Итиннэ аналлаах дьаһалга РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата. Манна үлэлээбэккэ олорор биэнсийэлээхтэр хапсаллар. Кинилэргэ икки сылга биирдэ сынньана баран кэлэллэригэр бырайыастарын харчыта федеральнай бүддьүөттэн төлөнөр этэ. Биллэр турар, биэнсийэлээх бырайыаһы төлүүллэригэр сайабылыанньаны суруйдаҕына. Быйыл аҕам саастаах киһи бырайыаһын толуйалларыгар сайабылыанньаны суруйбатах буоллаҕына, толуйуллуохтаах харчы төлөммөт. 2020 сылга коронавирус дьаҥыттан сылтаан элбэх биэнсийэлээх ханна да ыраах айаннаабатаҕа биллэр. Ол иһин саастаах аҕам дьону өйүүр инниттэн быйылгы туһаныллыбатах бырайыаһы 2021 сылга толуйалларыгар аналлаах болдьоҕу уһаттылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0