Билгэ ыйыгар бигээн көрөн чуҥнаан, улам-улам чугаһаан инникигэ хардыылары оҥорторор, сэрэниин-сэрэнэн соҥуорбуту, сонньуйбуту сүнньүн булларар, ыйан-кэрдэн, үөрэтэн-такайан буһуу -хатыы суолугар үктэннэрэр - дьиҥ саха!
Толлубакка, тостубакка, туппут суолтан туораабакка, туругун ыһыктыбакка тулуйан да туран туруулаһар, дьулуһан туран иннин эрэ диэки айанныыр - дьиҥ саха! Ымыттан да көрбөккө ылсыбытын ыпсарар, ыллык суолун ыырын кэҥэтэн аартык аанын арыйар, тумса батта да туруулаһан туран бүүс-бүтүннүү киирэн түгэҕин түөрэн түөрэҕин булан хамсаппаттыы хам ылар, эрэҥкэдиппэттии эпсэри тутар, өһүллүбэт өһүөлээх - дьиҥ саха!
Саманнык эбит диэтэҕинэ саллыбакка-салгыбакка, субу курдук эбит диэтэҕинэ чугуруҥнаабакка, тэпсэҥнээбэккэ сулбурҕатык, судургутук, ити курдук эбит диэтэҕинэ иэҕиллибэккэ, иилиҥкэйдэспэккэ түһүнэн кэбиһэр - дьиҥ саха!
Билигин буолбатаҕына хаһан диэн уостубат, уоскуйбат дууһалаах, кэлин кэлэн кэмсиммэт туһугар кэхтибэт санаалаах кэрэ - дьиҥ саха!
Хаартыска: https://nazaccent.ru/content/36889-v-churapchinskom-uluse-yakutii-sostavyat-katalog-geograficheskih-nazvanij-na-yazyke-saha.html
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0