Саха санаалаах, саха хааннаах бука бары тылбытын харыстаан, бүөбэйдээн илдьэ сырыттахпытына норуоппут улуутун улаатыннарыахпыт, өбүгэлэрбит ытык кэриэстэрин чөл-чэгиэн туругун ыһыктыахпыт суоҕа. Хатас нэһилиэгэр төрөөбүт тылга анаммыт тэрээһиннэр хайдах ааспыттарын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Хатастааҕы “Тускул” култуура киинэ тыл-өс сайдыытыгар норуодунай тыйаатырдаах буоламмыт, тыл-өс баайын, кустук өҥүн кырааскатын, түгэҕэ көстүбэт дириҥ далайын, улаҕата көстүбэт киэҥ дуолун иҥэриммит олоҥхобутун үрдүкү сыанаттан көрөр кыахтаахпыт.
Тыйаатыр өрөсүссүөрэ Евдокия Семенова олоҥхону биирдиилээн толорооччулары бэлэмнии сылдьар. Ол хайысха бастакы хараҥаччыта Анастасия Саввинова Хаҥалас улууһун Бокуруобускай куоратыгар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Ытык Чыыбыстаан” диэн уран тыл күрэҕэр – саха фольклоругар олоҥхо күрэҕэр 2 үрдэл Мэҥэ суругун тутта. Саҥа саҕалааччыга сүрдээх үчүгэй, элбэҕи эрэннэрэр долгутуулаах түгэн.
“Дэгэрэҥ ырыа” түмсүүтүн ырыаһыттара, “Дьээ-буо” фольклорнай уонна “Тускул” үҥкүү ансаамбыла, Хатас орто оскуолатын 10 кылааһын кэлэктиибэ эмиэ ити тэрээһиҥҥэ кыттаннар, көлүөнэ ситимэ дьэҥкэтик көһүннэ.
Кыттыбыт оҕолору кытта кэпсэттэххэ, хайдах эрэ күннээҕи үөрэх, араас элбэх дьарык биир күдьүс тыыныттан атын тыын, туспа турук киирбитэ саҥаларыттан-иҥэлэриттэн биллэр. Манна биири бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын – бу кылаас баһыйар үгүс өттө музыкальнай оскуола араас кылаастарын бүтэрбит буоланнар, бэрт үчүгэйдик кытыннылар.
Оскуоланы кытта бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн “Тускул” култуура киинин А.М. Мокрощупова салайааччылаах “Төрүт ас” бырайыак кыттыылаахтара уонна саха тылын учууталларын методическай түмсүүтэ оскуола остолобуойугар төрүт тыл күнүгэр норуоппут үтүө үгэстэрин, аһын – үөлүн кэпсээтилэр, маастар кылаас көрдөрдүлэр. Оҕолор сомоҕо домохторунан кэпсэтэ-кэпсэтэ, таабырын таайса-таайса бэйэлэрэ ытыйбыт күөрчэхтэрин тото-хана, үөрэ-көтө амсайдылар.
1997 сылтан тохтообокко ыытыллар “Хобо чуораан” куонкуруска барыта 281 ааҕааччы кытынна, кэтэхтэн кыттыыга 131 оҕоттон 60 соҕотохтуу, 71 ааҕааччы күргүөмүнэн аахтылар. Хоһоон ааҕааччы ордук оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор уонна оскуола алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ. Киһи дьиксинэрэ оҕолорбут олох өбүгэ саҕаттан эппитигэр-хааммытыгар, өйбүтүгэр-санаабытыгар баар төрүт дорҕооннорбутун – ордук ҕ, һ дорҕооннору ыарырҕаталлар эбит.
Дьүүллүүр сүбэ айымньы ис хоһоонун биэрэргэ араас ньымалары туттуу элбээбитин бэлиэтээтэ. Оҕолор күрэххэ араас улуустартан кытыннылар. Түгэнинэн туһанан, СӨ үтүөлээх учууталыгар Клара Борисовна Ксенофонтоваҕа улахан махталбытын тиэрдиэхпит этэ.
Клара Борисовна хоһоон хас биирдии тылыгар, дорҕоонугар, суругун бэлиэтигэр тиийэ суолта биэрэн, тыынарга тиийэ болҕомтотун уурар.
Онтон Николай Семенович Попов “Арчы” дьиэтин кэлэктиибэ ыыппыт “Уран тыл” диэн уус –уран тыллаахтар күрэстэригэр “Дорҕоонноох тыллаах күрэстэһээччи” диэн добун ааты ылан барыбытын үөртэ. Дьэ, ити курдук Хатас нэһилиэгэ сахалыы санаабытын тутан олорон, тылбыт-өспүт сүппэтин-симэлийбэтин туһугар бары биир санааҕа киирэн туруулаһан туран үлэлэһэбит.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0