Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ киэн туттуутунан билиниллибит Олоҥхо ыһыаҕар үгэс курдук тимир уустара биир ураты миэстэни ылыахтара. Уустарга анаан туспа киин түһүлгэ тэриллиэҕэ. Ханнык туох күрэхтэр күүтэллэрий, төһө кыттааччылаах буолуоҕай? Бу туһунан Амма улууһун тимир уустарын түмсүүтүн салайааччыта Роман Алексеев билиһиннэрэр диэн «Амма олоҕо» хаһыат саайтыгар таһаарда.
“Быйылгы ыһыахха биһиги олох эрдэттэн бэлэмнэнэн, Олоҥхо ыһыаҕар тимиртэн оҥорууга алта күрэхтэһии ыытыллара былааннанар. Ол курдук, бастатан туран саханы саха дэттэрбит, быйылгы сылга географическэй ыйынньыктанан патент ылбыт саха быһаҕын уонна хомуһун тургутууга күрэхтэр ыытыллыахтара. Саха быһаҕын уустар бэйэлэрэ охсон оҥорон аҕалыахтаахтар. Онтон хомус эмиэ эрдэттэн оҥоһуллан аҕалыллан баран, тылын миэстэтигэр оҥоруохтаахтар. Үсүһүнэн, батыйа оҥоһуута киирдэ. Төрдүһүнэн, биир ураты уонна эрдэ киирэ илик кыптыый оҥоһуута баар буолуо. Билэргит курдук Аммаҕа Болугур нэһилиэгин “Сырдык” диэн учаастагыттан 1112-1118 сыллардаах кулун атах култууратын этабыттан кыптыый булуллубута. Дьэ, күрэхтэһээччилэр бу кыптыыйы тимир болгуоттан оҥорон таһаарыахтаахтар. Кыайыылааҕынан ким майгыннаппыт, үчүгэй дизайыннаах уонна сытыы кыптыыйдаах кыайыылаах тахсыахтаах. Бэһис күрэхтэһиинэн ат иҥэһэтин, уостуганын уонна боккуобатын эмиэ болгуо тимиртэн оҥоруу киирдэ. Онтон алтыһынан, үгэс буолбут төрүт ох саатын оҥорууга күрэхтэһиэхтэрэ. Ох саатын быһаарыыга ытан көрөн, ким киэнэ ыраах көтөрүнэн кыайыылааҕы быһаарыахтара. Маны сэргэ маастар кылаастар түһүлгэбитигэр ыытыллыахтара. Маастар кылааска Чапчылҕан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ хайдах уус дьыалатыгар үөрэнэллэрин холобур быһыытынан көрдөрөн, өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыгар тарҕатыахтаахтар. Бу күрэхтэрбитигэр билигин сайаапка быһыытынан 15 улуус кыттарга баҕатын биллэрэн олорор. Күрэхтэрбитигэр бэлэмнэн билигин уустарбыт хас да сиринэн болгуо тимир уһаара сылдьаллар уонна ыһыах кэмигэр өссө уһааран көрдөрүөхтээхтэр. Онтон ыытыллар күрэхтэргэ бэйэбит улууспутуттан барытыгар кыттарга былааннанабыт. «, — диэн Роман Александрович кэпсээтэ.
“Амма олоҕо” хаһыат
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0