Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -1 oC

Дьокуускайга аны сайын, бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри, «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара ыытыллыахтара. Бу Оонньуулар Олимпия оонньууларын 100 сылыгар анаан, 1996 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээһиинэн олохтоммуттара. Ону тэрийиигэ уонна аан дойду таһымыгар таһаарыыга Иван Рожин өҥөлөөҕүн үгүстэр билбэт буолуохтаахтар.

Дьокуускайга аны сайын, бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри, «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара ыытыллыахтара. Бу Оонньуулар Олимпия оонньууларын 100 сылыгар анаан, 1996 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев көҕүлээһиинэн олохтоммуттара. Ону тэрийиигэ уонна аан дойду таһымыгар таһаарыыга Иван Рожин өҥөлөөҕүн үгүстэр билбэт буолуохтаахтар.

Оҕо – оҕотуттан

Иван Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгэр, Харыйалаах диэн сиргэ 1938 с. күн сирин көрбүт. Ийэтэ кини кыратыгар ыалдьан өлбүт. Аҕата эдэр эрдэҕинэ, Бодойбоҕо сылдьыбыт, нууччалыы ааҕар, оччотооҕу саҥа былаас туругурарын саҕана үөһэттэн кэлэр дьаһалы араадьыйанан истэн, xahыаттан ааҕан, дьоҥҥо тиэрдэр сайдам санаалаах, сытыы-хотуу киһи эбит.

Ржины.jpeg

Харыйалааҕы халаан уута ыларынан, Рожиннар Еланкаҕа олохсуйбуттар. Онон Ваня бааһынай оҕолорун кытары бодоруһан улааппыт. Алын кылаастаах оскуоланы онно бүтэрбит. Салгыы Покровскай орто оскуолатыгар нуучча кылааһыгар үөрэммит. Уруокка эппиэттииригэр саҥардар эрэ, оҕолор күлсэн тоҕо бараллар эбит, Еланка бааһынайдара көрдөххө нууччаларын иннигэр, арыый атыннык саҥарар эбиттэр. Ол эрээри, саха уола бэйэтин кыһамньытынан оскуоланы бииргэ үөрэнэр оҕолоруттан итэҕэс буолуохтааҕар, нууччалыы ордук үчүгэйдик билэр, суруйар буолан бүтэрбит.

Тута аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Этэҥҥэ сулууспалаан кэлээт, Покровскайга ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр оробуочайдаабыт. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан тустуук, боксер, хайыһардьыт, эбиитин уопсастыбаннай олоххо көхтөөх эдэр киһини хомсомуол оройкуома Нөмүгү сэттэ кылаастаах оскуолатыгар физкультура учууталынан, интэринээт иитээччитинэн, ыстаарсай пионер баһаатайынан анаан үлэлэппит. Иван Рожин сыратынан оскуола пионерскай үлэтинэн өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан, «Артек» лааҕырга путевканан наҕараадаламмыт.

Вьетнам_1979.jpeg

Сахаттан бастакы

Бастыҥ үлэлээх баһаатайы, чаҕылхай комсомолеһы баартыйа обкуома таба көрөн, Москубаҕа, Үрдүкү дипломатическай оскуолаҕа үөрэххэ  ыыппыт. Ити курдук, Иван чулууттан чулуулар эрэ сүүмэрдэнэн киирэр үөрэхтэрин кыһатыгар киирбитэ. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн, сахаттан бастакынан идэтийбит дипломат буолбута.

Үөрэҕин бүтэрбит эдэр исписэлиис ССРС Тас дойдулар дьыалаларыгар министиэристибэтигэр үлэҕэ ылыллыбыта. Кытайга сэбиэскэй посольствоҕа референинэн анаммыта, онтон атташе буолбута. Сэбиэскэй Сойуус уонна КНР сыһыаннара саамай кытааппыт, Кытайга «култуурунай өрөбөлүүссүйэ» үгэннээн турар уустук кэмигэр икки сыл үлэлээбитэ. Салгыы Танзания холбоһуктаах өрөспүүбүлүкэтигэр, Вьетнамҥа, Нигерияҕа Сэбиэскэй Сойуус посольстволарыгар араас таһымнаах дипломатическай дуоһунастарга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

с_М_Е_Н.jpeg

Биир дойдулаахтыын көрсүһүү

Үйэ чиэппэрин устата тас дойдуларынан сырыыга туох суох буолуой?  Танзанияҕа үлэлии сылдьан, Иван Васильевич Маврикийга, Тиихэй акыйаан биир арыытыгар баар судаарыстыбаҕа, командировкаҕа барбыт. Сити кэмҥэ вице-адмирал Маслов баһылыктаах ССРС Тиихэй акыйааннааҕы байыаннай-муоратааҕы флотун ааллара кэлбиттэр. Вице-адмирал посольство эппиэттээх үлэһиттэрин аалыгар ыҥыран ыалдьыттаппыт. Саха дипломата онно соһуйуон да, үөрүөн да иннигэр, радиһынан сулууспалыыр саха уолун көрсүбүт! Мотуруос уол сулууспам сотору бүтэр, дойдубар Халымаҕа барыам, олус аҕынным диэбит.

Иван Васильевич бэйэтэ билинэринэн, кытай уонна аангылыйа тылларын үчүгэйдик, Вьетнам, Танзания уонна Нигерия сүрүн тылларын кэпсэтии таһымынан билэр эбит. Биирдэ Эмиэрикэҕэ сылдьан, АХШ Госдепартаменыгар тиийээри такси сакаастаабыт. Хара тириилээх суоппар кини Арассыыйаттан кэлбитин, аангылыйалыы олус ыраастык саҥарарын дьиктиргээбит. Тылтан тыл төрөөн, Нигерияттан төрүттээҕин туһунан кэпсээбит. Онуоха Иван Рожин нигериялыы саҥарбытыгар, соһуйан, уруулун ыһыкта сыспыт. «Умнан эрэр ийэ тылбынан кэпсэппиккэр махтанабын», – диэн харчы ылартан аккаастана сатаабыт да, саха саарына: «Арассыыйа дьоно босхо айаннаабаппыт», – диэн, таксометр төһөнү көрдөрбүтүнэн төлөөбүт. 

с_шейхом_Аль-Сабах.jpeg

Өрөспүүбүлүкэ интэриэһин өрө тутан

Нигерияҕа үлэлиир болдьоҕо туолан, 1991 сыл атырдьах ыйьгар кэлбит. Өтөрүнэн туһамматах, хас да сыллаах уоппускатын ылан сынньанар кэмигэр, Сэбиэскэй Сойуус үрэллибит, министиэристибэ үлэһиттэрин аҥаара сарбыллыбыт.

Ол кэмҥэ, оччолорго Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ Михаил Николаев ураты идэлээх биир дойдулааҕын кытары көрсөн, өрүү буоларын курдук, кэскиллээҕи өтө көрөн, бииргэ үлэлииргэ ыҥырбыта. Иван Рожин өр сылларга бииргэ үөрэммит, үлэлээбит дьонноро, бодоруспут доҕотторо Москубаҕа араас министиэристибэлэргэ, эппиэттээх дуоһунастарга үлэлии-хамсыы олороллорун, итиэннэ кинилэргэ тирэҕирэн, Саха Сирин туһатыгар элбэҕи оҥоруохха сөбүн эргитэ санаан, сөбүлэҥин биэрбитэ.

Дьэ ити кэмтэн ыла, саҥа Саха Сирин норуоттар икки ардыларынааҕы уонна тас экэниэмикэ эйгэтигэр үлэтин бастакы хардыылара саҕаламмыта. 1991 с. Бэрэсидьиэн быыбарын кэнниттэн, Иван Васильевич ЮНЕСКО дьыалаларыгар Михаил Ефимович сүбэһитинэн, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна тас экэнэмиичэскэй сибээстэргэ көмөлөһөөччүтүнэн, Канадаҕа Саха сирин бэрэстэбиитэлинэн, Москубаҕа «Хотугу Форум» норуоттар икки ардыларынааҕы тэрилтэ сэкирэтэрийээтигэр өрөспүүбүлүкэ бэрэстэбиитэлинэн үлэлээбитэ. Ол туһунан, «Саха сирэ» хаһыат 2007 с. кулун тутар 23 күнүгэр тахсыбыт нүөмэригэр Иван Васильевич маннык суруйбута: «Михаил Ефимович миэхэ саҥа тэриллиэхтээх Тас сибээс министиэристибэтин кэнсиэпсийэтин уонна тутулун барылын оҥорорго сорудахтаабыта. Сотору ити докумуону оҥорон киллэрбитим. Онно сөбүлэһиннэрии кэнниттэн, Арассыыйа Федерациятын Тас дойдулар дьыалаларыгар министиэристибэтигэр 1992 с. бигэргэтиллибитэ. Ол кэмтэн ыла 15 сыл aaha оҕуста. Бу история кэрдииһигэр кылгас эрээри, ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы анаарарга, түмүк таһаарарга, өрөспүүбүлүкэбит экэниэмикэтэ салгыы сайдарыгар өссө үрдүк сыаллары, стратегическай суолталаах соруктары туруорарга төрүөт буолара саарбаҕа суох. Ааспыт 15 сылга, ордук кэнники биэс сылга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата, Тас сибээскэ министиэристибэтэ Арассыыйа уонна Саха Сирин интэриэстэрин өрө тутан, кыраныысса таһынааҕы партнердарбытын кытары бигэ туруктаах дьыалабыай сибээстэри олохтууру ситистилэр».

с_Айсеном_Николаевым.jpeg

Ыһыаҕы Култуура сайдыытын аан дойдутааҕы 10 сылыгар аналлаах дьаһаллар чэрчилэригэр кыттыһыннарыыга, Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылын ЮНЕСКО халандаарыгар, «Өлүөнэ туруук хайаларын» Аан дойду нэһилиэстибэтин кэрискэтигэр киллэртэриигэ, өрөспүүбүлүкэҕэ тылга, култуураҕа, хомуска аналлаах норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэлэри, саха-француз, саха-кэриэйэ, саха-канада оскуолаларын тэрийиигэ уо.д.а. Иван Васильевич элбэх сыратын уурбута.

«Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар тэриллиилэригэр, РФ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын, III уонна IV оонньуулар Аан дойдутааҕы олимпийскай кэмитиэт (МОК), IV уонна V оонньуулар Азия олимпийскай сэбиэтин (ОСА), V оонньуу ЮНЕСКО чэрчилэринэн ыытыллалларын ситиһэргэ кини кылаата улахан.

ИВ_с_ДА.jpeg

Саха бастакы идэтийбит дипломата, дипломатическай үлэһиттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы ассоциацияларын чилиэнэ, «Хотугу Сулус» уордьан кавалера, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Васильевич Рожин олохтон барбыта биир сылынан кэргэнэ, Люция Константиновна, оҕолоро, аймахтара «Алаас» кинигэ кыһатыгар ахтыы кинигэтин таһаардылар.

книга.jpeg

Хаартыскалар Рожиннар архыыптарыттан ылылыннылар

  • 11
  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением