Бу иннинэ Роман үлэтин үөрэммит училищетыттан саҕалаабыта, кэтэх урбааҥҥа эмиэ уһана сылдьыбыта. Аҕата Гаврил Николаевич эмиэ мас ууһа этэ, хомус, быһах, сүбэниир арааһын оҥороро, өр кэмҥэ “Сардаана” паабырыкаҕа үлэлээбитэ. Роман кыра эрдэҕиттэн бииргэ төрөөбүт убайын кытта аҕаларыныын тэҥҥэ уһаналлара. Убайа эмиэ худуоһунньук, Красноярскайдааҕы художественнай үнүстүтүүтү бүтэриэҕиттэн Аартыка үнүстүтүүтүгэр ыстаарсай преподавателинэн үлэлиир. Уолаттар аҕалара туппут мастарыскыайыгар маһы кыһан, чочуйан, киэргэтэн айа-тута үөрэммиттэрэ.
Уһанарга — улахан иэйии
Рома өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан бэстилиэт оонньуур, үлэ уруогар олоппос, сэргэ, сүбэниир, панно оҥорбута. «Санкт Петербурга үөрэнэр кэммэр Эрмитажка киирэн лиэксийэ истэр, уруһуйдуур этибит, устудьуон билиэтинэн Петергоф, Царское Село, Пушкин, Павловскай о.д.а. түмэллэригэр барытыгар босхо сылдьан, улахан иэйии киирбитэ. Архитектурнай уонна ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба муҥутуур чыпчаалын илэ харахпынан көрөн, кэрэ эйгэтин кэрэхсээн, айар-тутар баҕа уһуктубута. Мин санаабар, дьиэ диэн улахан холбука, иһин-таһын бэйэҥ хайдах баҕарбыккынан оҥостоҕун.
Биһиги Сыырдаахха аҕабыт туппут дьиэтигэр олоробут, иккис этээскэ сайыҥҥы мансаардалаахпыт. Бу үһүс оҕобутун оҕолоннубут, онон үөһээ этээһи кыстыыр гына оҥостуохпутун баҕарабыт. Аҕам уурбут-туппут оҥоһуктарын кэриэстээн илдьэ сылдьабыт, ыллым да баары көтүрэн, алдьатан, саҥардар санаа суох. Миэбэлбит эмиэ барыта бэйэ оҥоһуга.
Дьон ордук сахалыы миэбэли сакаастыыр, ойуулаах-бичиктээх үрдүк олоппостордоох төгүрүк остуолу, аһыыр хос ыскаабын, даачаҕа беседка. Биирдэ сакаас киирэн, балаҕаны, иһинээҕи миэбэли барытын биир истиили тутуһан, остуолун, ыскаабын ааннарын таастаан, олоппосторун, сундуугун, тэлэбиисэр турар туумбатын лаахтаан, кырааскалаан оҥорбутум. Кыыспыт эмиэ биһигини батыһан, художественнай училищеҕа киириэн баҕарар», -- диэн кэпсиир кини.
Эрэстэрээн киэргэтиитэ
Роман сымнаҕас миэбэлтэн саҕалаан, готика, барокко, сахалыы, аныгы истиилинэн тугу барытын оҥорор. Үөһээ Бүлүү оскуолатыгар омук тылын хоһун английскай истииллээх гына миэбэлигэр тиийэ таҥан биэрбитэ. Таас ааннардаах улахан модульнай ыскаабы, учуутал хоһун остуолун, сымнаҕас кириэһилэлэри оҥорбута.
Дьокуускай куоракка “Аврора” эрэстэрээн иккис этээһин киэргэтиитин Шадриннар икки сылы быһа үлэлээн, чочуйан таһаарбыттара. Антонина хостор лепниналарын, роспиһын, Роман мас өттүн, утах иһэр баары, аан оһуорун-мандарын оҥортообута. Бастакы этээһигэр атын уустар үлэлээбиттэрэ.
Миэбэл оҥоһуутун технологията
«Сороҕор кыра сакаас түргэнник табыллан, оҥоһуллан хаалан үтүө өйдөбүлү хаалларар. Сакаасчыт астына-дуоһуйа биир да олоппоһу ыллаҕына, киһи санаата көтөҕүллэр. Сороҕор үптээх-харчылаах дьон сакаастаабыт, элбэх сэниэни-күүһү ирдиир үлэлэрэ баар буолааччылар, оҥоһуктара табыллан испэтэҕинэ, ол дьонуҥ ыксаталлар, сирэллэр-талаллар.
Киһи диэн араас, тугу баҕаралларын да билбэт, оҥорбуккун хаста да уларыттарар сакаасчыттар бааллар, оччоҕуна бириэмэҥ уһаан-кэҥээн иһэр. Аны биир сакааһы оҥоро сырыттаххына атын кэлэн, хос үлэ буолан хаалар. Чааһынай киһи мастарыскыайа син биир кыра буолар, уону биирдэ оҥорбоккун, мас миэбэли таһырдьа таһаарбаккын. Оттон улахан сакааһы ылар биир өттүнэн эмиэ табыгастаах, биир сиргэ, биир халыыпка илиигин араарбакка үлэлиигин.
Миэбэл оҥоһуутун технологията оннук уустук буолбатах, биһиэхэ хатыҥ, бэс, тиит мас баар. Мин кэлин үксэ бэһи туттабын, соҕуруу дойду маһа — дууп сыаналаах, ыраах сиртэн тиэйэн аҕалыахха наада. Миэбэлгэ туттар маспытын лаахтыыбыт, груннуубут, кырааскалыыбыт. Билигин маҕаһыын миэбэлэ МДФ, ЛДСП — искусственнай матырыйаал, мас көөбүлүн килиэйдээн баран оҥороллор, ол үйэтэ суох эрээри, сыаната чэпчэки. Маҥнай утаа үчүгэй көстүүлээх, онтон эргэрэн истэҕин аайы үллэн тахсыан, килиэйэ хоҥнуон сөп. Оттон дьиҥнээх маһыҥ сыл-хонук аастаҕын аайы кииллийэн иһэр», - диэн кэпсиир кини.
Роман сайыҥҥы кэмҥэ ыһыах түһүлгэтин киэргэтэр, ураһалары, балаҕаннары тутар, кыһын сакааһынан эбийиэктэргэ сылдьар. «Мин атыны сатаабаппын, маһынан үлэлээтэхпинэ биирдэ үлэм табыллар. Харчыны-баайы эккирэтэн бу идэни талбатаҕым, сүрэҕим баҕатынан, илиим дьоҕурунан үлэлиибин. Аҕабыттан кэлбит сатабылы сайыннаран, инникитин мас оҥоһуктарбын мунньан, быыстапка тэрийиэхпин баҕарабын, онно иэйиим уһуктарын күүтэбин. Уһанар тэриллэрим таах быыллыйан турбакка, хамсыахтарын, тыаһыахтарын-ууһуохтарын наада, ол иһин сакаас ылабын.
Уус үлэтигэр күүстээх баҕалаах киһи ким баҕарар үлэлиэн сөп. Аҕам эдэр сылдьан Уһук хоту Быыкап тоҕойугар балыкка үлэлээбитэ, худуоһунньук үөрэҕэ суох этэ даҕаны, араас наҕараадата элбэх, үтүөлээх албан аакка эмиэ тиксибитэ», —диэн кэпсээнин түмүктүүр.
Онон баҕалаах, бу эйгэҕэ сыһыаннаах эр дьон илиилэригэр маһы ылан, эргим-ургум тутан, уһанан бардахтарына, миэбэл, дьиэ тэрилин эҥин араас эгэлгэтин оҥорон, дьоннорун үөрдэр кыахтаахтар.
Маҕаһыын миэбэлин искусственнай матырыйаалтан оҥорор буоланнар, хас да ый тухары киһи доруобуйатыгар буортулаах, формальдегиды таһаарар. Аһыы сыттаах эттиктэн сылтаан, киһи түүн аанньа утуйбат, сарсыарда төбөтө ыалдьан уһуктар, түргэнник сылайар, сэниэтэ суох нукаай сылдьар, ким эрэ аллергиялыан, күөмэйэ кычыгыланан сөтөллүөн, ытырдыан сөп.
Оттон уус илиитин сылааһын иҥэрэн, дьиҥнээх мастан оҥорбут миэбэлэ доруобуйаҕа буортута суоҕун ааһан, үйэлээх, кимиэхэ да суох ураты көстүүлээх, сахалыы харысхаллаах.
Хаартыска: ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ, Роман Шадрин архыыбыттан.
- 2
- 0
- 2
- 0
- 0
- 0