Бу күннэргэ лаппа хатаан турар. Ол иһин, күнү-дьылы билгэлээччи Тарас Лукич Тарасов-Тускултан бу күннэргэ халлаан туругун туһунан ыйыталаспыппытыгар, «Дьэ быйылгы сылбыт 1963 сылга сөп түбэһэр курдук диэн тойонноотум. Ол сыл муус устара быйылгы саас курдук эбит. Ыам ыйын күннэрин түүнүгэр улахан тоҥоруулар буолбуттар. Быйыл муус устар 12 күнүгэр саҥа ый үүммүтэ уонна тиэрэ этэ. Этэргэ дылы, хас да биэдэрэ ыйаныах курдуга. Бу -- ыам ыйын 15 күнүгэр диэри тымныы буоларын туоһулуур. Муус утар 23-24 күннэригэр, ол аата кэлэр бээтинсэҕэ, субуотаҕа хаардаах, ардахтаах, күүстээх тыал кэлээри турар. Онон ити күннэргэ ыраах айаннаамаҥ, дьиэҕитигэр быр-бааччы олороргутугар сүбэлиибин. Быйыл орто уулаах саас буолууһу. Сайына лаппа кураанныыра сабаҕаланар. Элбэх өрт уота турар кутталлаах, улахан тыаллар, буурҕалар түһүөхтэрэ», - диэн иһитиннэрдэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0