Чаҕылхай оҕолор
Маҥнай университет салалтатын кытта сүрүн куорпуска (ГУК) көрсүһүү буолла. Саха судаарыстыбаннай, билиҥҥинэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет тыына, дууһата — саха тылын, литэрэтиирэтин салаата, факультета буолар дии саныыбын.
Хотугулуу илиҥҥи норуоттар тылларын, култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев, институт бэрэпиэссэрэ Евдокия Поликарпова, институт үлэһиттэрэ Мотрена Попова, Людмила Григорьева уо.д.а. кытыннылар.
«Саха салаата-68», чахчы, кыахтаах куурус. Кинилэр курдук куурус өссө баара дуу, саарбахтыыбын. Улахан куонкуруһу ааһан, саамай чаҕылхай оҕолор киирбиттэрэ биллэр. Бары өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дьон буоллулар.
Баардаах дьон
Бары да баардаах дьон, ол иһигэр Баһылай Босяк, Сэмэн Тумат курдук уолугунан тыыммыт бэйиэттэри, атын да устудьуоннары көнө сүрүннэрин булларан, үөрэххэ, билиигэ дьулуһалларын курдук такайар манан дьыала буолбатах буолуохтаах. Ону ыстаарыстанан мындыр өйдөөх, ньуолбар майгылаах, киэҥ көҕүстээх, туйгун үөрэхтээх Ганя Филиппов буолан ситистэҕэ дии саныыбын. Биһиги аҕабыт Гоша Неймохов оскуола кэнниттэн тута киирбит буолан, саамай эдэрдэрэ, чолоҕор уол буоллаҕа, ону киниттэн саастаах бииргэ үөрэнэр доҕотторо хайаан комсомольскай лиидэринэн, комсорунан кинини талбыттара буолла диэн сөҕө саныырым.
Саха салаата, кууруһа саха национальнай интеллигенциятын элитатын үүннэрэр, саха духуобунай баайын байытар дьону: учуонайдары, суруйааччылары, суруналыыстары, саха тылын учууталларын — иитэн-үөрэтэн таһаарар үөрэх кыһата буолар.
Гоша Неймохов, оҕо оҕо курдук, оҕолуу тыыны кууруһугар киллэрбитэ. Кууруһун бырабыыталыстыба оҥорон, ыстаарыстаны — бэрэсидьиэн, бэйэтин комсору — генеральнай сэкирэтээр диэн ааттаан, атын оҕолору туһааннаах миниистирдэринэн анаан, чахчы, сэргэх олоҕунан олорбуттар, үөрэммиттэр эбит.
Ганялаах Гоша иккиэн үөрэх туйгуннара, көрсүө-сэмэй майгылаах уолаттар этэ. Ол да иһин, кинилэр куурустара үтүө дьон буолалларын көҕүлээтэхтэрэ. Бары да чаҕылхай устудьуоннар буолан, барыга-бары наһаа көхтөөхтөрө: үөрэх буоллун, уопсастыбаннай үлэ буоллун, араас факультатив, сынньалаҥ киэһэтэ буоллун. Онно кэлэктиибинэй сыһыаннаһыы, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү тыына биллэрэ. Кинилэри кытта сэргэ устуоруктар куурустара баара, кинилэргэ кураторынан биллэр устуорук Егор Алексеев үлэлиирэ. Кинилэргэ да чаҕылхай Баһылай Скрябин курдук устудьуоннар бааллара. Ол да үрдүнэн, саха салаата баһыйар курдугун иһин, Е.Е. Алексеев кыһыйар буолара дииллэр.
Кинилэр куурустарыттан икки наука доктора, бэрэпиэссэрдэр Г.Г. Филиппов, В.В. Илларионов, икки норуодунай суруйааччылара Е.П. Неймохов, С.А. Попов-Сэмэн Тумат, биллэр суруналыыс Р. Былбанаева, учууталлар В.И. Босиков — Баһылай Босяк уо.д.а. таҕыстылар, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээҕин ааҕан сиппэккин. Чахчы, үчүгэй куурус буолалларын үйэ аҥаардаах ситиһиилээх үлэлэринэн дакаастаатылар. Туохха барытыгар кыайыы- ситиһии эрэ сыаллаах буолан, олохторо баай таһымнаах, ситиһии сиэттиһиилээх.
Литэрэтиирэнэн умсугуйан
Устудьуоннуу сылдьан уопсайга туста оонньоон, кыра хатыҥыр Сэмэн Тумат эмиэ суруйарга холонор бэйэтиттэн улахан уолу кыайбыт. «Поэзия прозаны кыайда!» — диэн саҥа аллайбыта уос номоҕор сылдьар.
Баһылай Босяк ыал киһи буолан, Петровскай уулуссаҕа биир кыракый хостоох кыбартыыраҕа олороро үһү. Баһылай киэһэ сөп буола-буола, уопсайга көтөн түһэр эбит. Ити кыракый кыбартыыраҕа бүтүн кууруһунан бырааһынньыктыыллара үһү. Билигин сөҕөллөр, хайаан батарбыт буолла диэн. Босяк кэргэнэ Ульяна Дмитриевна оччолорго эмиэ эдэр буоллаҕа, итиччэ элбэх киһини аһатар аламаҕай хаһаайка. Эдэр саас тугу кыайбатаҕа баарай?! Ол көрсүһүүлэрэ барыта мээнэ буолбатах, чопчу тиэмэлээх, хоһоон ааҕыылаах литэрэтииринэй тэрээһиннэр эбит. Бары да литэрэтиирэнэн умсугуйа сылдьар дьон буоллаҕа. Ол да курдук, кэлин саха литэрэтиирэтин сайыннарбыт, байытыспыт, рецензия суруйан ырытыспыт чиҥ билиилээх, өркөн-өйдөөх саха саарыннара, далбар хотуттара буолан таҕыстахтара, олордохторо.
Биһиги аҕабыт Баһылай Илларионовтан сөҕөрө, ким да олоҥхону, оһуохайы сэҥээрбэт кэмигэр сайыҥҥы сынньалаҥҥа улахан баҕайы бобина кассеталаах магнитофону сүгэн, бэйэтин харчытынан өрөспүүбүлүкэни биир гына кэрийэн, ийэ олоҥхоһуттары, оһуохайдьыттары устан үйэтиппит туохха да кэмнэммэт үтүөлээх диэн. Ити барыта – тулаайах уол бэйэтин харчытыгар. Дьэ, кытаанах сыра. Аны биһиги аҕабыт туһунан «Өрөспүүбүлүкэ киэн туттар дьоно» сиэрийэҕэ ахтыы кинигэтин бэлэмнээбиппит. Дьэ, онно этэ дии, «чэ да чэ» диэн ыксатан, киһини олордубат да, туруорбат да. Начаас хомуйан бэчээттээн, «бичиктэргэ» туттарбыппыт. «Дуоктар, бэрэпиэссэр буолуох киһи буолбуккун», — диэн сөҕөн эппиттээҕим.
Куурус лиидэрдэрэ
Баһылай Босяк өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр бэйиэт, учуутал буолбута. Ким хайа иннинэ кэбиниэтин саха балаҕанын курдук оҥотторон, куорат оҕолорун сахалыы тыыҥҥа иитиини саҕалаабыта. Кини куорат 14-с №-дээх оскуолатыгар үчүгэйдик үөрэтэн, куорат оҕолоро университекка киирэн, саха салаатыгар үөрэнэр кыахтаммыттара. Брызгалов Николай ыраах Муомаҕа баран олохсуйан, оскуолаҕа дириэктэрдээбитэ. «Арассыыйа бастыҥ дириэктэрэ» ааты хаста да ылан турар.
Раиса Захаровнаны биир көрсүһүүгэ Босяк: «Маҥан да бэйэлээх этэ, уһун да суһуохтааҕа, онто кугас да этэ», — диэн бэрт иэйиилээхтик эппитин өйдүүбүн. Барахсан, кырдьык, сырдык хааннаах кэрэ бэйэлээх этэ. Устудьуон саҕаттан дьөһөгөй оҕотун таптаан дьарыктаммыта. Ол иһин бэйэтигэр соччо дьүөрэтэ суох да буоллар, «Ат Рая» диэн ааттыыллара. Аты, ынаҕы куорат усулуобуйатыгар иитэрэ. Атын сахалыы симээн, бэйэтэ сахалыы таҥнан, пааркаҕа оҕолору олордон хатааһылатара. Бэйэтэ үйэтин тухары Архыып управлениетыгар үлэлээбитэ.
Вячеслав Окороков дойдутугар Аммаҕа оскуола дириэктэринэн, онтон нэһилиэк баһылыгынан үлэлээбитэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Эдэр сылдьан спортсмен бэрдэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр кылыыһыт, успуорт маастара, эппиккэ дылы, көтүөҕэр кыната эрэ суоҕа, төһө да билигин тайахтаннар, бааһынай уола, «кыраһаапчык».
Егор Винокуров Тааттаҕа саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан, онтон МГУ-гар философия магистратуратын бүтэрбитэ. А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх философиятыгар кандидатскай диссертацияны көмүскээбитэ, 21 научнай, научнай-методическай үлэлэр ааптара. Киһи кэрэхсиирэ диэн, итини барытын тыа сириттэн арахсыбакка олорон үлэлээн ситиспитэ буолар. Билигин Чурапчы физкултуурунай институтун доцена.
Раиса Былбанаеваны бары да билэр буолуохтааххыт. Кини ыраах Муомаҕа олорон, бэрт сэргэхтик суруйарын хаһыаттарга ааҕарбыт, кууруһун биир кэрэ дьүһүннээх устудьуоҥката, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Дьэ, ити курдук бииртэн биир кэрэхсэбиллээх ыччаттар үөрэммиттэрэ.
Бу көрсүһүүгэ альбом-кинигэ бэлэмнээн таһаардылар. Ким хайдах үлэлээбитин, тугу ситиспитин, ханнык кинигэ суруйбутун, дьиэ кэргэнин кэпсээн, хаартыскаларынан чиҥэтэн, сүрдээх үчүгэй ис киирбэх кинигэ оҥорбуттар. Манна биллэрин курдук, куурус лиидэрдэрэ — бэрэпиэссэрдэр В.В. Илларионов, Г.Г. Филиппов, суруналыыс Р.П. Былбанаева иилээн-саҕалаан бэлэмнээбиттэр. Төһө да үөрэнэн бүппүттэрэ үйэ аҥаара буоллар, билигин да доҕордуу сыһыаннарын ыһыктыбакка, бэрт эйэҕэстик кэпсэтэ, күлэ-үөрэ сылдьалларын көрөн киһи сүргэтэ көтөҕүллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0