Лыҥкыныыр дьыбартан, тыһыргыыр тымныыттан, эҕирийбит салгынтан тилэххэ тиийэ дьигис гыныахха, сэргэхсийиэххэ, сэгэс гына түһүөххэ. Орто дойду олоҕо үпкэ үлүһүйүү, харчыга хараҥарыы, баайга талаһыы буолбакка өйдөһүүгэ-өйөһүүгэ тирэнэн, көмүскэс санааны күөрэччи тутан, аһыныгас санааны аргыс оҥостон өйдүүн-санаалыын чөл, эттиин-хаанныын чэгиэн буолуу диэни кытаанахтык ылынан ситиһиибит ситимнээх, кыайыыбыт кынаттаах буоллун.
Саҥа сонун эрэ барыта сорсуннаах, бүгүҥҥү, билиҥҥи эрэ барыта биһирэмнээх буолбатаҕын, урукку буолла да улугуруу, эрдэтээҥи буолла да эмэҕирии, былыргы буолла быраҕыллыы диэбэккэ ааспыты, билиҥҥини кытта сатабыллаахтык алтыһыннаран, тупсаҕайдык ситиһиннэртээн норуот быһыытынан силиспит-мутукпут дириҥҥээтин, аал-луук маспыт силигилээтин. Мэлдьи биэрэрдээх, куруутун утары уунардаах, үгүс өттүгэр үллэстэрдээх, үөрэ -көтө түҥэттэрдээх буолуоҕуҥ. Аам-даам тымныылаах, хаарыйар дьыбардаах, уһун түүннээх, кылгас күннээх ахсынньы да ыйыгар хаартан сылааһы, тоҥтон толуутун булуохха.
Хаартыска: Якутия.Инфо
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0