Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Самаан сайын кэлэн, үгүс дьон уоппускаларыгар ханна сынньана барабыт диэн толкуйдууллар уонна бүддьүөттэрин ааҕаллар. Дойду иһигэр Хара муора кытылыгар саамай чэпчэки сыаналаах хоһу Крымҥа, Анапа таһыгар баар Витязево бөһүөлэккэ куортамныахха сөп.  

Самаан сайын кэлэн, үгүс дьон уоппускаларыгар ханна сынньана барабыт диэн толкуйдууллар уонна бүддьүөттэрин ааҕаллар. Дойду иһигэр Хара муора кытылыгар саамай чэпчэки сыаналаах хоһу Крымҥа, Анапа таһыгар баар Витязево бөһүөлэккэ куортамныахха сөп.  

Холобур, аатырбыт Ялта куоракка биир сууккаҕа толору хааччыллыылаах хоһу 1600 солк., Витязево 1700 солк. булуохха сөп. Онон икки нэдиэлэҕэ олорор сиргэр баара-суоҕа 22 000 – 24 000 солк. барыыгын, ону таһынан, остолобуойга биир киһи 450-500 солк. тото аһыыр кыахтаах. «Пятерочка» курдук маҕаһыыннартан аскын ыллаххына, ороскуотуҥ өссө аччыыр.

Крым тумул арыытын туһаайыытынан анал байыаннай дьайыы киирсиитэ буолар турар, ол иһин бу эргин сынньанарга сыана саамай чэпчэки. Сөмөлүөт Анапаҕа, Крымҥа көппөт, онон Сочиттан, эбэтэр Минеральные Воды куораттан пуойаһынан айанныыгын.

Сочига сынньанарга сыана ыарахан, улахан санаторийдарга Турциятааҕар даҕаны үрдүк. Манна биир сууккаҕа хоһу 6500 -8500 солк. куортамныыллар, оттон күҥҥэ үстэ-түөртэ аһыыр, эмтэнэр, чэбдигирэр санаторийга сыана биир киһиэхэ сууккаҕа 10 000-25 000 солк.

Хаартыска: https://achmag.ru/?p=2563 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением