Уураахха этиллэринэн, быйыл кыһын Саҥа дьылга Арассыыйа олохтоохторо бүтүн 10 күн өрүүллэрэ күүтүллэр. Ол курдук, РФ Бырабыыталыстыбата ахсынньы 31 күнүн өрөбүл күнүнэн оҥордо. Онон ахсынньы 31 күнүттэн тохсунньу 9 күнүгэр диэри өрүүр, сынньанар буоллубут.
Маны таһынан, докумуон саҥа дьыллааҕы өрөбүллэргэ сөп түбэһэр субуотаны уонна баскыһыанньаны кэлэр 2022 сылга көһөрдө. Ити күннэр 2022 сыл тохсунньутун 1-кы уонна 2-с күннэригэр ылы-чып түбэһэллэр. Онон ыам ыйын 3-с уонна 10-с күннэригэр көһөрүлүннүлэр.
Эһиилги кулун тутар ый 5 күнэ, о.э. субуота, кулун тутар 7 күнүгэр, о.э. бэнидиэнньиккэ көһөрүлүннэ. Онон Аан дойду дьахталларын күнүн иннинэ Арассыыйа олохтоохторун 6 күннээх үлэ нэдиэлэтэ уонна 3 күннээх уһун өрөбүллэр күүтэллэр (кулун тутар 6 күнүттэн 8-с күнүгэр диэри).
2022 сыл ыам ыйыгар икки уһун бырааһынньыктааҕы өрөбүл быһаарылынна: муус устар 30 күнүттэн ыам ыйын 3 күнүгэр диэри, онтон ыам ыйын 7 күнүттэн 10 күнүгэр диэри. Маны сэргэ, эһиил бэс ыйын 11 күнүттэн 13 күнүгэр диэри, сэтинньи 4 күнүттэн 6 күнүгэр диэри эмиэ уһун-киэҥ бырааһынньыктааҕы өрөбүллэр күүтэллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0