс кырыылаах уол оҕо
(уол оҕо алгыһа)
Күн көнтөһүттэн күөннээх,
Айыы арҕаһыттан аналлах
Оройунан оҥоһуулаах,
Орто дойду одьунааhа буол!
Айыы ыраас,
Анал аат анатыылаах
Ураа ypaha оллоонноох
Урааҥхай улуута буола улаат!
Сыһыыга сылгы сиэтиилээх,
Сырдыгы сырсар
Сыыдам сырыылаах
Саха саарына буола сайын!
Хонууга хороҕор холбооhуннаах
Хоротуулаах хоннохтоох,
Xоһуун ходуот хорсуна
Хонуу хотойо буола үүн!
Тирэх Уйбаан
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0