Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева (Хотугу сири төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарын боппуруостарыгар уонна Аартыка дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ) бэлиэтээбитинэн, “Боотур” анал байыаннай үөрэххэ бэлэмниир Киин аатыттан сибээс тэриллэрин ыларга үбүнэн көмө наадатын туһунан сурук кэлбит. Онуохаҕа өрөспүүбүлүкэ парламенын 35 дьокутаата наадалаах 181 тыһ. солк. уу харчынан хомуйан, байыастарга анаан, “Боотур”көҥүл этэрээт бэрэстэбиитэлигэр Иннокентий Спиридоновка туттардылар. Кини сибээс тэрилэ боруоҥҥа олус наадалааҕын чорботон: “ Билигин биһиги Оборуона министиэристибэтин кытары дуогабар түһэрсэбит, ол кэннэ тута Анал байыаннай дьайыы сиригэр тиийиэхпит. Боруоҥҥа уопсай сибээс барыта сабыллар, онон анал координациялыыр сибээһэ суох сатаммаппыт. Бу эһиги көмөҕүтүнэн ылыллар сибээс ыстаансыйата байыастарга олус наадалаах, элбэх дьон тыынын харыстыаҕа”, -диэн эттэ.
Байыастарга махтанан туран, норуот дьокутааттара Иван Луцкан уонна Прокопий Рахлеев биир идэлээх дьокутааттара туора туран хаалбакка, өйөөн, маннык сибээс тэрилэ ылыллан боруоҥҥа туһалыаҕа диэн эрэнэллэрин биллэрдилэр уонна Саха Сириттэн сылдьар байыастар этэҥҥэ, кыайыы көтөллөөх дойдуларыгар төннөллөрүгэр алгыстарын анаатылар.
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















