Баһаар турбут сирин уопсай иэнэ 11,3 тыһыынча гектарга тэҥнэһэр. Хонтуруолланар сиргэ биир күн иһигэр баһаар ылбыт сирэ 207 гектарынан улааппыт. Баһаары 34 киһи умуруорар, биир техника үлэлиир. Баһаар куттала үөскүүр кэмиттэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 65 ойуур баһаара турбут. Биир суукка иһигэр биир ойуур баһаара турбут, биир баһаар умуруоруллубут. Олохтоох дьон доруобуйатыгар уонна дьиэҕэ-уокка куттал суоһаабат. Уот 18,2 гектар сиргэ күүскэ күөдьүйэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0