Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 9 oC

Саха Сиригэр дьахталлар 50-нарын, эр дьон 55-ин туоллахтарына накопительнай (уурунуу) биэнсийэлэрин ылыахтарын сөп. Харчы биирдэ төлөнөр. Биллэн турар, массыына, даача, сир учаастагын атыылаһарга, ипэтиэкэҕэ бастакы усунуоһу угарга ырааҕынан тиийбэт эрээри, халлаантан түһэр үп туох куһаҕаннаах буолуой?

Саха Сиригэр дьахталлар 50-нарын, эр дьон 55-ин туоллахтарына накопительнай (уурунуу) биэнсийэлэрин ылыахтарын сөп. Харчы биирдэ төлөнөр. Биллэн турар, массыына, даача, сир учаастагын атыылаһарга, ипэтиэкэҕэ бастакы усунуоһу угарга ырааҕынан тиийбэт эрээри, халлаантан түһэр үп туох куһаҕаннаах буолуой?

Хамнастан  6% төлөммүтэ

Санатан эттэххэ, 2002-2014 сылларга үлэлээбит дьон хамнаспытыттан 6% уурунуу биэнсийэҕэ төлүү олорбуппут, биэнсийэ страховой чааһыгар хамнас 16% тутуллара. Ону таһынан, уурунууга үлэһит бэйэтэ эбии үбү, ийэ хапытаалын угуон сөп этэ. Оччолорго Биэнсийэ пуондатын дохуота кыра буолан, дьон судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондаларын бэйэлэрэ талан,кинилэри кытары дуогабар түһэрсэн, үптэрин онно укпуттара. Кинилэр ол үбү облигацияҕа уонна аахсыйаҕа уган, инвестиционнай дохуот ылаллар. Өскөтүн үбү угууга сөпкө дьаһаннахтарына уонна  барыс ыллахтарына, уурунуу биэнсийэҥ хас да сыл тухары улаата сытыахтаах. Уурунуу биэнсийэ тус сирэйдээх счекка мунньуллар, инвестиция хаамыытынан дохуот ааҕыллар.

Тус бэйэм «Лукойл» пуондатыгар укпутум кириисис кэмигэр ньиэп сыаната түһэн, инвестиционнай дохуот эмиэ аччаабыта, ол иһин «Газпромҥа» көспүтүм. Бу күннэргэ «Госуслуги» киирэн, докумуоннарбын хасыһан көрбүтүм, реорганизация кэмигэр уурунуу биэнсийэбин олох даҕаны «Открытие» пуондаҕа биэрбиттэр, онтон «ВТБ» бааҥҥа ыыппыттар.   

Уурунуу биэнсийэҕэ хамнастан усунуоһу төлөөһүн 2014 с. тохтотуллан, үлэлиир тэрилтэҕит страховой биэнсийэҕитигэр акылааккыт 22% төлүүр. Страховой биэнсийэ кээмэйэ биирдиилээн киһиэхэ тус-туһунан көрүллэр биэнсийэ коэффициенынан ааҕыллар. Онно хас сыл төһө хамнаска үлэлээбитиҥ, хас оҕолооҕуҥ, кинилэр саастара учуоттанар. Оттон уурунуу биэнсийэҥ инвестиционнай дохуот быһыытынан харчынан улаата сытыахтаах.

Арассыыйаҕа уурунуу биэнсийэни дьахталлар 55-гэр, эр дьон 60 саастарыгар ылаллар. Саха Сиригэр 5 сыл эрдэ биэрэллэр, өскөтүн үлэҥ ыстааһа эппиэттэһэр түгэнигэр. Уурунуу биэнсийэҕэ үбү уган, ону улаатыннарыынан судаарыстыбаннайа суох пуондалар, эбэтэр Арассыыйа Социальнай пуондата дьарыктаналлар.

Биэнсийэҕэ тахсар сааскын туоллаххына, үлэлээбит сылларыҥ тухары хас баалы мунньубуккун суоттаан, страховой биэнсийэни аныыллар. Билигин инники биэнсийэҕэр хамнаһыҥ быһа холоон, чиэппэрэ тутуллар, ол сиэринэн ким кыра хамнаска үлэлээбит кыра биэнсийэни ылыахтара, оттон судаарыстыбаннай сулууспалаахтар, бырамыысыланнас, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ биэнсийэлэрэ ботуччу буолуоҕа.

imageFaPppGHMcdEe

Төһө харчы баарый?

Арассыыйа Социальнай пуондатыгар 37,3 мөл. киһи уурунуу биэнсийэтин мунньар, ол үп кээмэйэ 2 трлн. солк. куоһарда.  2023 с. пуонда салайар хампаанньалара 7,6 % дохуокка таҕыстылар. 

Социальнай пуонда Саха Сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн,  маннык биэнсийэни 1967 с. бэттэх төрөөбүт, билигин үлэлии сылдьар дьон ылар кыахтаахтар. Ону таһынан, 1953-1966 сс. төрөөбүт эр дьон, 1957-1966 сс. төрөөбүт дьахталлар, кинилэр биэнсийэлэрин уурунуу чааһыгар үлэлээбит тэрилтэлэрэ 2002-2004 сс. усунуос төлөөбүт түгэнигэр. 2005 с. сокуон уларыйан, ити төлөбүр 1966 с. диэри төрөөбүт дьоҥҥо тохтотуллубута. Биэнсийэни кыттыгас үбүлээһин судаарыстыбаннай бырагырааматын кыттыылаахтара, ийэ хапытаалын укпут дьон эмиэ уурунуу биэнсийэни ылар бырааптаахтар.

Төһө харчы уурунуу биэнсийэҕэр баарын уонна салайар хампаанньаҥ аатын «Госуслуги» порталга докумуоннар, үлэ уонна биэнсийэ, уурдарыы салаатыгар киирэн көрүөххүн сөп. Социальнай пуонда килийиэннэри кытта үлэлиир саалатыгар тус сирэйдээх счеттан выписканы эмиэ бэчээттээн биэрэллэр. 40 саастарын туолбут дьахталларга, 45-ин сиппит эр дьоҥҥо үс сылга биирдэ итинник выписканы ыыталлар. 

Уурунуу биэнсийэни ыларга булгуччу сайабылыанньа суруйуллар. Өскөтүн судаарыстыбаннайа суох пуонданы кытта дуогабардаах түгэҥҥэр, кини аатыгар ыытаҕын.

Күннээҕи ороскуокка бүппүтэ

Айталина Аргунова, 51 саастаах:

– 50 сааспын туоларбар уурунуу биэнсийэбин ылбытым. Биллэн турар, харчы кэлэрэ үчүгэй эрээри, суумата кыра буолан, салгыы үпкүн улаатыннарарга, холобур, даачаны дьиэни атыылаһарга бастакы усунуоскун да төлүүргэр тиийбэт. Онон күннээҕи ороскуокка туттуллан бүппүтэ, киһи биирдэ олорор диэн баран оҕолорбун кытта соҕуруу баран сынньанан кэлбиппит. Ас-таҥас, саҥа миэбэл оннугар дьиэ кэргэҥҥин кытта саҥа дойдуну көрөн, астына-дуоһуйа сынньаммыккын, дьоллоох күннэри атаарбыккын өйдөөн хаалаҕын.

Биэнсийэм кыра буолан, салгыы үлэлии сылдьабын, хаһан үүрүөхтэригэр диэри (күлэр). Дьиҥэр, киһи орто омурҕанын туоллаҕына, оҕолор улаатан, дьахтар бэйэтин туһугар хайдах баҕарарынан олоруохтаах, үлэттэн ураты сөбүлүүр дьарыктаах буолуохтаах дииллэр. Онон баҕар онлайн үлэҕэ көһүөм, аныгы үйэҕэ оннук үлэ элбэх.

Ольга Петровская, 56 саастаах: 

– Уурунуу биэнсийэбин Сбербаан судаарыстыбаннайа суох пуондатыгар мунньан ылбытым. Кыра кыыһым сыбаайбатыгар туттубутум. Уруу киэһэтэ киһи олоҕор биирдэ буолар кэрэ-бэлиэ түгэн. Кыыһым ымсыырбыт былааччыйатын, киэргэлин атыыласпыппыт, Табаҕа тоҕойугар өрүс үрдүгэр бэрт кыраһыабай сиргэ буолбут банкет ороскуотун күтүөт дьонун кытта кыттыһан төлөөбүппүт. Хаартыскаҕа түһэн, видеоҕа уһуллан, муусука доҕуһуоллаах ролик, бүтүн киинэ оҥорон биэрбиттэрэ. Үйэ саас тухары өйдүү-саныы сылдьар курдук.

Билигин үлэлии сылдьабын, баҕар, аҕыйах сылынан оҕолорбутугар соҕуруу кыстыы барыахпыт, сиэннэрбитин көрүөхпүт. Уурунуу биэнсийэ улахана эбитэ буоллар, киһи харчытын инвестиция быһыытынан, дьиэҕэ-уокка угуо этэ. Билигин дьиэ сыаната наһаа ыараата, оттон биэнсийэ, хамнас үрдүүрэ онно эппиэттэспэт.

Саха Сиригэр орто биэнсийэ 27 407 солк.

2024 с. кулун тутарыгар Арассыыйа эрэгийиэннэригэр ыытыллыбыт ыйытыкка кыттыбыт 3500 киһиттэн 61%  биэнсийэҕэ тахсан баран салгыы үлэлиибит диэбиттэр. 56% харчыга наадыйаллар, ол иһин аҕам саастарыгар үлэлииллэр, 18% инвестицияттан дохуот ылаллар, 16% дьиэни-уоту куортамнаан эбии харчыланаллар, 7% оҕолоро көмөлөһөллөр, 3% улахан нэһилиэстибэ ылалларын туһунан эппиттэр.  

Аҥаардас биэнсийэҕэ киһи кыайан олорбот, бу дохуот биир эрэ көрүҥэ. Ол иһин сааһыран баран сынньалаҥнык олоруох оннугар үлэлии сылдьар киһи ахсаана элбэх.

Холобур, билигин Арассыыйаҕа 30 000 солк. биэнсийэни ыларга 93 000 солк. хамнастаах буолуохтааххын, ону ситиһэргэ 33 сыл үлэлиэхтээххин. Биир сыл иһигэр муҥутаан 10 пенсионнай баал ылыаххын сөп, маннык баал 160 000 солк. хамнастаах дьоҥҥо ааҕыллар. Баалыҥ төһөнөн элбэх, оччонон биэнсийэҥ үрдүк.

Социальнай пуонда Саха Сиринээҕи салаата чуолкайдыырынан, 2024 с. от ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ орто биэнсийэ 27 407 солк. тэҥнэстэ.

7cf97e1a889d818f0eefc3f2a652280f

Омук сиригэр быйылгы дааннайынан, саамай үрдүк биэнсийэни Испанияҕа 3060 фунт стерлинг, ол аата ыйга 356 000 солк. ылаллар. Кинилэр биэнсийэҕэ 65 саастарыгар тахсаллар, итиэннэ мэдиссиинэ өҥөтүнэн босхо туһанар кыахтаналлар. Онон биэнсийэлэрин бэйэлэрэ билэллэринэн тутталлар.

Иккис миэстэҕэ АХШ турар, Эмиэрикэ олохтоохторо ортотунан 2880 фунт стерлинг, 336 000 солк. биэнсийэлээхтэр. Ону ыларга 35 сыл тухары хамнастарын 12,5% пенсионнай ситимҥэ төлүүллэр. 65 ааспыт дьон кэккэ босхо мэдиссиинэ көмөтүнэн туһаналлар.

Үһүс миэстэни Германия ылар, ньиэмэстэр муҥутаан 2140 фунт стрелинг, ол аата 249 000 солк. биэнсийэни ылаллар.

Кинилэр биэнсийэлэрэ инфляцияны, хамнаһы кытта тэҥҥэ сыл ахсын үрдээн иһэр.

Омуктар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, аан дойдуну кэрийэр, таптаабыт сирдэригэр сынньанар, бэйэлэрин тустарыгар олорор, аһымал санаа аахсыйатынан дьарыктанар идэлээхтэр. Оттон биһиги дойдубутугар биэнсийэттэн атын эбии дохуота суох дьон кырдьан сэниэлэрэ бүтүөр диэри үлэлииллэригэр тиийэллэр. Ол эбэтэр  аҥаардас 27 407 солк. биэнсийэҕэ олорор күчүмэҕэй. 

Хаартыска: куйаар ситимиттэн. 

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ситим салҕанар

2020 сыллаахха Саха Сирин кэриэй хааннаах сыдьааннара өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан…
12.09.24 14:36