--РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн, былырыын үөрэхтээһин сокуонугар үөрэх тиһигэр иитии үлэтин көдьүүһүрдэр уонна күүһүрдэр туһунан уларытыы киирбитэ. Онон быйылгы үөрэх бырассыаһын оҕону киһи быһыытынан иитиигэ туһулаан тэрийиэхпит.
Оскуола диэн кэлим судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ бэлэмниир кыһа эрэ буолбатах. Бастатан туран, бу – киһини иитэр эйгэ. Ол суолтатын пандемия кэмигэр ордук өйдөөтүбүт уонна сыаналаатыбыт.
Тэйиччиттэн үөрэххэ, чэ, баҕар, үрдүкү технологиялар, Интэриниэт ситимин көмөтүнэн билиини ылыахха, монитор нөҥүө олорон үөрэниэххэ сөп буолуо. Ол эрээри онно оҕо социализацияны ааспат. Оттон кини үйэтин тухары дьоннуун алтыһан олорор буоллаҕа эбээт. Онон киһи быһыытынан сайдарыгар билиини үөрэх тэрилтэтигэр ылара ордук, -- диэн санаатын үллэһиннэ СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Михаил Сивцев быһа эпиир кэмигэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0