--Тапталлаах Сахам сирин ытыктабыллаах олохтоохторо! Дириҥ баай историялаах, ураты үгэстээх, спортивнай чыпчааллардаах, күннэтэ үүнэр-сайдар тускуллаах Арассыыйабыт өрөгөйдөөх күнүн сылын ахсын бэс ыйын 12 күнүгэр киэн тутта бэлиэтиибит.
Арассыыйа хас биирдии олохтооҕо таһаарыылаах үлэтинэн-хамнаһынан, эппиэтинэстээх буолуутунан дойдутун чэчирии сайдыытыгар, бигэ туруктаах буолуутугар бэйэтин сэмэй кылаатын күннэтэ киллэрэр.
Арассыыйа күнүнэн Сахам сирин бары олохтоохторун ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин. Баҕарабын үчүгэй түмүктэрдээх үлэни-хамнаһы, үүнүү-сайдыыны, сырдыкка кэрэҕэ тардыһыыны, биир санаалаах уонна сомоҕолуу буолууну.
Куруук дьоннуун бииргэ, дьоллуун сэргэ буолуҥ1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0