Арассыыйа Үбүн министиэристибэтэ элбэх оҕолоох ыаллар ипотекаларын төлүүллэригэр судаарыстыбаттан оҥоһуллар көмө харчыны 2030 сылга диэри уһатарга сокуон барылын бэлэмнээтэ. 450 тыһ. солк. үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыал дьиэлэрин кирэдьиитин төлүүллэригэр бэриллэр. Ол туһунан «РБК» иһитиннэрэр. https://www.rbc.ru/economics/15/03/2024/65f448f69a7947dfe18194f1

Санатан эттэххэ, бу көмө 2019с. оҥоһуллар. Маннык көмөнөн 664,5 тыһ. дьиэ кэргэн туһанна, 2023 с. харчыны 200,5 тыһ. ыал ыллылар.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Туһаайан этиитигэр элбэх оҕолоох ыал ахсаана эбиллэ турарын туһунан эппитэ. 2 мөл. дьиэ кэргэн үс уонна үстэн элбэх оҕолоох. Бэрэсидьиэн 6 саастарыгар диэри оҕолоох ыал ипотекатын 6% хаалларарга этии киллэрбитэ. Тэҥнээн көрдөххө, билигин ипотека ыстаапката 16,5-18,8%.
Хаартыска: https://sibadvokat.ru/magazine/lgotnaya-ipoteka-dlya-mnogodetnyx-semej