Балаҕаны Саха үс көрүҥун туттан олорор үгэстээх Кыстык балаҕан, сайылык, отордуур балаҕан диэн. Балартан саамай кичэллээхтик биллэн туран кыстык балаҕан оҥоһулллар. Балаҕан ыйыгар отордуур балаҕаҥҥа олоро туһэн баран, Сэмэнэптэн кыстык балаҕаҥҥа көһөллөр ол аата балаҕан ыйын 14 күнүгэр. Сэмэнэп (Сибэтиэй Симеон Столпник ). Ыал үксэ отторун үлэтэ бүтэн «кыдама сууйуута» диэн алаадьы сииллэрэ. Мас сэбирдэҕэ түһэр. Тайах, таба сүүлэ саҕаланар, өрүс балыга муораҕа айанныыр. Кылгас кэмҥэ, сайын иккистээн эргийэн, дьахталлар «быттанар» үтүө күннэрэ үүнэллэр. Ый 21- с күнүгэр «сырдык» уонна «хараҥа» тэҥнэһэр, мантан ыла түүн баһыйан барар, онон күн-дьыл хонугунан ааҕыллар буолар. Былыргынан эттэххэ, эргэ дьыл саҕаланар. «Балаҕан ыйа кулун тутар ыйы батыһар». Ый өксүөннээх уонна 20-с чыыһыла диэки сайын эргийэр, ону «дьахтар быттанар кэмэ» дииллэр. Икки ардахтаах: кус барар уонна от-мас ииктэтэр (ый бүтүүтэ эбэтэр алтынньы саҥатыгар). Оту-маһы хайдах ииктэтэринэн кэлэр сааһы билгэлииллэр. Тыала биир: көтөҕө түһэрэр тыал. Балаҕан ыйынан кыһын хойутуон дуу, эрдэлиэн дуу быһаараллар.
Балаҕан ыйын билгэтэ.
Балаҕан ыйын 3 күнэ – бу күн күннээх буоллаҕына, аччаабыта өссө 4 нэдиэлэ үчүгэй күн-дьыл туруоҕа.
Балаҕан ыйын 5 күнэ – хаһыҥ түһэр.
Балаҕан ыйын 8 күнэ – сарсыарда дьыбардаах буоллаҕына, кыһын эрдэ кэлэр уонна тыйыс буолар. Хортуоппуйу хостооһун саҕаланар.
Балаҕан ыйын 10 күнэ – көмүс күһүн. Собо тиксэр (күөл кытыытыгар тахсар).
Балаҕан ыйын 13 күнэ – туруйа барар.
Балаҕан ыйын 14 күнэ – Сэмэнэп таҥара, саха ыала отордууртан кыстыкка көһөр кэмнэрэ. Куорат ыала дачаларыттан дьиэлэригэр куораттааҕы дьиэлэригэр көһөллөр. Бу күн былыттаах уонна ардахтаах буоллаҕына, күһүн уһуур.
Балаҕан ыйын 14-21 күнэ – Дьахтар сайына саҕаланар, дьахтар сайынын бастакы күнэ ыраас, чаҕылхай буоллаҕына – ичигэс күһүн. Силбиктэннэҕинэ – кураан күһүн.
Балаҕан ыйын 19 күнэ – хаар хаһыҥ түһэр. Үөл кус балаҕан ыйын 30-гар диэри барар, аҕарым буолар.
Балаҕан ыйын 20 күнэ – хаастар бараллар, аҥыр хаһыытыыр.
Балаҕан ыйын 24 күнэ – Ый туолуута. Силбик түһэр.
Балаҕан ыйын 27 күнэ – Иһийээнэп Сир тоҥор таҥарата. Эһэ арҕаҕар, моҕотой хороонугар киирэллэр. Муора хааһа соҕуруу баран бүтэр. Кус-хаас үөһэнэн айаннаатаҕына, уһун кураан күһүн буолар
Балаҕан ыйын 28 күнэ – үүнээйи силис тардара тохтуур. Эһэ сэттэ күн устата аһыырын баанан, утуйарга оҥостор. Анды оҕото барар. Хотуттан тыалырдаҕына, курас, тымныы күһүн буолар.
Быйылгы сайыммыт
Быйылгы сайыммыт ортотунан үчүгэй сайын буолла үгүс улуустарга бэс ыйыгар ардаабакка оппут хойутаан сиппитэ да, үгүс сирдэргэ кыстыыр отун булуннулар. Соҕуруу улуустарбытыгар курааннаата уонна Хаҥалас эргин ардаабакка эмиэ ыксата сырытта. Сир аайы баһаардар тураннар эмиэ Россия таһымнаах ыксаллаах балаһыанньа биллэриллибитэ, ол улахан туһалаах буолла бүтүн Россияттан баһаарынайдар кэлэн көмөлөстүлэр онон баһаары кыайдылар. Ол гынан сир аайы сир аһа , оҕуруот аһа өлгөмнүк үүнэн бэртээхэй сайын ааһан эрэр.
Күммүтүгэр улахан эстиилэр быйыл балай да буолла күн муҥутуур активнаһын былырыын 2023 сылга туораабыппыт, халламмыт кыта кыыһан умайан турардаах, Аны мантан ыла кураан сыыйа сүтэн үчүгэй өҥ дьыллар үүнүөхтэрэ. Онон сүөһү - сылгы көрөөччүлэргэ, сиринэн дьарыктанааччыларга үчүгэй сыллар кэлиэхтэрэ бу дьыллары былдьаһан сүөһү ахсаанын элбэтэн, ыһыы сирин улаатыннаран иһиэҕиҥ, урукку көрдөрүүлэргэ тиийиэҕиҥ.
Сылын аайы “Үргэл” сулуспут хаамыытын кэтээн көрөрбүнэн быйылгы сыллаахха “Үргэлбит” ыйы иһинэн киирэн тахсыбыта ол үчүгэй дьылларга буолар , урукку сылларга ыйтан олох ыраах сылдьар этэ, өбүгэлэрбит барахсаттар наһаа да мындыр толкуйдаах эбиттэр айылҕаны эрдэттэн курдаттыы билэллэрэ, ыарахан олохторугар ол туһалаатаҕа.
Буолумна даҕаны бу кэнники 20 чэ сыл Хотугу Муустаах акыйааммыт мууһа ирэн улуу акыйааннар уулара эбилиннэ диэн буолар. Ол охсуутун биһиги да билэн эрэбит, ол курдук урут Хотугу Муустах муоранан хараабыллар ледокол көмөтүнэн сылдьар буоллахтарына билигин мууһу бэйэлэрэ алдьатан сылдьаллара да туоһулуур.Быйыл Тиксиигэ хаһан да сылыйбатах сайына буолла ол курдук 20-18 кыраадыс сылаас хойуккааҥҥа дылы турда. Чугастыы Лаптевтар муоралара кэлиҥҥи сылларга хойутаан тоҥор буолан Саха Сиригэр күһүммүт уһаан иһэр.Бу атырдьах ыйын бүтүүтэ үгүс улуустарга дөлүһүөн сибэккитэ, ньургуһун , кучу сибэккитэ иккистээн тыллан үөн көйүүр, лыах кытта көтө сылдьара элбэҕи этэр. Дьэ аны балаҕан ыйбытын ырытыаҕыҥ
Декада диэн ый 10 хонуга ааҕыллар:
I Декада- ый 1-10 күннэрэ
II Декада- ый 10-20 күннэрэ
III Декада- ый 20-30 күннэрэ
ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР:
Балаҕан ыйа илин эҥэр үгүс улуустарга былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ арыый да сөрүүн буолсу ол гынан түүнүн да улахан хаһыҥнар суохтар онон күһүммүт уһуур курдук. I декадаҕа биллэр ардахтаах буолсу.II-III декадаҕа ардаҕа кыра буолсу
Бу ый I Декадата урукку сылларга тэҥнээтэхх түүнүн күнүһүн балай да сөрүүн буолсу. күнүс +12С+10С кыраадыс сылаас, түүнүн +8С+6С. II Декада күнүс +11С+9С кыраадыс сылаас, түүнүн +5С +3С кыраадыс сылаас.
III Декада Күнүс +9С+6С кыраадыс сылаас, түүн +4С +2С кыраадыс сылаас буолсу.
Былырыын илин эҥэр улуустарга балаҕан ыйа бастакы уонна иккис декадатыгар муҥутаан +20С+18С кыраадыс сылыйа сылдьыбыта.
КИИН УЛУУСТАР:
Киин улуустарга I Декадаҕа ардаҕа балай да курдук. II-III декадаларга быстах ардахтардаах буолсу.Бу ыйга былыттаах күннэрэ үгүс буолан улахан хаар хаһыҥнар суохтар, хойуккааҥҥа дылы түүнүн сылаас ,ити барыта хотугу муустаах байҕалбыт ириитин түмүгэ буолар.
Бу ый I Декадата күнүс +14С+12С кыраадыс куйаас, түүнүн +6С+3С сылаас. II Декада күнүс +14С+11С кыраадыс куйаас, түүнүн +5С+3С кыраадыс сылаас.
III Декадаҕа Күнүс +11С+9С кыраадыс сылаас, түүн +4С +1С кыраадыс сылаас буолсу.
Былырыын киин улуустарга балаҕан ыйын бастакы декадатыгар муҥутаан +21С+19С сылыйа сылдьыбыта.
БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР
Бүлүү эҥэр улуустарга балаҕан ыйыгар күннээх күнэ аҕыйах буолсу, былыттаах күнэ баһыйар ол иһин ый аҥаарыгар дылы улахан хаар хаһыҥнар суох буолсулар. Бүлүү эҥэр улуустарга I-II декадаларга иккилии ардахтаах буолсу, III декадаҕа балай да ардахтаах буолсу.
Бу ый I Декада күнүс +15С+12С кыраадыс куйаас, түүнүн +4С+1С . II Декада күнүс +13С+10С кыраадыс сылаас, түүнүн +5С +2С кыраадыс сылаас.III Декада Күнүс+9С+4С кыраадыс сылаас, түүн +3С +1С кыраадыс сылаас буолсу.
Былырыын Бүлүү бөлөх улуустарга балаҕан ыйыгар ый бастакы декадатыгар муҥутаан +18С+9С сылаас буола сылдьыбыта.
ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ:
Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга быйылгы балаҕан ыйа балай да улахан ардахтаах буолсу , ол курдук I - III декадаларга барытыгар ардахтаах буолсу арай II декадаҕа ардаҕа кыра соҕус. Салгын температурата урукку сылларга холоотоххо сөрүүн соҕус буолсу, бу ыйга улахан хаһыҥ суох .
Бу ый I Декадата күнүс +13С+10 кыраадыс сылаас, түүнүн +8С+6С сылаас. II Декада күнүс +12С+9С кыраадыс сылаас, түүнүн +5С +2С кыраадыс сылаас. III Декада Күнүс+9С+6С кыраадыс сылаас, түүн +4С +2С кыраадыс сылаас буолсу.
Былырыын соҕуруулуу-арҕаа улуустарга балаҕан ыйыгар муҥутаан +18С+16С сылыйа сылдьыбыта.
ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА:
Өймөкөөн улууһугар балаҕан ыйын I-II декадаларга түүнүн балай да сылаас хаһыҥа суох арай III декадаҕа хаһыҥнаах курдук. I-II декадаларга ардахтаах буолсу III декадаҕа олох ардаҕа суох курдук.
Бу ый I Декадата күнүс +11С+9С кыраадыс сылаас, түүнүн +3С-2С сылаас. II Декада күнүһүн +9С+7С кыраадыс сылаас, түүнүн -3С-1С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа.Күнүһүн +6С+3С кыраадыс сылаас, түүн -3С-2С кыраадыс тымныы.
Былырыын Өймөкөөн улууһугар балаҕан ыйын бастакы декадатыгар муҥутаан +15С+4С тиийэ сылыйа сылдьыбыта.
ВЕРХОЯНСКАЙ УЛУУҺА:
Верхоянскай улууһугар балаҕан ыйыгар улахан ардаҕа суох кураан соҕус буолсу, сылааһынан былырыыҥҥытыгар тиийиэ суох.
Бу ый I Декадата күнүс +10С+8С кыраадыс сылаас, түүнүн +3С +1С сылаас. II Декада күнүһүн +9С+6С кыраадыс сылаас, түүнүн +4С+1С кыраадыс сылаас. III Декадаҕа Күнүһүн+6С+3С кыраадыс сылаас, түүн -4С-2С кыраадыс тымныы буолар.
Былырыын балаҕан ыйыгар : I Декадаҕа, күнүһүн +15С+8С сылыйа сылдьыбыта;
АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА-ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРА:
Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга бу ааспыт сылга тэҥнээтэххэ балай да сөрүүн буолсу атырдьах ыйа атын улуустардааҕар балай да сылыйа сылдьыбыта. Бу балаҕан да ыйа аттынааҕы улуустартан I –II декадаларга сылаас буолсу.
Балаҕан ыйа ардаҕынан кэмчи соҕус буолсу арай үһүс декадаҕа улахан хаһыҥнар түһүүһүктэр.
Бу ый I Декадата күнүс +9С+6С кыраадыс сылаас, түүн +2С 0С кыраадыс сылаас. II Декада күнүһүн +8С+6С кыраадыс сылаас, түүнүн +2С+1С кыраадыс сылаас. III Декадаҕа Күнүһүн +6С+3С кыраадыс сылаас, түүн -3С-1С кыраадыс тымныы.
Былырыын балаҕан ыйын бастакы декадатыгар күнүһүн +15С түүнүн +3С,сылаас буола сылдьыбыт;
АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИ:
Артика эҥэр улуустарга уруккуга тэҥнээтэххэ балаҕан ыйын 20 чыыһылатыгар дылы түүнүн да күнүһүн да сылаас турууһук. I-II декадаларга ардах син балай да биллииһик.
Бу ый I Декадата күнүс +8С+5С кыраадыс сылаас, түүн +4С+2С сылаас. II Декада Күнүһүн +7С+4С кыраадыс сылаас, түүнүн +3С 0С кыраадыс сылаас. III Декадаҕа .Күнүһүн +5С+3С кыраадыс сылаас, түүн -3С-1С кыраадыс тымныы.
Былырыын балаҕан ыйыгар : I Декадаҕа күнүһүн +15С түүнүн+3С сылаас буола сылдьыбыт;
Тускул
Хаартыска куйаар ситимиттэн ылылынна
- 3
- 3
- 1
- 0
- 0
- 0