Онтон сайабылыанньаны хомуйуу от ыйын 15 күнүттэн саҕаланар. Сэтинньи 1 күнүгэр түмүктэнэр. Төлөбүргэ бүддьүөттэн 204 миллиард солкуобай көрүллүөҕэ. Көмө уопсайа 20 мөлүйүөн үөрэнээччигэ тиийиэҕэ диэн быһа барыллаан суоттаатылар.
Маны таһынан аҕыһыттан 18 сааһыгар диэри саастаах оҕолоох соҕотох төрөппүттэр эбии көмөнү ылыахтара. Манна уопсайа 36 миллиард солкуобайы көрөр былааннаахтар. Бу көмөнөн 1,1 мөлүйүөн Арассыыйа олохтооҕо туһаныаҕа.
Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр. Убаастабыллаах төрөппүттэр, сайабылыанньа суруйарга бэлэм сылдьыҥ. “Госуслуги” порталга киирэн толоруоххутун эбэтэр Пенсионнай пуондаҕа баран бириэххитин сөп. “Былырыын маннык көмөнөн туһаммыттар быйыл сайабылыанньаны хос суруйбаттар үһү” диэн сурах куйаар ситимигэр тарҕанар. Хос толорор ирдэнэр. Укааска “төлөбүр – сайабылыанньанан” диэн чуолкай ыйылла сылдьар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0