Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -13 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Эргиллэн көрөн тэҥнииргэ, ааһан иһэн хайыһарга, баары баарынан ылынарга анаммыт куйаастан уоскуйан сөрүүн сөлөгөй салгын абыралын биллэрэр күн тосхойдо! Оттуу киирээччи ох курдук оҥостон, сып-сап хомунан, туран-олорон, сэгэччи буолла, бөлөрүүстээх өттө түөс мөтөйө хаамта, охсордоох өттө сакаас ылла, мунньардаах өттө от куура охсорун кэтэстэ. Тутта-хапта охсубут кыбыыга, далга кэбиһиилээх оту кэккэлэтэн кэпсээҥҥэ киирдэ, хайҕабылы ылла.

Амтанын ылбыт, силиһин ситэри дириҥэппит, сиппит-хоппут эмтээх оттор дыргыл сыттара хонууну толордо, сыһыыга тэлгэннэ, тыа саҕатыгар тарҕанна. Кэмигэр хомулуннаҕына, күнүгэр куурдулуннаҕына,аналыгар туттуланнаҕына биири эмтиир,атынын алдьатар эбиликтээх эмтэн босхолонуохпут. Арчылыырга, алгыстыырга, сыт таһааран,буруолатан тыл-өс күүһүн эбэргэ айылҕа маанылаан, анаан үүннэрбит анал отун хомуйуохха, куурдан - хатаран бэлэмниэххэ. Сылдьарбыт тухары ыраастыыр, хомуйар буолуоҕуҥ, бэйэ кэнниттэн сыыс-бөх хаалларан аар айылҕаны айгыратымыахха, тыынын -быарын хаайымыахха. Хардыы аайы наадалаах, атыллаатах аайы аналлаах, үктэннэх аайы үтүөлээх, тирэннэх аайы туһуламмыт туһалаах үүнээйилээх төрөөбүт төрүт дойдубутугар сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйүөх.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0