Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -9 oC

«Ил Түмэн» хаһыат бастакы нүөмэрэ 1999 с. балаҕан ыйын 25 күнүгэр тахсыбыта. Ол кэмтэн ыла номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа оҕуста. Бу бэлиэ күнү көрсө хаһыаты төрүттэспит, тэрийсибит бастакы сүрүн эрэдээктэри Константин Федоровы кытта кэпсэттибит,  кини билигин юридическай кэллиэскэ Төрүт сокуон быраабын үөрэтэр. Иккис үрдүк үөрэҕэ юридическай, ол хайысхатынан үлэлиир.

«Ил Түмэн» хаһыат бастакы нүөмэрэ 1999 с. балаҕан ыйын 25 күнүгэр тахсыбыта. Ол кэмтэн ыла номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа оҕуста. Бу бэлиэ күнү көрсө хаһыаты төрүттэспит, тэрийсибит бастакы сүрүн эрэдээктэри Константин Федоровы кытта кэпсэттибит,  кини билигин юридическай кэллиэскэ Төрүт сокуон быраабын үөрэтэр. Иккис үрдүк үөрэҕэ юридическай, ол хайысхатынан үлэлиир.

Кини 1992 с. СГУ биолого-географическай бакылтыатын бүтэрэн баран «Саха» Судаарыстыбаннай национальнай тэлэбиидиэнньэ сонуннар эрэдээксийэтигэр кэрэспэдьиэнинэн  үлэтин саҕалаабыта. Онтон икки сыл ыччакка аналлаах биэриилэри ыыппыта, саха тэлэбиидиэнньэтигэр ыччат ханаалын төрүттэспитэ.

3

1995 с. Москубаҕа араадьыйа уонна тэлэбиидиэнньэ үлэһиттэрэ идэлэрин таһымын үрдэтэр үнүстүүттэригэр үөрэнэн,  уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй эрэдээксийэҕэ көспүтэ, кэлин иһитиннэригэр ырытар бырагыраамалары бэлэмниир студия салайааччытынан үлэлээбитэ. Ол кэмҥэ Саха тэлэбиидиэнньэтигэр «Арена» диэн ааптарскай биэриини арыйан, бастакы дебаттары саҕалаабыта, бырабыыталыстыба, парламент үлэлэрин сырдатара, бэлиитикэни анаарар «ТОН» биэриини эпииргэ таһаарбыта. Онон Ил Түмэн хаһыатын салайа кэлэригэр оччотооҕу дьокутааттары, бырабыыталыстыба үлэһиттэрин кытары үгүстүк алтыспыт, эпииргэ үлэлэспит эдэр суруналыыс быһыытынан биллэрэ.

– Константин Анатольевич, хаһыат хайдах тэриллибитин, бастакы састаапка кимнээх үлэлээбиттэрин туһунан кэпсээ эрэ.

– Парламент хаһыата Ил Түмэн иккис ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттарын быһаарыыларынан төрүттэммитэ. Сокуону оҥорор былаас бэйэтэ туспа хаһыаттаах буоларын туһунан этиини Филипп Гаврильевич Охлопков туруорсан, Ил Түмэн уурааҕын таһаартарбыта. Оччолорго парламент икки балааталаах этэ. Бэрэстэбиитэллэр балааталарын дьокутааттара бастайааннай төрүккэ үлэлииллэрэ, онтон  Өрөспүүбүлүкэ балаататыгар 35 улуустан дьокутааттар талыллан икки ыйга биирдэ мустан мунньахтыыллара. Онон оччотооҕу парламеҥҥа хас биирдии улуус бэйэтэ туспа, нэһилиэнньэ ахсааныттан тутулуга суох бэрэстэбиитэллээх этэ. 

«Ил Түмэн» хаьыат кылаабынай эрэдээктэрин дуоһунаһыгар мин кандидатурабын икки балаата бэрэссэдээтэллэрэ Николай Соломов, итиэннэ Василий Филиппов холбоһуктаах мунньах көрүүтүгэр киллэрбиттэрэ. Куоластааһын түмүгүнэн дьокутааттар баһыйар үгүс куоластарын ылан, парламент хаһыатын салайааччытынан бигэргэммитим.

Хаһыат бастакы нүөмэрэ балаҕан ыйын 25 күнүгэр тахсыбыта. Оччолорго бэйэбит дьиэбит-уоппут да суоҕа, көмпүүтэр да кырыымчык этэ. Парламент пресс-сулууспатын салайар Егор Сибиряков бэл кабинетын туран биэрбитэ, аппараат үлэһиттэрэ туох кыалларынан күүс-көмө буолбуттара. Ил Түмэн дьиэтигэр биир кыра хоско олорон, көмпүүтэри уларса сылдьан матырыйаалларбытын бэчээттээн, үлэбитин саҕалаабыппыт.

04ed9ad0 d86a 4acf bebe 1991ef8e4bce

Эрэдээксийэ бастакы састаабыгар хаһыаччыт идэлээх, “Кыымҥа” үлэлээбит Михаил Иванович Слепцов – литературнай эрэдээктэринэн, урут «Туймаада саҥатыгар» үлэлээбит Альберт СтепановКуорат уола эппиэттиир сэкиритээринэн кэлбиттэрэ. Кэрэспэдьиэннэр Прокопий Степанович Иванов, Аркадий Лебедев, фотограф Николай Барашков буолан саҕалаабыппыт.

Хайа баҕарар саҥа идиэйэни олоххо киллэрэргэ сөптөөх хамаанда наада. Онон хамаанда тэринэрбэр нууччалыы эттэххэ «сплав молодости и профессионализма» диэн бириинсиби тутуспутум. Ол курдук, СГУ суруналыыстыка салаатын 1999 с. бүтэрбит Виктория Контоева, Лена Володкина, Ньургуйаана Макарова, Дьулустаан Старостин суруналыыс быһыытынан биһиги хаһыаппытыгар үлэлэрин саҕалаабыттара. Ону тэҥэ Аркадий Лебедев, Лена Григорьева, Виталий Иванов, Иван Гоголев, Николай Слепцов, Полина Винокурова, Лена Портнягина, Гаврил Охлопков о.д. атыттар хаһыаты төрүттэспиттэрэ. Биллэн туран, мин хаһыаты таһаарыыга уопута суох буоламмын мунаахсыйар кэммэр Андрей Петровтан (оччолорго «Эхо столицы” кылаабынай эрэдээктэрэ этэ), Савва Агафонович Егоровтан, аҕа табаарыспыттан Дьурантайтан сүбэ-ама ыларым, ону тэҥэ Филипп Гаврильевич Охлопков, Андрей Иванович Кривошапкин биһиги хаһыаппытыгар дурда-хахха буолар этилэр. Уопсайынан, хаһыат атаҕар турарыгар дьокутааттарга, аппараат үлэһиттэригэр, көмөлөспүт дьоҥҥо барыларыгар махталбын биллэрэбин.

3d831973 34c0 492c a08e 8b8be7c8030c

Парламент үлэтин сырдатыы паркетнай суруналыыстыка дэнэр, онон кэккэ уустуктардаах. Сокуону оҥорор үлэни сырдатыы сөптөөх билиини-көрүүнү ирдиир. Онуоха хаһыат тэриллэр докумуоннарыттан саҕалаан, ылыллар сокуоннары ырытан суруйууга Петр Гоголев, оччолорго СГУ юридическай бакылтыатын преподавателэ, эдэр суруналыыстарга күүс-көмө, тирэх буолбута. Олохтоох салайыныы, онтон да атын тыын боппуруостарга элбэх ыстатыйалары таһаартаабыта. Билэргит курдук, Петр Васильевич Гоголев 2018 сыллаахха Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта, билигин Конституционнай Сэбиэти салайар, юридическай наука дуоктара.

«Ил Түмэн» хаһыакка араас кэмҥэ үлэлээбит дьон билигин өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уорганнарыгар, атын эйгэҕэ салайар үлэҕэ сылдьаллар. Ол аата кинилэр тус карьераларыгар, олоххо көрүүлэригэр, үлэҕэ сыһыаннарыгар хаһыат бөҕө тирэх буолбутун саарбахтаабаппын. Хаһыат тэриллиэҕиттэн номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа оҕуста...

– Аҥаардас мунньахтары суруйдахха, ааҕааччыга салгымтыалаах соҕус, хаһыат ис хоһоонун байытарга хайдах үлэлэспиккитий?

– Парламент диэн сокуону оҥорор, быыбардааччылар интэриэстэрин көмүскүүр, үбү-харчыны туттууну хонтуруоллуур былаас, ону норуот талар. Онон нэһилиэнньэ тугу туруорсара, эппиккэ дылы тугунан тыынара  бу хаһыакка хайаан да сырдатыллыахтаах.

 Аҥаардас мунньахтарынан муҥурданар, биллэн турар, сыыһа. Култуура, литэрэтиирэ, ускуустуба, успуорт, социальнай кыһалҕалар хаһыат ыытар бэлиитикэтигэр хайаан да баар буолуохтаахтар. Биллэн турар, маны барытын суруналыыстар саба тутан суруйбаттар.

Михаил Иванович Слепцов “Хаһыат бэйэтин эрэ кэрэспэдьиэннэринэн хаһыат буолбат. Хас биирдии суруналыыс бэйэтэ үс-түөрт уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннээх буолуохтаах», диэн этэрэ. Кырдьык, ити саамай сөптөөх этии олоххо бэрт түргэнник киирбитэ. Бэйэбит туспа дьиэлэммиппитин-уоттаммыппытын кэннэ эрэдээксийэҕэ күн аайы дьон кэлэ турара. Олор истэригэр биллэр суруйааччылар, наука үлэһиттэрэ, спортсменнар, урбаанньыттар бааллара, бэйэлэрин санааларын үллэстиэх дьон ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа үллэстэн, матырыйаал суруйан аҕалаллара.

Василий Лыткин, Василий Алексеев, Андрей Саввинов хаһыакка бэйэлэрэ туспа балаһалаах этилэр. Василий Сивцев «Өлүөнэ сарсыардата» саха суруйааччыларын анал сыһыарыытын хаһыат иһинэн таһаарара.

6778cf3a 9b11 4a4a aa15 30429a4bccb4

Хаһыаппыт лаппа халыҥаабыта. Ол кэмҥэ кылаабынай эрэдээктэри солбуйааччынан Туйаара Федорова, эппиэттиир сэкиритээринэн Лидия Сибирякова, литературнай эрэдээктэр Галина Скрыбыкина, корректордар Зоя Васильева, Наталья Евдокимова, суруналыыстар Иван Гаврильев, Николай Чуор, Петр Томскай, Валерия Егорова, Татьяна Кривошапкина, Наталья Миронова (реклама салаата), Клавдия Хастаева, Стас Малгаров, Татьяна Иванова, Анисья Слепцова онтон да атын дьон биһиги кэккэбитигэр киирбиттэрэ. Мин салайааччы быһыытынан эрэдээксийэ матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй баазатын күүһүрдүүгэ сүрүн болҕомтобун уурбутум. Бэйэбит реклама суотугар дупликатор ылан кинигэ, аҕытаассыйалыыр матырыйааллары бэчээттир буолбуппут. Икки массыына атыылаһан, киин улуустарга нэдиэлэ аайы командировкаларга сылдьарбыт. Кэмэ оннук этэ. Аҥаардас хаһыаты таһааран, уһун сонноммотуҥ биллэрэ. Онон араас урбаанньыттары кытары кэпсэтэн, матырыйаалынай хааччыллыыны быһаара сатыырбыт.

– Хаһыаккыт халыҥаабытыгар матырыйаал тиийэр этэ дуо?

– Хаһыат сөптөөх былаантан тахсар, онон планеркаҕа өр мунньахтыыр этибит. Ханнык тиэмэҕэ ким хайдах матырыйаалы суруйарын, кими кытта кэпсэтэрин, боппуруостарыгар тиийэ ырытааччыбыт. Мозговой штурм быһыытынан, хаһыаты интэриэһинэй оҥорорго бары сүбэлэһэрбит. Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар диэн өс хоһооно баар. Уопсайынан, ити ньыма айар кэлэктиипкэ, эдэр суруналыыстар сайдалларыгар олус туһалаах. Уонна оттон сөпкө толкуйдаммыт былаан киһи үлэтин бэрээдэктиир, кэскиллээҕи толкуйдуурга үөрэтэр. Иллээх хамаандаҕа хайа да бэйэлээх ыарахан үлэ кыайтарар. Ол иһин кэлэктииби сомоҕолуур сыаллаах араас тэрээһиннэри ыытарбыт, сайын аайы тахсан ыһыахтыыр сирдээхпит. Онно кыргыттар кэнсиэр, уолаттар күрэхтэһии арааһын тэрийэллэрэ. Билигин санаатахха, сүрдээх да интэриэһинэй, дьоллоох кэмнэр ааспыттар эбит. 

35a64bc3 2c09 48c1 b538 9c51757d813e

– Эрэдээксийэ үлэтин үбүлээһин хайдах этэй?

– Хаһыат үбүлээһинэ билиҥҥиттэн арыый атын этэ. Биһиги кэммитигэр  судаарыстыбаннай бүддьүөттэн быһаччы барара. Бырабыыталыстыба хаһыаттара Бэчээт департаменын иһинэн үбүлэнэллэрэ. Ол иһин сметабыт бырабыыталыстыбаҕа, онтон Ил Түмэн сис кэмитиэтигэр көрүллэрэ. Оччолортон даҕаны сыл ахсын үбү-харчыны быһа сатааһын баара. Аан бастаан хаһыат тэриллиитигэр үбүлээһини көрүүгэ сыл төрдүс кыбаарталыгар бүддьүөккэ уларытыы киллэттэрбиппит. Оччолорго Үп миниистирин солбуйааччытынан Эрнст Березкин саҥа үлэлии кэлбитэ. Киниэхэ кабинетыгар киирэн олорон хас биирдии кэппиэйкэ ханна барарын, төһө штат көрүллэрин ымпыгын-чымпыгын киирэн ырытыспыппыт. Ити кэмҥэ экэнэмиичэскэй кириисис ааһан, өрөспүүбүлүкэҕэ балаһыанньа көнөн барбыта. Онон сөптөөх үбүлээһин баара. Онтон уонна харчы быһыллар да түгэнигэр, бүддьүөт көрүллүүтүгэр дьокутааттары кытары сөптөөх үлэни ыытарбыт.

414fc970 c8cd 4628 b1fc 528e12cf200d

– Хаһыат 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө тугу этиэҥ этэй?

– Мин парламент хаһыатыгар уларыта тутуу кэмигэр үлэлээбитим. Оччолорго Ил Түмэҥҥэ олус сытыы, үгүс мөккүөрдээх мунньахтар ааһаллара. Кэмэ да оннук буоллаҕа – Төрүт Сокуону уларытыы, олохтоох бэйэни салайыныыны киллэрии, бырамыысыланнас саҥа хайысхаларын сайдыыта дьон-сэргэ санаатын долгутара. Онон хаһыакка үлэлээбит кэмнэрим, алтыспыт дьонум мин олоххо тутуһар бириинсиптэрбэр, көрүүбэр улаханнык дьайбыттара. Баҕар сыыһа, баҕар сөпкө да дьаһаммыт  буолларбын, оччолорго бииргэ үлэлээбит дьоммор махтаныах эрэ кэриҥнээхпин.

Онтон хаһыат, маассабай коммуникация сириэстибэлэрин туһунан этэр буоллахха, кэлиҥҥи кэмҥэ информационнай технология олус балысханнык сайынна. Араас социальнай ситимнэр, телеграм-ханааллар баар буоллулар. Ол эрэн олохсуйбут үгэс быһыытынан, сонуну тарҕатар хаһыаттар, тэлэбиидиэнньэ, араадьыйа син биир баар буолуо дии саныыбын.

Дьиҥэр, технология сайдыыта сонуну хайдах түргэнник А туочукаттан Б туочукаҕа тиэрдэр туһугар сүрүн болҕомтотун уурар. Онтон ис иһигэр киирдэххэ, бэлиитикэни, экэниэмикэни ырытар, анаарар матырыйаал тутула, ис хоһооно олус дириҥ суолталаах. Итини, биллэн турар, идэтийбит суруналыыстар эрэ суруйар кыахтаахтар.

Төһө даҕаны социальнай ситим күүскэ сайдыбытын үрдүнэн, хаһыат наада дуу, суох дуу диэн боппуруос туруо суохтаах. Национальнай бэчээппит хайдах салгыы сайдыан сөбүй диэн ыйытыкка хоруй көрдүөхтээхпит.

c91595eb 7bc1 4793 8fc5 7b3018bb51f2

Наар кэннигин хайыһа сырыттаххына, инникигин хаһан да тымтыктанан көрбөккүн. Хайа да кыһалҕа тирээтин, мэлдьи кэскили көрөн үлэлээтэххинэ, баҕа санааҕын олоххо киллэрдэххинэ, ама  онтон ордук дьол баар буолуо дуо?!

Өссө биир түгэни бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын. Төһөнөн дьон-сэргэ былааһы итэҕэйэр да, соччонон кини бүддьүөттэн үбүлэнэр хаһыаттары ааҕар, тэлэбиидиэнньэни, араадьыйаны көрөр-истэр буолар. Ол аата былаас, итиэннэ маассабай информация сириэстибэлэрэ быстыспат ситимнээхтэр. Итини умнар сатаммат.

Парламент диэн, бастатан туран, бэрэстэбиитэллээх былаас, норуот былааһа, ыарахан кэмҥэ дьонугар-сэргэтигэр дурда-хахха буолар аналлаах, кини үлэтэ дьон ааҕарын, билэрин, итэҕэйэрин курдук сырдатыллыахтаах. Түгэнинэн туһанан, араас кэмнэргэ “Ил Түмэн” хаһыаты уһансыбыт дьону барыларын кэлэн иһэр үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибин. Хомойуох иһин, сорох кэллиэгэлэрбит биһиги кэккэбититтэн туораабыттара. Кинилэри биһиги мэлдьи өйдүү-саныы сылдьабыт, хаһыат сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин махтанабыт. Билигин хаһыаты таһаара сылдьар кэлэктиипкэ үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕарыам этэ, бөрүөҕүт мэлдьи сытыы, санааҕыт бөҕө буолуохтун!

Хаартыска: Константин Федоров тус архыыбыттан.  

  • 3
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением