Аркадий Эверстов дьиэтигэр киирдэххэ, тута сахалыы тыын илгийэр, аһыыр хоһу сиэдэрэй оҥоһуулаах, оһуордаах-мандардаах, уус илиитин сылааһын иҥэрбит ыскааба киэргэтэр.
Дьиэлээх хаһаайын үрдүк кириэһилэтэ, сүрүн олбоҕо төгүрүччү эргийэр. Түннүк сабыытын ыйыыр карниз, суунар хос тэрилэ эмиэ сахалыы оһуордаах. Сундуукка дьиэ кэргэн харысхала чочуллубут, мастарыскыайга дьэрэкээн мандардаах, сиэркилэлээх кэрэ аҥаар остуола киэркэйэр.
Сахалыы моһуоннаах миэбэл
Үгүс дьон саахыматтыыр остуолу, дьиэ иһинээҕи тэрили сакаастыыллар эрээри, Аркадий бэйэтин баҕатынан оҥорорун сөбүлүүр. «Сорох дьон бырыынчыга элбэх, хонон тура-тура хос уларыттараллара, көтүртэрэллэрэ элбээн иһэр. Бу дьиэбэр турар куукуна ыскаабын туох да станога суох барытын илиибинэн оҥорбутум. Кэргэммэр ыал буолан олорбуппут 25 сылыгар сүрэх быһыылаах холбука оҥорон, иһигэр үрүҥ көмүс ытарҕа бэлэхтээбитим. Кустуу-хаастыы барарбар сахалыы истииллээх миэбэл оҥорон биэрэрим, оччоҕуна ыытар этэ. Хомойуох иһин, хамсык дьаҥын кэмигэр быһыы ылан баран икки нэдиэлэнэн бараахтаабыта», -- диир кини.
Аркадий Эверстов үһүс кылааска диэри Тулагыга үөрэнэн баран Бүлүүгэ Тылгыны диэн нэһилиэккэ эһэтигэр Борокуоппайга-Буокайга уонна кини кыыһыгар, эдьиийигэр улааппыта. Оҕолор ийэлэрэ эрдэ суох буолбута, ол иһин эһэлэрэ уоллаах кыыһы атахтарыгар туруортаабыта. Эбэлэрэ олохтон эрдэ туораан, оҕонньор түөрт оҕотун, сиэннэрин эмиэ бэйэтэ киһи-хара оҥортообута. Аркадий балта Бүлүүгэ Лөкөчөөҥҥө олорор, дьахтар киһи быһыытынан, арааһы бары иистэнэр, этэргэ дылы сатаабатаҕа суох.
Уһанар дьоҕур – эһэбиттэн
Аркадий Яковлевич холбукаттан саҕалаан, дьиэ миэбэлигэр, араас малыгар-салыгар тиийэ барытын уһанар, ыалга алта кырыылаах беседка, балаҕан оҥорор. Өрөбүллэригэр куораттан уола, күтүөтэ кэлэн көмөлөһөллөр.
Тулагы кулуубугар остуорастыыр эрээри, хас бырааһынньык киэргэтиитэ барыта кини илиитин нөҥүө ааһар. Төп-төгүрүк харахтаах, туртас төбөлөөх сибэкки уурар тэрили киһи эрэ сэргии көрөр. Эһэлэрэ эмиэ уһанар идэлээҕэ, сиэннэригэр оонньуур бэстилиэт оҥорон биэрэрэ, аҕата дьиэ иһинээҕи тэрили барытын оҥороро. Онон Эверстовтар удьуор уустар.
Оскуола кэнниттэн Аркадий Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр суоппар үөрэҕин бүтэрбитэ, дойдутугар Тылгыныга тиийбитин, эдэр уолу ынах-сүөһү көрөр хотон үлэтигэр утаарбыттара.
Аҕыйах сылынан дьоллоох Дьокуускай куоракка тиийэн, уол СГУ-га БГФ салаатыгар үөрэнэ сылдьан, кэргэнин кытта билсэн, ыал буолбуттара. Кэргэнэ Мария Майична оскуолаҕа бибилэтиэкэрдээбитэ. Үс оҕолоохтор, икки уол, биир кыыс. Улахаттар куоракка олороллор, үлэлииллэр, номнуо сиэн оҕону бэлэхтээтилэр. Улахан уол аэропуорка баһаарынай, кыыс ХИФУ ГРФ салаатын бүтэрэн баран менеджеринэн үлэлиир.
Мас – хаппырыыс дьахтар курдук
Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим куоракка эт кэмбинээтигэр оробуочайынан үлэлии сылдьан, 1998 с. Тулагыга пилорамаҕа болуотунньугунан киирбитэ, ол кэмтэн ыла уһанар идэлэммитэ.
“Интэриниэккэ, маҕаһыыннарга итальянскай дьиэ тэриллэрин интэриэһиргээн көрөн баран, дьон сатыырын мин эмиэ оҥоруохпун сөп эбит дии санаабытым. Бастакы үлэбин холбуканы, сурунаал уурар остуолу оҥорон, кэргэммэр бэлэхтээбитим. Кэлин сыах туттан баран, улахан миэбэлгэ ылсыбытым.
Мас күлүккэ, күн көрбөт сиригэр туруохтаах, маһыҥ эмиэ хаппырыыс дьахтар курдук. Маһы ылан илиибэр туттум да хайдаҕын-тугун билэбин, кини чэпчэки буолуохтаах, ыйааһыннааҕа сымалалаах, сороҕо мутуктаах, ол иһигэр мас уган биэрэбин. Матырыйаалбын, хаптаһыннары, иэччэхтэри куоракка киирэн атыылаһабын, маһы мутуга суоҕун бэйэм таларбын сөбүлүүбүн.
Маһы хаһан, чочуйан, оһуордаан-мандардаан таһаарарга бастаан тимиргэ уһана үөрэниэххэ, быһах оҥоруохха, ону сытыылыахха наада. Туттар тэрилбин барытын бэйэм оҥостобун. Хас даҕаны быһах уһугун тоһутан, уһанар буолаҕын. Быһах оҥорбот киһи маһынан сатаан уһаммат.
Мин саҥаттан саҥаны, дьон оҥорботоҕун оҥорорбун сөбүлүүбүн, оччоҕуна биирдэ үлэбэр интэриэс үөскүүр. Куруук биир олоппос, аан оҥорортон салҕан хаалабын. Биири ылыстым да хаһан бүтэриэхпэр диэри тэйбэппин.
Миэбэл оҥоһуутун, киэргэлин бастаан өйбөр оҥорон көрөбүн, тэтэрээккэ уруһуйдаабакка тута маска түһэрэбин, ол суолун батыһан, чочуйан таһаарабын. Бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрим: «Эн уруһуйдаабат эрээри, хайдах уус буоллуҥ?» -- диэн сөҕөллөр. Сахалыы оһуордар ис хоһооннорун интэриэһиргээн үөрэтэбин, хас да кинигэлээхпин”, -- диэн кэпсиир.
Соһуччу бэлэх
Кини балтын үбүлүөйүгэр куукунаҕа турар ыскаабы, иһин-таһын сахалыы оһуордаан, түөрт ый устата оҥорбута. Ыскаап эркинигэр сибэккилээх сыһыыга кыыс оҕону, лыахтары, мэччийэ сылдьар ынахтары маһынан кыһан таһаарбыта субу тыыннаах курдук көстөр. Дьонугар эрдэ эппэккэ, сиэдэрэй бэлэхтээх тиийэн, соһуччу үөрдүбүтэ.
Аркадий саха киһитин сиэринэн айылҕаҕа сылдьарын, бултуурун сөбүлүүр. Ынаҕын-сүөһүтүн, хаһаайыстыбатын бэйэтэ көрөр. Сыаҕын таһыгар саҥа дьиэ туттан киирдэ. «Иккис этээс туһата суох дииллэр, оҕолор улаатан бардылар да кураанах турар. Ол иһин дьиэбитин биир этээстээх оҥордубут», -- диир кини.
Сиэннэр кэллэхтэринэ, кыра-кыралаан уһанарга үөрэтэн, дьоҕурун, сатабылын иҥэрэн, уран тарбахтаах уустар удьуордара салгыы салҕана туруо.
Хаартыска: ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ, Аркадий Эверстов архыыбыттан.
- 6
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0