Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -11 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Саха төрүт үгэһинэн бу күннэргэ сир сир аайы муҥха үгэнэ.

Саха төрүт үгэһинэн бу күннэргэ сир сир аайы муҥха үгэнэ.

Байанай ыйыгар дьон күргүөмүнэн эбэҕэ киирэн көмүс хатырыктааҕынан күндүлэтэр үтүө да кэмэ! Хас саха ыалын аайы собо барахсан буһан, хоторуллар.  

Ол курдук Үөһээ Бүлүү Өргүөт нэһилиэгэр  муҥхаҕа биэс уонча киһи тоҕуоруста.  “Норуот үөрдэ, абыранна!” – диир нэһилиэк баһылыга Андрей Николаев.

 Муҥхалаан аҥардас көмүс хатырыктааҕы омсон ылыы тутах өйдөбүл, былыр былыргыттан  аныгы кэмҥэ диэри  дьон түмсэн, айылҕаҕа сылдьан, чэбдигирэн, ис туруктарын бигэ оҥостор  үтүө үгэспит.  Дэлэҕэ даҕаны, муҥханы ыһыахха холуохтара дуо. Саха дьоно муҥха үөрүүтүн билэн, тыыннарыгар тыын, күүстэригэр күүс  киллэрдилэр.  

Хаартыына - куйаар ситимиттэн 

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0