2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 10-тан элбэх оҕолоох ыал дьиэ туттарыгар биирдэ бэриллэр социальнай көмө харчытын аны кыбартыыра эбэтэр дьиэ атыылаһалларыгар туттар кыахтаннылар. Маннык быһаарыыны СӨ Бырабыыталыстыбата Саҥа дьыл иннинэ ахсынньы 30 күнүгэр ылынна.
Маныаха 10 оҕо бары сокуоннай саастарын ситэ илик буолуохтаахтар диэн буолбатах. 23 сааһыгар диэри устудьуоннара эбэтэр аармыйаҕа сулууспалыы сылдьааччылара, итиэннэ төрүөҕүттэн инбэлииттэрэ эмиэ ааҕыллаллар.
Аны туран, урукку өттүгэр дьиэ сыанатын 25 бырыһыанын судаарыстыба уйунар эбит буоллаҕына, быйылгыттан ыла 35 %-нын төлүүр буолла.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0