Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -11 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

2022 с. тохсунньутугар нэһилиэнньэ үлэтэ суох буолуута 4,4% этэ, оттон билигин 3% диэри намтаата. Дойду үрдүнэн хас тэрилтэ аайы үрдүк квалификациялаах үлэһит илии тиийбэт.

2022 с. тохсунньутугар нэһилиэнньэ үлэтэ суох буолуута 4,4% этэ, оттон билигин 3% диэри намтаата. Дойду үрдүнэн хас тэрилтэ аайы үрдүк квалификациялаах үлэһит илии тиийбэт.

Ол сүрүн биричиинэ 1990-ус сылларга оҕо төрөөһүнэ эмискэ түспүтэ, анал байыаннай эппэрээссийэҕэ ыытыллыбыт мобилизация, онтон сылтаан саамай өйдөөх, кыахтаах, идэлэрин толору баһылаабыт дьон тас дойдуларга көһөн барыылара. Холобур, Дьокуускайга үлэлии олорбут үгүс IT-хампаанньалар араас омук сирдэринэн тарҕаспыттара, кыахтаах дьон Казахстаҥҥа, Турцияҕа көһөн барбыттара.

Маны таһынан, инфляция, ас-таҥас сыаната аһары үрдээн, Арассыыйаҕа үлэлии кэлэр миграннар быдан аҕыйаатылар. Бу барыта үлэ көдьүүһэ түһэригэр охсор диэн этэллэр эспиэртэр.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0