Ол туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистир Елена Волкова иһитиннэрбит. “Ил Дархан Айсен Николаев өйөөн, биһиги федеральнай киини кытта кэмигэр үлэлэһэн, оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэлэргэ эбии үп көрөллөрүн ситистибит. Саха сиригэр бу көмөнү ылар ыаллар ахсааннара элбиир. 3-7 саастаах оҕолорго ананар босуобуйаны ылар оҕо ахсаана 45 тыһ. тиийдэ”, -- диэн миниистир иһитиннэрбит.
Санатар буоллахха, 3-7 саастаах оҕолорго көмө харчы 2020 сыл тосунньу 1 күнүнээҕи РФ Бэрэсэдьиэнин ыйааҕынан олохтоммута. Төлөбүр бэс ыйын 1 күнүттэн бэриллибитэ. Бу босуобуйаны намыһах дохуоттаах ыаллар ылаллар.
Төрөппүт босуобуйаны оҥоттороругар сайабылыанньа эрэ биэриэн наада, атын ыспыраапкалары социальнай көмүскэл уорганнара хомуйаллар. Көмө кээмэйэ 1 зонаҕа 10274,50 солк, 2 зонаҕа 8651 солк. буолар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0