Ыал – судаарыстыба тирэҕэ. Дьиэ кэргэн төһөнөн бигэ тирэхтээх да, соччонон дойду бөҕө туруктаах. Онон былаас өттүттэн болҕомто, бастатан туран, дьиэ кэргэттэргэ ууруллуохтаах.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх оҕолоохторго, аҥаардас ийэлэргэ, оҕо иитээччилэргэ туһуламмыт көмө бырагыраамалар ылыллара, харчынан босуобуйалар көрүллэллэрэ, чэпчэтиилэр оҥоһуллаллара хайҕаллаах. Өссө 2000 сыллаахха Дьиэ кэргэн кэмитиэтэ биһиэхэ ким хайа иннинэ тэриллибитэ да элбэҕи этэр. Билигин ол эбээһинэһи СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ эрэллээхтик сүгэ сылдьар. РФ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын да өттүттэн дьиэ кэргэттэри өйүүр сөптөөх уураахтар тахса тураллара үөрдэр. Госдума уонна Ил Түмэн дьокутааттара туруорсууларын табыгастаах сокуоннар ылыллаллар.
Онон бу бырааһынньыгынан бука барыгытын эҕэрдэлээн туран, Сахабыт сирин үтүөкэн ыалын билиһиннэрэбит.
Ыал – ийэтинэн
Социология билимин дуоктара, бөлүһүөк Ульяна Винокурова этэринэн, Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыаллаах улуустартан биирдэстэрэ -- Үөһээ Дьааҥы. Манна Боронук диэн нэһилиэккэ 8 оҕолоох Сардаана уонна Иннокентий Аммосовтар олороллор.
Сардааналаах Иннокентий бэйэлэрэ эмиэ элбэх оҕолоох ыалларга төрөөбүт дьон. Сардаана Иннокентьевна ийэтэ -- Дьоруой ийэ ааты сүкпүт Зоя Дмитриевна Аммосова. Ыал аҕата Иннокентий Иннокентьевич 8 оҕолоох ыал уола, ийэтэ Попова Елена Николаевна диэн.
Зоя Дмитриевна да, Елена Николаевна да иккиэн саастарын тухары сопхуос пиэрмэтигэр ыанньыксытынан, торбосчутунан таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Мин кэпсиир дьонум ыал буолан тэринэр кэмнэрэ 90-с сылларга ааспыта. 1993 с. Иннокентий ытык иэһин толорон, аармыйаттан кэлээтин кытта холбоспуттара. Бастаан Мачах диэн кыра учаастакка олорбуттара, 1995 сыллаахха Боронукка көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Эдэр ыал утуу-субуу оҕоломмуттара.
Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ уһуйан улаатыннараллар. Уолаттар бары тиэхиньикэҕэ дэбигэс сыстаҕастар, бары суоппардар. Түөрт уолтан үһэ аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан кэлбитэ. Кыргыттар асчыттара, дьиэ үлэтиттэн туора турбат дьон.
Аҕыс оҕо аанньала
Сардаана Иннокентьевна 2007 сыллаахха «Ийэ Албан аата» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Улаханнара Ньургун билигин бэйэтэ 4 оҕолоох улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, Верхоянскай куоракка “Сахаспецтранс” тэрилтэҕэ тырахтарыыстыыр. Онтон кэлэр уол Иннокентий Боронук оскуолатыгар сопхуостуур. Розалия Тыа хаһаайыстыбатын техникумҥа уһуйуллан, экэнэмиис-буҕаалтыр идэлээх, кэргэннээх, оҕолоох. Вадим эмиэ ол техникумҥа лесхоз үөрэҕэр үөрэнэ сылдьар. Семен Дьокуускайга автодорожнай техникуму бүтэрбитэ. Зоя устудьуон буолла, Оля тохсуска, Оксана сэттискэ үөрэнэллэр.
Оҕолор бары араас эйгэҕэ дьоҕурдаахтар. Ол курдук, уолаттар спордунан дьарыктаналлар, бөһүөлэк волейболга сүүмэрдэммит хамаандатыгар оонньууллар. Сайын аайы Мачахха эбэлэригэр Зоя Дмитриевнаҕа баран сайылыыллар, оттууллар, сир астыыллар.
Үлэни өрө тутан
Аммосовтар сүрүннээн сылгы иитиитинэн дьарыктаналлар. Ийэлэрэ Сардаана Иннокентьевна оҕуруотчут бэрдэ. Арассаадатын эрдэ таһааран, тэпилииссэтигэр оҕурсу, помидор, биэрэс үүннэрэр, онон оҕуруот аһын бастакынан кинилэр амсайаллар. Хортуоппуйун, хаппыыстатын атыылаан, дьиэ кэргэн бүддьүөтүн хаҥатар.
Элбэх оҕолоох ийэ сиэринэн иистэнэр. Оҕолорун барыларын сахалыы таҥыннаран, ыһыахха кэлбит дьону үөрдэллэр. Кыһыҥҥы да таҥас, үлэ да таҥаһын тигэн, дьонун хааччыйар.
Дьиэ кэргэн олус түмсүүлээх, бары бииргэ айылҕалыын алтыһан, балыктыылларын, куобахтыылларын, кустуулларын сөбүлүүллэр. Дьиэҕэ остуоллара куруук хотойорунан дэлэй астаах-үөллээх буолар.
Нэһилиэк тутаах ыала
Сардаана Боронук бөһүөлэгин биир улахан түөлбэтин салайар. Түөлбэ дьонун чөл олоххо тардар. Үлэ буоллун, үөрүү да, хомолто да буоллун, дьонун түмэн, араас аахсыйаҕа, тэрээһиҥҥэ кытыннарар, араас көмөнү тэрийэр. Кини СӨ дьахталларын V ыҥырыылаах мунньаҕын дэлэгээтэ.
Ыал ийэлээх аҕата Иннокентий уонна Сардаана, эр киһи уонна дьахтар үлэтэ диэн араарбакка, барытыгар тэбис-тэҥҥэ сылдьаллар. Иннокентий Иннокентьевич сылгыга олус сыстаҕас. Онон кини бэйэлэрин эрэ сыспай сиэллээхтэрин буолбакка, чугастааҕы дьоннорун киэннэрин эмиэ көрөр.
Аммосовтар бары дьиэ кэргэнинэн чөл олохтоох дьон. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ дьон эрэнэр, нэһилиэк биир тутаах ыала буолар. 2019 сыл түмүгүнэн «Бастыҥ ыал» анал ааты ылбыттара.
Акулина СТРУЧКОВА,
Боронук, Үөһээ Дьааҥы.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0