Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

Саха Сиринээҕи киин быыбардыыр хамыыһыйа  балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи быыбардыыр  күн барыллаан түмүктэрин таһаарда.

Саха Сиринээҕи киин быыбардыыр хамыыһыйа  балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи быыбардыыр  күн барыллаан түмүктэрин таһаарда.

Ол курдук,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин  34№-дээх Халыма-Индигиир биир мандааттаах уокуругар норуот дьокутаатын быыбарыгар Евгений Слепцов 5 423 куолаһы  ылан (74,46 %) кыайыылааҕынан биллэрилиннэ.  Атын хандьытааттар Вячеслав Шадрин - 13,24 %, Семен Макаров - 7,14%, Александр Швец – 2,61% ыллылар. 

Слепцов Евгений Михайлович,  1969 сылга төрөөбүтэ, "Полярные авиалинии" авиа хампаанньаҕа уматыгынан, матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй, авто тыранныспарынан хааччыйыыга  дириэктэринэн үлэлиир,  "Биир Ньыгыл Арассыыйа" баартыйанан туруоруллубута.

Ону таһынан,  түөрт улуус  (оройуон) уонна Жатай бөһүөлэгин баһылыктарын, 36 нэһилиэк баһылыктарын, оройуон уонна бөһүөлэк муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын таллылар.

Улуус (оройуон) баһылыктарынан: Аллайыаха — Яков Гаврильевич Елисеев; Аллараа Халыма — Ярослав Алексеевич Бандеров; Өймөкөөн — Александр Савельевич Оконешников; Өлүөхүмэ — Николай Николаевич Харбин; «Жатай» куорат уокуруга — Евгения Николаевна Исаева талылыннылар.

Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением