Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 9 oC

Тыа сиригэр хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитииттэн ураты үлэ суох. Саамай баай дьон быраастар уонна учууталлар. Атыттар ким хайдах сатыырынан эбии дохуот оҥостоллор. Сорохтор инбэлиит босуобуйатын кытта уһаттараллар.

Тыа сиригэр хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитииттэн ураты үлэ суох. Саамай баай дьон быраастар уонна учууталлар. Атыттар ким хайдах сатыырынан эбии дохуот оҥостоллор. Сорохтор инбэлиит босуобуйатын кытта уһаттараллар.

Сир түннүгэ

Уоһук тырахтарыыстыы сылдьан, сопхуоһа ыһыллыбытын кэннэ үлэтэ суох хаалбыта. Биир кыра нэһилиэккэ туох да дьарыга суох олорор чуҥкуга бэрт, онон кыра-кыралаан иһэр-аһыыр буолбута. Дьоно уолбут Иосиф Сталин курдук кытаанах, кыахтаах киһи буолуо диэн улуу сирдьит аатынан ааттаабыттарын сахатытан Уоһук дииллэр.

Кэргэнэ хоту улуустан сылдьар, кыра уҥуохтаах, хатыҥыр дьахтар. Ити кыратын көрүмэ, оҕонньорун кытта тэҥҥэ исиһэр. Аны иккиэн итирэн быстыбаттарыттан дьон сөҕөр. Дьиэлээх хаһаайын сопхуоска үлэлии сылдьан атаҕын эчэтэн, доҕолоҥ буолбута, онтон сылтаан инбэлииккэ таһаарбыттара. Биэнсийэтэ уонна инбэлиитин босуобуйата кэлэн, син ботуччу харчыны тутан, күннүүр идэлээх.

Сарсыардаттан кыратык кыраадыстаах утаҕын эбинэн, Уоһук обургу харса суоҕар түһэн, нэһилиэк ыалын барытын кэрийэн, бастакынан сонуну билэр идэлээх.  Билигин аныгы дьон социальнай ситиминэн ханна туох буолбутун ааҕан билэр, оттон кини куйаар ситимэ өссө үөдүйүөн инниттэн ким кими кытта сиэттиспитин, кимтэн оҕоломмутун, ханна итирэн охтубутун, кими кырбаан тутуллубутун барытын эндэппэккэ билэр чуор кулгаахтаах.

Оннук дьону кытта сатаан кэпсэтэр, эдэри-кырдьаҕаһы кытта түргэнник уопсай тылы булар, уруккуну-хойуккуну, билиҥҥини барытын билэр сир түннүгэ кини. Сорох дьону кытта дорооболоһоот ааһа тураҕын, оттон кинини кытта дьэ, тиэмэ булан арааһы бары сэлэһэҕин. Хоммут уоһу өһүлэр, сэһэҥҥин таһаарар киһи кини баар. Оннооҕор оҕолору кытта кэпсэтэр, тугу оонньуулларын интэриэһиргээбитэ буолан, дьоно ханна барбыттарын-кэлбиттэрин ыйыталаһар. Иилэ хабан ылан, кэпсиэ да суоххун кэпсэтэр.

png clipart silhouette of man holding cane silhouette person graphy old age silhouette man on crutches people business man thumbnail

Абытайдаах артыыс

Биирдэ Уоһук атаҕа үтүөрбүт, тайаҕын бырахпыт үһү диэн сурах иһилиннэ. Онон инбэлиитин устаары улуус киинигэр хамыыһыйаҕа ыытар буоллулар. 

Сарсыныгар Уоһук туос ама биэрэккэ киирэн куораттыыр мотуордаах оҥочолору манаһар. Бороҥ дьүһүннээх мааны бинсээгин, бейсболкатын кэтэн, тайаҕыттан тутуһан, киһилэрэ нэһиилэ хаамар. Оҥочону кэтэһэн олорор дьон: «Хайа, Уоһук, бу ханна бардыҥ?”, — дэһэллэр.

«Ньурбаҕа хамыыһыйаҕа ыҥырдылар, инбэлииккэ тахсыбыппын уһаттарыахпын баҕарабын, атаҕым олох бэргээтэ. Чэ, хайыыллар, уһаталлар дуу, суох дуу?!», — диэн өрө тыынар. Көрсүбүт киһитин аайы: «Айыка-айака, атаҕым ыалдьан иэдэттэ, сорбун сордоото, куоракка киирэн эмп анаппыт киһи», — диир.

Дьон аһынан, мотуордаах оҥочоҕо икки өттүттэн өйөөн киллэрэллэр, киһилэрэ улахан айдаанынан нэһиилэ айгыстан киирэр. «Тохтоо, нокоо, сэрэнэн тардыый киһи атаҕын, ыалдьар дии!», — диэн орулуур. Мотуордаах Бүөккэ: «Оо, алҕас, бырастыы гын, оҕолоор, убайгытын үчүгэй сиргэ иннигэр олордуҥ!”, — диэн хамаандалыыр. Бүгүн эбэ үрүҥ күүгэнинэн долгуннура турар, онон дэлби сахсыллан, массыынанан айаннаан иһэр курдук өрө эккирээн тиийдилэр.

Уоһук атаҕын ыарыытыттан оҥочоттон нэһиилэ сыылан таҕыста, дьон өйөөн-убаан, поликлиникаҕа илдьэн биэрдилэр. Бырааска киирэргэ уочарата кэлбитигэр өссө буорайда, нүксүччү туттан, салҕалас илиитинэн тайаҕыттан тутуһан, доҕолоҥноон киирдэ. Эдэр быраас аһынан эмп бөҕөтүн суруйда.

Улуус киинигэр маҕаһыыҥҥа кыраадыстаах утаҕы остуол аннынан кистии-саба атыылыыллар. Арай ыраахтан ким эрэ хаһыыта-ыһыыта, үөрэр-көтөр саҥата иһилиннэ. Уоһук орто холуочук дьону «бырааттарым, балтыларым, эдьиийдэрим» дии-дии барыларын ыга кууһа сылдьар. Дьон соһуйан: «Хайа, Уоһук, торуоһуҥ?!», — дэһэллэр. Уол: «Ээ, билбэтим», — диэн саннын ыгдах гыннарар. Ким эрэ мас булан «манна тайан» диэн утары уунна.

Киэһэ дьиэлэригэр бараары мотуордаах оҥочоҕо киирэргэ биэрэктэн бэрт үрдүк кирилиэс устун хааман түһэллэр. Уоһук харса суоҕар түһэн: «Бу тайах аны туохха да туһата суох!», — диэт элээрдэн кэбистэ. Ки­һи­лэрэ кирилиэс устун сүүрэн түстэ, өс­сө «эдьиийдэрбэр көмөлөһөбүн» диэн дьахталлар ма­ҕаһыыҥҥа сылдьан толору симиммит суумкаларын тутуһан биэрдэ.

«Хайа, хамыы­һы­­йаҕар туох диэти­лэр?», — Зинаида Про­копьевна ыйытта. Уоһук сүргэтэ көтөҕүллэн, хараҕа уоттанан: «Уһаттылар», — диэн кылгастык хардарда. “Уоһукпут аптаах утаҕын иһэн, тайаҕар да наадыйбат буолбут”, — дьахталлар күлүстүлэр. 

Эдэр уол курдук ойуоккалыы сылдьар

Соһуйуохтарын иһин, ким да көмөтө суох мотуорга ойон киирдэ, бу аҕыйах хонуктааҕыта эрэ икки өттүттэн өйөөн киллэрбит, нэһиилэ хаамар тайахтаах киһилэрэ букатын атын. Оҥочоҕо киирэргэ-тахсарга сальтолаабат эрэ, эдэр уол курдук ойуоккалыы сылдьар, дьахталларга көмөлөһөр, үчүгэй миэстэни булан биэрэр. Бэйэтэ кэннигэр саамай тыаллаах сиргэ олордо. Оҥочо биэрэктэн хоҥнубутун кэннэ, бакыатын кучугуратан, бытыылкатын хостоон, “кыл” гыннарда.

Нэһилиэктэригэр тиийбиттэрэ кэргэнэ биэрэккэ кэтэһэн турар. Уоһук ыстаанын тобугар диэри тиэрэн, оҥочоттон бастакынан ойон таҕыста, ууну кэһэн, куорпуһу биэрэккэ тардан, кумахха хорус гына түстүлэр. Уоһук тыыттан дьахталлары сиэтэн таһаарда, суумкаларын таһан, кытылга уурда.

Кэһиитин бакыат иһигэр толугуруу сылдьар үс-түөрт бытыылканы уонна биир халбаһыны аҕалбытын көрөн, Туйаара имэ тэтэрэ түстэ, үөрэн кыараҕас хараҕа көстүбэт буолан хаалла. Уоһугу кууһа-кууһа сыллыыр да сыллыыр.  

Уоһук хамыыһыйатын сыл ахсын барар, бырааска көрдөрө киирэрэ чугаһаатаҕына атаҕа ыалдьан, кыайан хаампат буолан хаалар. Тайаҕыттан тутуһан, абытай-обутай бөҕөтүн түһэрэн, нэһиилэ доҕолоҥноон киирэр. Инбэлиитин уһаппыттарын кэнниттэн тайаҕын туора быраҕан кэбиһэр: «Бу торуос миэхэ мэһэйдиир!», — диир. Нэһилиэккэ арыгы атыылыыр туочукаларын диэки тэбинэн иһэрин көрөллөр. Ханна эрэ «спецзаданиеҕа» баран иһэр курдук киһилэрэ хаамара кытта түргэтиир, туттара-хаптара сыыдамсыйар.

Биир кыыстаахтара соҕуруу үөрэнэн баран устунан онно хаалан хаалбыт, бу диэки өтөрүнэн кэлэр санаата суох. Олохтоох уолга кэргэн тахсан, икки оҕоломмуттара эрээри, Уоһуктаах сиэннэрин биэс сылга биирдэ көрөллөр. Бары дьиэ кэргэнинэн кэллэхтэринэ, айан ороскуота сыаналаах диэн хам-түм көстөллөр. Онон эмээхсиннээх оҕонньор тэлэбииһэр сонунуттан салҕан хааллахтарына, иккиэйэҕин утары көрсөн олорон кыраадыстаах утахтарын хостоон, онон сэргэхсийэн олороллор.

Быраҕыллар торуос

Биир эмит күн Уоһук төбөтө ыалдьан, күөмэйэ кууран, туочукаҕа тиийэн, ыалларын аанын тоҥсуйар. «Балтым Биэрискэ, убайгар биир бытыылката иэһиириҥ буоллар. Атаҕым ыалдьан, илиибин илибирэтэр, бу торуоһум салыбырыы турар», — диир. Хараҕа ааттаһан-аһыннаттаран, тыалга тэлибирии турар сэбирдэх курдук уҥуоҕа сап-салҕалас. 

Биэрдэхтэринэ үөрэн сэгэс гына түһэр: «Туохха эмит наадыйдаххытына этээриҥ, мин начаас кэлэн көмөлөһүөм, маскытын хайытан биэриэм. Бээ, тохтоо, итиннэ аччык бөрөлөр тураллар, аны миигин сахсыйыахтара», — диэбитинэн бытыылкатын сиэҕин иһигэр кистиир. Бэйэтин курдук абырах көрдүү сылдьар дьон Уоһугу тутан ылан, баарын былдьаан ылыахтарын сөп. 

Уоһук наадатын ситиһээт, торуоһун эмиэ илиитин таһынан элээрдэн кэбиһэр. Атаҕа көрдөрбүтүнэн үтүөрэн хаалар. Куоракка хамыыһыйаҕа киирэригэр биирдэ тайахтанар, поликлиникаҕа чугаһаатаҕына доҕолоҥнуура өссө бэргиир, хаамара кытта бытаарар. Көрдөрөн бүтэн, инбэлиитин босуобуйата уһатыллан, дьиэтигэр барарын саҕана өрүс биэрэгин үрдүттэн торуоһа эмиэ туора быраҕыллар. Мотуордаах оҥочо ууну хайытан, суолу таһааран, күҥҥэ күлүмүрдүү оонньуур таммахтары икки аҥы сэниэлээхтик ыһан, иннин диэки субуруйа турар. 

Ойуу куйаар ситимиттэн. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ситим салҕанар

2020 сыллаахха Саха Сирин кэриэй хааннаах сыдьааннара өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан…
12.09.24 14:36