Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -38 oC

Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев кэлэр үс сылга СӨ муниципальнай тэриллиилэрин сүбэтин — муниципалитеттар бииргэ үлэлэһэр түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлинэн талылынна. Кини кандидатуратын биир санаанан бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, IX сийиэс пленарнай мунньаҕар бигэргэттилэр.

Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев кэлэр үс сылга СӨ муниципальнай тэриллиилэрин сүбэтин — муниципалитеттар бииргэ үлэлэһэр түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлинэн талылынна. Кини кандидатуратын биир санаанан бүгүн, кулун тутар 30 күнүгэр, IX сийиэс пленарнай мунньаҕар бигэргэттилэр.

4df70b58 5007 46b7 bbae 0a09960c3e47

СӨ муниципальнай тэриллиилэрин сүбэтин — муниципалитеттар бииргэ үлэлэһэр түмсүүлэрин IX сийиэһигэр өрөспүүбүлүкэ 445 муниципальнай тэриллиитин баһылыктара, 34 улуус уонна 2 куорат уокуругун бэрэстэбиитэллээх уорганын салайааччылара, норуодунай дьокутааттар кытыннылар.

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев дэлэгээттэри сийиэс үлэтэ саҕаламмытынан эҕэрдэлээн туран, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньатын туһунан билиһиннэрдэ:  

«Хамсык дьаҥын кэнниттэн аны иккис сылын байыаннай дьайыы уустук кэмигэр олоробут. Арҕаа дойдулар сааҥсыйалара экэниэмикэҕэ, үпкэ-харчыга охсор эрээри, Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ бигэ туруктаах. Сахабыт Сирэ кэнники биэс сыл иһигэр ВРП икки төгүл үрдүүрүн ситиһэн, билигин 2 трлн. 246 млрд. солк. тэҥнэстэ. 2022с. өрөспүүбүлүкэҕэ ВРП 12% үрдээтэ. Биир даҕаны субъект маннык көрдөрүүнү ситиһэ илик, онон үлэбит үтүө түмүгүнэн киэн туттуох тустаахпыт.

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуота үрдүү турар, биэс сыллааҕыта 160-180 млрд солк. суумалаах бүддьүөтү ылынар этибит, оттон 2022 с. бүддьүөт ороскуоттаах чааһа — 328 млрд солк. Онон ороскуоппутун үксүн социальнай эйгэҕэ ыытабыт, саҥа оскуола, балыыһа, култуурунай киин, спортивнай эбийиэктэр ахсааннара хаҥыы турар.

Дьон олорор дьиэтин хаһааҥҥытааҕар да элбэҕи тутабыт, 2022 с. өрөспүүбүлүкэҕэ 582 тыһ. кв.м. иэннээх дьиэ тутулунна. Ити көрдөрүүнү кэлэр сылларга 700 кв.м. диэри өссө улаатыннарар санаалаахпыт», — диэн инникигэ эрэллээхтик эттэ.         

Алексей Еремеев дойдуга муниципальнай реформа туһунан сокуону ылыныахтаахтарын туһунан кэпсээтэ. Оччотугар муниципалитеттар публичнай былаас биир кэлим ситимигэр киириэхтээхтэр. Муниципальнай уонна куорат уокуруктара тэриллиэхтэрэ, ол эрэн нэһилиэктэр сүтүөхтэрэ суоҕа.

4ed8e3c2 da36 4755 9cf7 ccd51132dcda

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина:

“Хамсык дьаҥын кэнниттэн аны байыаннай дьайыы кэмигэр хас биирдии нэһилиэк баһылыгын кытта ыкса үлэлэһэбит, дьоммутун сүтэрбэт туһугар өрөбүлэ суох, күнүстэри-түүннэри өрө мөхсөбүт. Ыарахан тургутугу, уустуктары аастыбыт, ол тухары дьон санаатын истэргэ дьулуһабыт.

Национальнай бырайыак сыалын-соругун ситистибит, оҕолор саҥа уһуйааҥҥа, оскуолаҕа үөрэнэ киирдилэр, суол-иис, доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрэ тутулуннулар. 

Сийиэскэ бары күүспүтүн, санаабытын холбоон, дьоҥҥо туһалааҕы оҥорорго нэһилиэнньэ баҕа санаатын учуоттуохпут», — диэн санаатын эттэ.  

Москва куорат муниципальнай тэриллиилэрин сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, Троицкай баһылыга Владимир Дудочкин дойду киин куоратын 1600 тахса дьокутааттарын аатыттан эҕэрдэлээн туран, өйдөбүнньүк бэлэх туттарда.

«Москваҕа 146 муниципальнай тэриллии, 125 уокурук баарын үрдүнэн, биһиги биир сыаллаах-соруктаах үлэлиибит, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарарга дьулуһабыт. Былаас уорганнарыттан дьоҥҥо саамай чугаспыт», — диэн бэлиэтээтэ кини.

cf3ea588 bbbd 43bf aede 68709ab50dcc

СӨ муниципальнай тэриллиилэрин үрдүкү наҕараадатын, Дьокуускайдааҕы Степной Дууманы төрүттээбит Иван Мигалкин аатынан СӨ муниципальнай тэриллиилэрин сүбэтин — муниципалитеттар бииргэ үлэлэһэр түмсүүлэрин мэтээлин дохсун ытыс тыаһынан Бүлүү улууһун баһылыгар Сергей Винокуровка уонна Нам улууһун баһылыгар Юрий Слепцовка туттардылар.

Салгыы Михаил Соров 2019-2023 сс. сүбэҕэ бэрэссэдээтэллээбит кэмигэр өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин сайдыытыгар туох үлэ ыытыллыбытын, ааспыт быыбар туһунан иһитиннэрии оҥордо.

Жатай урукку баһылыга Анатолий Кистенев сатаан туруорсар үлэтин түмүгэр билигин бөһүөлэккэ биир даҕаны хаарбах дьиэ суох. Саахалланар туруктаах эргэ дьиэттэн дьону көһөрүү федеральнай бырагыраамаҕа 2012-2017 сс. испииһэккэ киирбит хаарбах дьиэлээх улуустар бары кытталлар.

2025 сылга диэри 1 мөл. кв.м. иэннээх эргэ хаарбах дьиэ көтүрүллүөхтээх, олохтоохтор саҥа дьиэҕэ көһүөхтээхтэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ эдэр ыаллар дьиэлэнэллэригэр судаарыстыба көмө оҥорор, Национальнай бырайыактар чэрчилэринэн, дьон олоҕун тупсарарга 7,1 млрд. солк. суумалаах үлэ оҥоһулунна.  

Эһиилгэ диэри муниципальнай тэриллиилэргэ көҕөрдүү үлэтэ ыытыллан,  от-мас чэлгийэн, дьон сынньанар сирэ, паарка, искибиэр 30% элбиэхтээх. Дьон сөтүөлүүр сирин оҥорорго бүддьүөккэ харчы көрөргө этии киирбит.

Михаил Соров уу ылар сиригэр олорор дьон атын сирдэрэ суох буолан, кумах кутан баран дьиэ туттарга көҥүл ылыахтарын баҕаралларын туһунан эттэ. Бу боппуруос федеральнай таһымҥа көрүллэр, онон бырайыакка ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, хайдах көмүскэнэр суруллуохтаах.

Сийиэс кэмигэр дэлэгээттэр, улуус, нэһилиэк баһылыктара үлэлэрин хайысхатынан ким туох ситиһиилээҕин, туох-ханнык  боппуруос быһаарылла илигин кэпсээтилэр.

b33980e2 4484 4992 b50a 7170c10615b4

86cf6db1 ab03 4ad5 ba2b e9b5cced22fb

Ол туһунан сиһилии «Ил Түмэн» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29