Үөрүүлээх түгэҥҥэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, “Алроса” АХ генеральнай дириэктэрэ-бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванов, Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи таҥара дьиэтин Архиепискоба Роман кытыннылар.
“Бу киин тутуллуутун уопсастыба бэйэтэ көҕүлээтэ. Ону Баһылык Роман алҕаата. Идиэйэни Алроса хампаанньа өйөөн, олоххо киллэрдэ”, – диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга саҥа киин улуус бары олохтоохторугар сиэр-майгы култууратын уонна билии-көрүү үрдүк чыпчаала буоларыгар эрэллээҕин эттэ.
Сергей Иванов бу киин бастакы сыбаайата 2000 сыллаахха түспүтүн уонна 20 сыл буолан баран олоххо киирбитин бэлиэтээтэ. Кини бары олохтоохтору өр күүтүүлээх эбийиэк тутуллубутунан эҕэрдэлээтэ.
Православнай култуура киинин Дьокуускайдааҕы уонна Ленскэйдээҕи таҥара дьиэтин Архиепискоба Роман алҕаата.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0