СӨ Тас сибээстэргэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Сергей Хатылыков этэринэн: “Саха Сирин үтүө санаалаах көмөлөһөөччүлэрэ буоларын курдук, бу да сырыыга туора турбакка, Курскай олохтоохторугар илиилэрин утары уунан көмөнү хомуйан саҕалаатылар.
Атырдьах 17 күнүгэр Саха Сириттэн бастакы баартыйа Курскайга өрөспүүбүлүкэ Москубатааҕы бастайааннай бэрэстээбитэлэстибэтин нөҥүө атаарыллыаҕа ”. Ону тэҥэ, СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтэ биллэрэринэн, өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэтэ көмөнү оҥорууга биир маҥнайгынан турунан, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо бастакы наадалаахтары хомуйда.
Билигин дойдубут болҕомтото барыта Курскай уобаласка хатанан турар, Арассыыйа олохтоохторо балаһыанньаны кыраҕатык кэтииллэр уонна эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмөлөһөргө бэлэмнэр.
Россия бары муннуктарыттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо волонтердар көмөнү оҥоро тиийдилэр.
Ким волонтер буолуон баҕарар, бу сигэнэн сайаапканы толоруҥ:
https://vk.cc/cheQJq
Саха Сирэ бүттүүнэ эhигини кытта!
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0