Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -9 oC

Дьокуускай куорат 202 түөлбэтигэр Роман Дмитриев аатынан набережнайы саҥардан оҥоруу үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Аспаал кутуллан, билиитэ ууруллан, бэлэсипиэттээх уонна самакааттаах дьон тыал курдук кэннигиттэн элээрэн ааһаллар. Оттон сатыы киһи өрүһү көрөн олорон сынньанарыгар ыскамыайкалары өссө уура иликтэр.

Дьокуускай куорат 202 түөлбэтигэр Роман Дмитриев аатынан набережнайы саҥардан оҥоруу үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Аспаал кутуллан, билиитэ ууруллан, бэлэсипиэттээх уонна самакааттаах дьон тыал курдук кэннигиттэн элээрэн ааһаллар. Оттон сатыы киһи өрүһү көрөн олорон сынньанарыгар ыскамыайкалары өссө уура иликтэр.

c7bacff2 733b 43ec 8a72 665f9107a7cd

Аны өрүс кытыла икки өттүттэн зоопарканы санатар бүтэй күрүө, ол нөҥүө айылҕа кэрэ көстүүтэ уруккутун курдук көстүбэт. Көҕөрдүү үлэтэ эһиил ыытыллыахтаах эрээри, бүтүн набережнай устун буордаах клумба биир-икки эрэ сиргэ баар, атына барыта аспаал.

Тардынарга турниктары туруорбуттар эрээри, ким даҕаны онно дьарыктаммат, чугаһаабат даҕаны. 202 түөлбэҕэ үксүн бэтэрээннэр, аҕа саастаах дьон олороллор, кинилэргэ анаммыт туох даҕаны суох. Урут хас хардыыҥ аайы саатар ыскамыайка баар этэ, билигин көбүс көнө суолунан көтүтэн иһэр самакааттаах киһи түҥнэри көппөтүн диэн кэннигин көрүнэ-көрүнэ хаамаҕын.

5e27cc43 a475 429a a096 f54a6c370784

Арааһа, набережнай бырайыагын бэлэсипиэттээх уонна самакааттаах эдэр дьон оҥорбуттар быһыылаах дэһэллэр куорат олохтоохторо. Бары усулуобуйа кинилэргэ эрэ ананан оҥоһуллубут.

253490eb 5775 42fa 9b26 1cc2a3077446

Набережнай устун хааман истэххинэ, Өрүс пуордун диэки киирэр даамба баар, онно хайыһар суолу аспааллаабакка хаалларан кэбиспиттэрэ быыл, кумах бурҕайа, үлтүркэй таас, бөх-сах ыһылла сытара көрүөххэ мөкү көстүүлээх.

4058d9cb 9bed 4d2f ad0f 14234ef5d3f4

Аны набережнай суолун кыйа массыынаны туруорар разметка бэлиэлэр уруһуйдаммыттар, онон дьон сынньана кэлэр сирэ улахан парковка курдук, сибиэһэй салгынынан тыыныам диэбитиҥ тимир көлөлөр чөмөхтөһөн турар гаастарын сытын сыттыыргар тиийэҕин. Дьиҥэр, набережнайга массыына киирэрин бобон, сатыы дьон хаамарыгар, сынньанарыгар уопсастыбаннай эйгэ тэриллибитэ буоллар ордук буолуо этэ.

Санкт Петербург, Сочи, Геленджик, Хабаровскай курдук улахан куораттарга набережнай ортотугар парковка оҥорон, массыыналарын онно туруорбаттар, тимир көлөлөрүн тэйиччи хаалларан баран набережнайга сатыы хааман киирэллэр. Муора, өрүс кытылыгар күөх үүнээйини, маһы, сибэккини өлгөмнүк үүннэрэн, ыскамыайкаҕа олорон дьон кэрэ көстүүнү көрөн дуоһуйарыгар усулуобуйа оҥороллор. Оттон биһиги куораппытыгар ону ситэ өйдөөбөттөрө хомолтолоох.

bf74d84c 6519 4f4d 9728 ca62b7a1bd08

Дьокуускай куорат сөтүөлүүр сирин үөһээ өттүн аспааллаабыттар, сатыы киһи хаамар суолун ортотугар хомуллар сайыҥҥы дьиэлэри туруоран кэбиспиттэрэ табыгаһа суох курдук. Пляжка баар эргэ быраҕыллыбыт сарайдары көтүрбэтэхтэр.

bbaf144a eee3 454d 8e67 91da0f90f6bd

Оҕолорго былаһаакка оҥорбуттар даҕаны, сиртэн нэһиилэ тэйэр намыһах хачыалга 4-5 эрэ саастаах оҕо олорууһу,  улахаттарга туох даҕаны суох.

70bc8c7e 9974 4166 b8ca 7e35976d3e21

Набережнайга, сөтүөлүүр сиргэ бүрүөһүннээх тутууну туруорбуттар эрээри, үрдэ көҥдөй, ардах курдары түһүөҕэ, күнтэн да хаххаланыаҥ суоҕа.

66a64b9a 4406 4d5c 98a8 4eaa03eb84b2

Онон өрүспүт кытылын өрөмүөнүн сүүрбэччэ сыл күүттүбүт даҕаны, бырайыага дьоҥҥо өйдөммөт, табыгаһа суох курдук оҥоһуллубут.

ab1c139d e678 4641 b044 3e144c11e98b

Өлүөнэ эбэ кытылын өрөмүөнүн оҥорор Дьокуускай куорат «Главстрой» тэрилтэтин дириэктэрэ Алексей Варламов: «Биһиги оҥоһуллубут бырайыагынан үлэлиибит, ону тустаах сулууспалар, эспэртиисэ бигэргэппитэ. Ыскамыайкалары туруоруохпут, кытылы саҥардар үлэ өссө түмүктэнэ илик», — диэн эппиэттээтэ.

Санатан эттэххэ, Роман Дмитриев аатынан набережнайы тупсаран оҥорорго 369,7 мөл. солк. көрүллүбүтэ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением