Сир-аһын хаһааныы
СӨ Экологияҕа, айылҕа баайыгар уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ сир аһын хомуйуу болдьоҕун таһаарбытынан, моонньоҕону хоту улуустарга атырдьах ыйын 5 күнүттэн, Бүлүү бөлөххө атырдьах ыйын ортотуттан хомуйарга көҥүллэнэр. Хара отону атырдьах ыйыттан Мииринэй улууһугар, оттон Ленскэй уонна Нерюнгри оройуоннарыгар атырдьах ыйын ортотуттан. Отоҥҥо атырдьах ыйын 20-тэн тахсары ыйаллар. Уохтаны хоту улуустарга атырдьах ыйын бастакы күннэриттэн үргүөххэ сөп. Сыалаах мас эриэхэтин быйыл атырдьах ыйын 25 күнүттэн, сорох улуустарга балаҕан ыйыттан хомуйуу саҕаланыа. Тэллэйгэ туох да хааччах суох.
Айыы итэҕэлинэн
Атырдьах ыйыгар күһүнү билгэлииллэр. Ынах, сылгы түүлүүрүнэн күһүн төһө уһуурун таайаллар. Талах хайдах үүммүтүнэн кэлэр кыһын хаар төһө халыҥыан билгэлииллэр. Ый ардаҕа икки: сайыны иэҕэр самыыр (Ылдьыын), өксүөн түһүүтэ (Ыспааһап). Тыала биир: оту-маһы орохсутар тыал. Бу ый олунньуга тэгилэнэр. Ый алтыыта суох. Атырдьах ыйа Таҥха үһүс оронугар олорор. Бу ыйга төрөөбүт киһи биһигэ ити ороҥҥо түһэр. Кини майгыта: эрчимнээх, истиҥ, түптээн өйдүүр, үлэтэ түмүктээх, быйаҥнаах, кырдьыксыт, хомоҕой тыллаах, сыыдам сырыылаах.
Былыргы бит-билгэ
Ый 2-с күнүгэр сайын иэҕиллэр (Ылдьыын), кус оҕото улаатар. Ый 12-с күнүгэр «дьэккэ киллэрии» диэн туом буолар, 28 саастаах дьон дьэккэ киирэллэр. Дьэт диэн толору ситии-хотуу, киһи олоҕун өрөгөйө. Ый 14-с күнүгэр бурдук буһар (Ыспааһап). Оттон 19-с күнүгэр оту-маһы орохсутар тыал түһэр, күһүн саҕаланар. Ый 20-гэр – Амтан күнэ, сир аһын алгыыр күн. Аан Алахчыҥҥа хайыһыллар. Атырдьах ыйын түс киһитэ Сээркээн Сэһэн буолар. Кини Орто дойдуга түһэн, муударас төрдүн олохтообут.
Эмтээх оту-маһы хомуйуу
Кэлиҥҥи кэмҥэ эмтээх оту-маһы хомуйуу үгэскэ кубулуйда. Сир аайы кучу оту хомуйан хатарар буоллулар. Ону тэҥэ ньургуһун төбөтүн, үөрэ оту, хатыҥ ытарҕатын уонна сэбирдэҕин көөнньөрөн эмтэнэллэр. Дөлүһүөн отонун, лабаатын, силиһин, бэриэй от силиһин кыһыны быһа утах оҥостон, доруобай сылдьыҥ!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0