Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Олох диэн улуу күүс, кини бараммат байҕал, бүппэт тойук... Биһиги, сахалар, былыр-былыргыттан тимири уһааран, туттар тэрили оҥорор, саха быһаҕын кылааннаан таһаарар уран тарбахтаах уустары ытыктыыбыт, кинилэри  өрө тутабыт. Уус киһи — олох төрдүн түстээччи, олоҕу сайыннарааччы, саха омугун ааттатааччы.

Олох диэн улуу күүс, кини бараммат байҕал, бүппэт тойук... Биһиги, сахалар, былыр-былыргыттан тимири уһааран, туттар тэрили оҥорор, саха быһаҕын кылааннаан таһаарар уран тарбахтаах уустары ытыктыыбыт, кинилэри  өрө тутабыт. Уус киһи — олох төрдүн түстээччи, олоҕу сайыннарааччы, саха омугун ааттатааччы.

Айгын Уус

Александр Зиновьевич Терентьев – Айгын Уус ис иһиттэн дириҥ толкуйдаах, сатабыллаах туттунуулаах, киэҥ көҕүстээх.  Сахалыы ааттаммыт киһи төрүт дьоннорунуун, өбүгэлэрин кытта биир кэлим ситимнээх, атын омук тыынын киллэрбэтэх, бытарыйбатах, бүтүн киһи диэн өйдөбүл баар эбит.  Ырытан-ыраҥалаан, кэтээн көрдөххө, сахалыы аакка ордук айар-тутар айылгылаах: иистэнэр, уһанар, уруһуйдуур, суруйар, эбэтэр чараас эйгэлээх дьон наадыйаллар.

Дэлэҕэ даҕаны оҕо төрөөтөҕүнэ, ааппын ааттатар киһи кэллэ диэн үөрүөхтэрэ дуо? Айгын Уус сахалыы аатын-суолун олус сөпкө таба тайаммыт диэн көрөбүн, ол курдук айар-тутар эйгэлээх, хайдах эрэ ис иһиттэн холку тыыннаах. Түргэн-тарҕан толкуйу кытта налыйан ыраҥалаан баран оҥоһууну таба тутан алтыһыннарар, хайа да ыгым түгэҥҥэ ыһыллыбат ис туруктааҕын сэргии көрөбүн. 

Аҕатын өттүнэн ыраас уулаах, кытарчы буспут дьэдьэн дыргыл сытынан туолар хонуулардаах ырыаҕа ылламмыт Амма улууһун Сатаҕайыттан  төрүттээх, ойор-тэбэр оҕо сааһа онно ааспыта. Аҕа ууһун салгыыр аналыгар Суола уустарыгар уһаарыллыбыта кини дьылҕатыгар эмиэ кырата суох оруолу оонньоотоҕо. Онтон Хатаска силис-мутук тардан, 2006 сыллаахха биһиги нэһилиэкпитигэр олохсуйбута. Ол иннигэр кини Хатаһы ийэм, ийэбинэн аймахтарым дойдулара диэн ылынара. Онно олохсуйардыы оҥостон, дьиэ-уот туттан, билигин дьоһун-мааны ыал аатын ылан, кинини билбэт киһи чугас эргин суоҕун кэриэтэ. 

dee82514 9e62 4566 895f 36d6c1f05b29

Тимир ууһа

Айгын Уус күн бүгүн оҥорор-тутар, айан таһаарар тимир ууһа эрэ буолбакка, сааһыгар холооно суох үтүө-мааны, ырааҕы өтө көрөр сыаллаах–соруктаах саха норуотун ааттатар кэскиллээх үлэни ыытар киэҥ толкуйдаах, дириҥ билиилээх киһи буолар. Ийэтин кытта бииргэ төрөөбүт эдьиийин уола Иван Сысолятин эмиэ тарбаҕар талааннаах, мындыр өйдөөх, дьон-сэргэ таптаан ааттыырынан массыына, тиэхиньикэ “ бырааһа” буолар.

Төрүт дьоммут тимир ууһа диэн үрдүк ааты мээнэҕэ иҥэрбэттэр. Бу ааты ылар киһи үрдүк сыанабылы кытта тэҥҥэ улахан эппиэтинэһи, ирдэбили сүгэр. Александр Терентьев кыра эрдэҕиттэн үс сааһыттан уһаммыт, биллэн турар, ол кини айылҕаттан бэриллибит ураты дьоҕура. Дьылҕа-хаан бу дьоҕуру салгыы сайыннарыыга бииртэн биир сөптөөх хайысханы, үтүөкэн дьоннуун көрсүһүүнү бэлэхтээбит.

Кини айар-тутар эйгэ эйэҕэс туонатын дьонунан Дмитрий Алексеевич Артемьевы, Иван Егорович Неустроевы,Алексей Петрович Скрябины билинэр. Аан бастаан оҥоһуктарын мунньан, киэҥ эйгэҕэ тахсан, 1996 сыллаахха “Симэх галерея” ыыппыт күрэҕэр 2 миэстэ буолбута.

Үлэтин аата “Хапсыһыы” диэн эбит. Аата да этэринэн, утарыта турар күүстэр кыайыы туһугар харса-хабыра суох киирсиилэрэ  – тыатааҕыга ыттар саба түһэ туралларын мастан кыһан, күрэххэ кыттар таһымнаах гына оҥорбут. Маннык үлэлэргэ маһынан үлэҕэ сатабылы кытта уобараһы арыйарга, хамсаныыны-имсэниини, сирэй-харах туругун биэрэргэ ол кыыллар майгыларын, уҥуохтарын-арҕастарын эндэппэккэ билии наада.

Уһуйааччы суолтата

Бу түгэҥҥэ уһуйааччы, учуутал суолтата олус улахан.  Иван Егорович муоһунан уһаныыга уһуйбута. Кини муоһунан уһаныыга Амма улууһугар хаста да бастакы миэстэни ылан, куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттар.

Дьэ ити курдук, уус буоларга маҥнайгы хардыы оскуола саҕаттан саҕаланан, Александр олох киэҥ аартыгар үктэммитин кэнниттэн үөрэҕи, идэни талыыга быһаарар оруолу оонньообута.  Кини СГУ ФТИ салаатын бүтэрэн баран инженер-технолог дипломун ылбыта. Бу тиэхиньиичэскэй хайысхалаах үөрэххэ үөрэнэ сылдьан, олох оҥкулун тобуларга дьиҥ сахалыы өйгө-санааҕа иитиллэн, улахан бөлөһүөк дьоммут – Дапсы, Тэрис  үлэлэрин хасыһан туран үөрэппитэ, бэйэтигэр чугастык ылыммыта.

Тимири кытта үлэни үһүс куурустан саҕалаабыта, ол иннинэ араас минераллар, таастар оҥоһууларын үөрэппит буолан, тугу кытта тугу холбоотоххо туттар тэрил бөҕө-таҕа буолуоҕун билэрэ, эбэтэр туох тугу кытта кыайан алтыспатын үөрэҕин чэрчитинэн эндэппэккэ билэрэ сүрүн тирэх буолбута.

Александр ити курдук улам төрүт дьарыкка чугаһаатар чугаһаан, тимири уулларан, уһааран таһаарыы таһымыгар тиийбитэ. Уус дьыалатыгар дириҥэтэн киирдэҕин ахсын сахалыы толкуй дириҥээн, кэҥээн иһэр эбит. Онно киниэхэ Нүһүлгэн – Константин Дмитриевич Уткин уонна Эдьиий Дора, саҥаһа Матрена Ивановна Григорьева - Чугдаара үлэлэрэ үтүө сүбэһит, өйү-санааны бөҕөргөтөөччү буолбуттарын бэлиэтиир.

8eb89309 218c 4d66 8ef3 8cf2d01b4c35

Уустар күрэхтэрэ

Болгуо тимири айылҕаҕа баар таастары хомуйан, туттуохтаах тимирин онтон уһааран таһаарарыгар араас элбэх ньыманы туттар. 2018 сыллаахха уопсай сүбэнэн Намҥа буолбут Олоҥхо ыһыаҕар тоҕус уус тоҕус оһоххо тимири уһааран таһааран көрдөрбүттэрэ. Иилээччи-саҕалааччы, салайааччы СӨ норуотун маастара  Роман Ильич Готовцев – Мындыр Уус бу тэрээһин үтүө түмүктээхтик барыытыгар кыттыбыт уустарыгар эрэнэн туран, маннык эппиэтинэстээх, кытаанах ирдэбиллээх күрэх ситиһиилээхтик ааспыта. Биһиги, сахалар, мындыр өйдөөх дьоммут мустан сүбэлэһэн, төрүт үгэспит сөргүтүллэн, күн бүгүн сахалар уустар, тимир уустардаахтар диэн өйдөбүл Арассыыйаны ааһан, аан дойду киэҥ туонатыгар олохсуйда. 

0fcb78bf aa52 4709 9683 8bbf9c5b97d6

Саха тимири уһаарыытын Олоҥхо ыһыаҕын күрэхтэригэр сүрүн ирдэбил быһыытынан киллэттэрбит киһинэн Терентьев Александр Зиновьевич – Айгын Уус буолар. 2021 сылга Өлүөхүмэҕэ буолбут Олоҥхо ыһыаҕын күрэхтэригэр саха тимириттэн быһахтаах уонна хомустаах эрэ уустар киирсэр буолбуттар. Итинтэн ыла Саха тимирэ күүскэ сайдан эрэрэ харахха көстөр буолбутун Айгын Уус чопчулаан этэр.

Саха Сирин тимир уустара аан дойду таһымнаах быыстапкаларга кыттан, бириистээх миэстэҕэ тиксэн, үгүс дьон сэҥээриитин ыллылар. Саха быһаҕын  кэлин атын омуктар эмиэ кыайа-хото үтүктэн оҥорор буолбуттарын иһин Александр саха быһаҕын көмүскүүр докумуону оҥорууну 2017 сылтан ылсыбытын туһунан кэпсээтэ.

1479af8f e9a8 402d 8d9b d69504a38c97 1

Саха быһаҕар — "Роспатент" докумуона

Александр Дмитриевич Данилов, Егор Валериевич Романов уонна Айгын Уус үһүө буолан, итиэннэ СӨ туризмҥа, эргиэҥҥэ уонна урбааҥҥа министиэристибэтин өйөөһүнүнэн саха быһаҕар анал аат иҥэриитин докумуонун ситиһэргэ туруммуттара.  2023 ахсынньы ый 13 күнүгэр "Роспатент" диэн тэрилтэ саха быһаҕын билинэн, федеральнай реестирга киллэрбитэ. Ол аата саха быһаҕа Саха Сиригэр эрэ оҥоһуллар буоларын туоһулуур, федеральнай сокуонунан көмүскэллэммитин кэрэһилиир докумуону сотору Сахабыт Сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна Роспатент салайааччыта Александр Зубов үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыахтаахтарын туһунан Айгын Уус кэпсээтэ. Ону үөрэ-көтө, эмиэ да долгуйа иһиттибит.

Айгын Уус Хатас нэһилиэгин уопсастыбаннай олоҕор өрүү көхтөөхтүк кыттар, ордук түөлбэнэн үлэҕэ.  Кини олорор Малгин түөлбэтэ түмсүү, сомоҕолоһуу күүһүнэн суолларын оҥорууга олохтоохтор кылааттара сүҥкэн улахан. Дьону-сэргэни субуотунньуктарга ыҥырыыга, тахсыбыттарын кэннэ көхтөөхтүк үлэлиири ситиһиигэ тус бэйэтин холобурунан, төрөөбүт тылбытынан  ураннык саҥаран-иҥэрэн, өйдөтөн, түөлбэтин салайааччытыгар Александра Петровнаҕа көмө-тирэх буолар. Аны Хатаспыт ыһыаҕар, байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга, араас элбэх хайысхалаах тэрээһиннэргэ бэлэх оҥорорго кини сыралаһан туран оҥорбут, чочуйбут быһаҕа хайаан даҕаны баар буолар.

Онон Айгын Уус айылҕатынан өйдүүн-санаалыын Хатаһын дьонугар күүс-көмө буолар, нэһилиэкпит сайдарыгар дьоһун кылаатын киллэрэр, оттон биһиги, олохтоохтор, тимир уустаах буоламмыт, кининэн сахалыы сэмэйдик киэн тутта саныыбыт.  

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением