- Дьахтар сааһыттан, хамнаһын кээмэйиттэн, ханна үлэлиириттэн тутулуга суох дьон сэргии көрөрүн курдук бэйэтигэр барсардык таҥныан сөп. Маҕаһыыҥҥа, куйаар ситиминэн сакаастыыр араас маркетплейстарга таҥас арааһа билигин дэлэгэй, фасонун таллаххына, тигэн да биэриэхтэрэ.
Муоданы эккирэтэр табыллыбат, ураты хатыламмат истиил сааһыран истэҕиҥ аайы кэлэр. Бэйэлэрин истииллэрин була илик дьоҥҥо стилистэр көмөлөһөллөр, сүбэлээн-амалаан биэрэллэр.
Таҥас эрэ буолбакка, киһини тас уобараһа, энергетиката, хараҕын уота, истиҥ мичээрэ киэргэтэр.
Хаартыска: https://www.meidilight.com/the-role-of-accountants-in-payroll-strategy-for-your-business/
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0