Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 9 oC

Саха Сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев күн сириттэн күрэммитэ биир сылыгар бүгүн, атырдьах ыйын 4 күнүгэр төрөөбүт дойдутугар, Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр кэриэстэбил буолан ааста. Манна өрөспүүбүлүкэ салалтата, урут кинини кытта бииргэ үлэлээбит суудаарыстыбаннай диэйэтэллэр, Ил Түмэн дьокутааттара, доҕотторо, аймахтара муһуннулар.

Саха Сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев күн сириттэн күрэммитэ биир сылыгар бүгүн, атырдьах ыйын 4 күнүгэр төрөөбүт дойдутугар, Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр кэриэстэбил буолан ааста. Манна өрөспүүбүлүкэ салалтата, урут кинини кытта бииргэ үлэлээбит суудаарыстыбаннай диэйэтэллэр, Ил Түмэн дьокутааттара, доҕотторо, аймахтара муһуннулар.

Свято-Троицкай Таҥара дьиэтигэр буолбут литургияны Саха Сиринээҕи уонна Ленскэйдээҕи архиепископ Роман ыытта. Таҥара үөрэҕэ этэринэн, киһи сырдык тыына өлбөт, орто дойдуга дьоҥҥо оҥорбут үтүөтүнэн, сылаас сыһыанынан ырай дойдутугар барар.

1

Бастакы бэрэсидьиэн көмүс уҥуоҕа бу Таҥара дьиэтин таһыгар харалла сытар, онно дьон-сэргэ тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурда.

Ил Дархан Айсен Николаев күн-дьыл баран истэҕин аайы балысханнаах 1990-ус сылларга өрөспүүбүлүкэни Михаил Ефимович сөптөөхтүк салайан, өрө таһаарбытын дьэҥкэтик өйдүүрбүтүн бэлиэтээтэ.

7

«Биһиги кыайыыларбытыгар-хотууларбытыгар барытыгар кини этиитэ, тыына баар курдук. Саха омук баарын тухары өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа кини аата куруук көмүс буукубанан сурулла сылдьыаҕа.  

Кини хас биирдии киһи үөрэхтээх, доруобай, чөл туруктаах буолуохтаах, дойдутугар туһаны аҕалыахтаах диэбитэ национальнай сорук буолла. Араас омук олорор өрөспүүбүлүкэтин кини уустук кэмҥэ салайан, үгүс тургутугу ааһан, саҥа кэрдиискэ таһаарбыта», — диэн эттэ Айсен Николаев.

4

Бастакы бэрэсидьиэн албан аатын үйэтитэргэ 2023 с. сэтинньи 13 күнүгэр Ил Дархан ыйааҕа тахсыбыта. Уопсастыбаннас аатыттан тыһыынчанан киирбит этиилэртэн күн бүгүн сороҕо номнуо олоххо киирдэ. Михаил Николаев аатынан проспект баар буолла, ону таһынан, Сэргэлээх суолун кытта быһа охсуһууга кини аатынан болуоссат оҥоһуллуоҕа, онно пааматынньыгын туруоруохтара.

Болуоссакка дууһатын уурбут университеттарын кампустара, киинэ павильона тутуллуоҕа. 1990-ус сыллар саҥаларыгар Михаил Николаев инникини өтө көрөн, «Сахафильм» хампаанньаны төрүттээбитэ.

2 1

Бастакы бэрэсидьиэн кыыһа Ольга Андросова Михаил Ефимович улахан судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, амарах аҕа, эйэҕэс эһэ быһыытынан сүрэхтэригэр өрүү баарын туһунан эттэ. Кини «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы кэмитиэт туттарбыт уордьанын Николаев киинигэр дьон көрө сырыттын диэн биэрэллэрин иһитиннэрдэ.

Сиһилии "Ил Түмэн" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыҥ. 

Ариан Иванов хаартыскаҕа түһэриитэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ситим салҕанар

2020 сыллаахха Саха Сирин кэриэй хааннаах сыдьааннара өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан…
12.09.24 14:36