Устуоруйаны сэгэтэн көрдөххө, Мэҥэ Алдан нэһилиэгэ Саха уобалаһын губернатора Иван Крафт уурааҕынан, 1909 сыллаахха, балаҕан ыйын 1 күнүгэр төрүттэммит. Туспа нэһилиэк буолары ситиһиигэ олохтоохтор итэҕэллээх киһилэрэ Евсей Аммосов үтүөлээх. Нэһилиэк кинээстэринэн (старосталарынан) оччотооҕу кэм бас-көс, бастаан иһэр өйдөөх-санаалаах дьоно Ипатий Неустроев (1909-1912 сс.), Евсей Аммосов (1912-1915 сс.), Евсей Колодезников (1915-1917 сс.) үлэлээбитэр.
Веногу Мэҥэ тааска чулуу биир дойдулаахтарыгар сүгүрүйэ, махтана нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Олимпиада Колодезникова, Евсей Аммосов сиэн балта Галина Никифорова, орто оскуола 11 кылааһын үөрэнээччитэ Саарын Трофимов уурдулар. Бэлиэ күн тэрээһиннэрэ тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы куонкурус быһыытынан ыытыллара үгэскэ кубулуйбута балачча буолбут.
Көмүс күһүн сэбирдэхтэринэн киэргэммит тэрилтэ үлэһиттэрэ тэрээһин иккис түһүмэҕэ ыытыллар пааркатыгар тиийэ сэлэлээн хаамтылар. Хатыҥ чараҥ быыһыгар турар сынньалаҥ пааркатыгар норуот суруйааччыта Егор Неймохов аатынан литература уонна кыраайы үөрэтэр мусуой үлэһиттэрин тэрийиитинэн, “Мэҥэ Алдан дьыл түөрт кэмигэр” хаартыска куонкуруһун быыстапката, ону сэргэ туруу үлэһит Комиссаровтар, Томтосовтар, Чириковтар династияларын уонна орто оскуола, балыыһа кэлэктииптэрин үлэтин сырдатар истиэндэлэр туруоруллубуттар. Олохтоохтор тэрилтэлэр үлэһиттэрин кыттыылаах кэнсиэри ытыс тыаһын доҕуһуолунан көрдүлэр.
«Мэҥэ Алдан дьыл түөрт кэмигэр» диэн хаартыскаларынан дьүһүйүү куонкуруһун түмүгүнэн, бастакы үрдэли - Александра Андросова (“Саас.Муус эстиитэ»), иккис үрдэли -- Светлана Винокурова (“Сайын. Отражение”), үһүс үрдэли -- Ирина Колодезникова («Күһүн. Күһүнү уруйдуубун»), төрдүс үрдэли -- Татьяна Неймохова («Кыһын. Кыһыҥҥы тыа»), кылаан чыпчаалы -- Варвара Тарасова (“Тапталлаах мин Мэҥэ Алданым") ыллылар. Кэрэ айылҕалаах, хатыҥ чараҥнардаах, дохсун сүүрүктээх Алдан өрүстээх, Мэҥэ Алдан кэрэ көстүүлэрэ хаарыскаҕа үйэтитиллибиттэрэ киһини барытын сөхтөрдө!
Киэһэ өттүгэр Петр Саввин аатынан КСК стадионугар “Достояние села” хаартыскаҕа олоҕурбут киинэ, “Десять чудес села” театральнай дьүһүйүү көрдөрүлүннэ.
Онтон араас өҥүнэн чаҕылыйа тыгар салют олохтоохтору уруйдуу, инникини түстүү умайда. Салгыы Н.И.Колодезников аатынан Култуура дьиэтигэр сынньалаҥ киэһэтэ тэрилиннэ.
Уопсай түмүккэ муусука оскуолата -- бастакы, орто оскуола -- иккис, балыыһа үһүс миэстэни ыллылар.
Бу курдук, көхтөөх тэрээһиннээх тыа сирин түөлбэтин төрөөбүт күнэ түмүктэннэ. Тэрээһини ыыппыт Н.И.Колодезников аатынан Култуура киинин исписэлиистэригэр махтанабыт, үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарабыт.
- 27
- 1
- 0
- 0
- 1
- 1