Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -10 oC

2020 сыллаахха Саха Сирин кэриэй хааннаах сыдьааннара өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан мустан, «Саха Сирин кэриэйдэрэ» диэн уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллэн (бэрэссэдээтэл Дьячковскай М.В.), былааннаах үлэ саҕаламмыта.

2020 сыллаахха Саха Сирин кэриэй хааннаах сыдьааннара өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан мустан, «Саха Сирин кэриэйдэрэ» диэн уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллэн (бэрэссэдээтэл Дьячковскай М.В.), былааннаах үлэ саҕаламмыта.

Өбүгэлэрбит Саха Сиригэр кэлэн олорбут олохторун, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын үөрэтии, кинилэр килбиэннээх үлэлэрин норуокка, эдэр ыччаппытыгар тиэрдии тэрилтэ сыалынан-соругунан буолбута. Саха Сиригэр кэлбит кэриэйдэр кырасдааныскай, Аҕа дойду сэриилэригэр кыттыбыттара, дойдуну чөлүгэр түһэрии үлэлэригэр көхтөөхтүк көмөлөспүттэрэ. Кинилэртэн үгүстэрэ сэрии кэмигэр олорбут, үлэлээбит дьон.

Махталлаах саха дьоно кинилэри олус истиҥник, убаастабыллаахтык ахталлар. Уопсастыбаннай тэрилтэ тиһигин быспакка, былааннаах үлэни ыытар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ кэриэй хааннаах сахалара ахтыыларга, олохтоох архыыптар, өрөспүүбүлүкэ Ис дьыала министиэристибэтин архыыбын дааннайдарыгар олоҕуран, үбүлээн, икки кинигэни бэчээккэ таһаардылар.

«Саха кэриэйдэрэ – утум тардыыта» ( Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах, 2020 с.) уонна «Корейцы в истории Якутии» ( Саха Сирин 100 сылыгар аналлаах, 2023 с). Бу кинигэлэрбит Кинигэ Аан дойдутааҕы стандартнай классификациятын реестригэр киирбитэ. Москубаҕа Кинигэ палаататыгар үйэ саас тухары харалтаҕа сытар быраабы ылбыта.

Ону таһынан, 2023 сыллаахха 26 сыл өрөспүүбүлүкэ национальнай архыыбыгар сыппыт «Корейцы Якутии» 1917-1932» (ааптар Н.Г.Иванов) кинигэтин Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтэ таһаарда. Ону таһынан, кэриэй сыдьааннарын көҕүлээһининэн Дьокуускай куорат пааркатыгар сир астаран «Кэриэйдэр сквердэрин» бэйэбит, саха кэриэйдэрэ, үбүлээн, бырайыактаан, туттаран билигин дьон-сэргэ сынньанар тупсаҕай тутуута буолан турар.

image 09 09 24 08 15

Корея Сеул үнүбэрситиэтин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээн, икки Корея посольстволарыгар тахсан өбүгэлэрбит аймахтарын көрдүүр үлэ саҕаланна. Бу үлэҕэ улахан көмөнү, сибээһи биһиги биир дойдулаахпыт Сеул үнүбэрситиэтин преподавателэ Сардаана Цой олохтуур. Бу сылга суруналыыс В.И.Егорова – Теменхон  дойду иһигэр ыытыллар «Корейская генеалогия коре-сарам» икки кэмпэриэнсийэтигэр Саха Сирин кэриэйдэрин, ыытыллар үлэ туһунан дакылааттарынан кыттынна.  

2023 сыллаахха Саха Сиригэр «Саха кэриэйдэрэ» уопсастыба тэрийиитинэн, Соҕуруу Корея консула Шин Кю Хо кыттыылаах кэмпэриэнсийэ үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Төрүччүнү үөрэтии улуустарга киэҥ хабааннаахтык салҕанар. Биһиги дойдубутугар олохсуйбут кэриэйдэр  килбиэннээх олохторун, үлэлэрин сыаналаан, олохтоох дьаһалталар уонна кэриэй омук дьонун сыдьааннарын көҕүлээһиннэринэн  өрөспүүбүлүкэ араас улуустарын нэһилиэктэригэр пааматынньыктар, ытык бэлиэлэр, мемориальнай дуоскалар туруорулуннулар.

Ол курдук, Хаҥалас улууһугар Тойон Арыы нэһилиэгэр биллиилээх оҕуруотчут Ким Кын Хо (1870- 1961сс.) аатыгар сүгүрүйэр пааматынньык турда. Бу дьыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр Уус Алдаҥҥа Курбуһах нэһилиэгин Быччылыгыгар Нэлэгэр диэн сиргэ улуус бастакы оҕуруотчут кэриэйдэригэр - уоллаах аҕаҕа, биһиги эһэбитигэр Цой Дюн Хи уонна аҕабытыгар Иван Сергеевич Цойга – Цой Чац Дьой сырдык ааттарыгар аналлаах кинилэр олорбут, үлэлээбит «Молотов» аатынан колхуос сиригэр Мэҥэ таас турда.

Өссө өрдөөҕүтэ Курбуһах нэһилиэгин Быччылык бөһүөлэгин ытык кырдьаҕаһа, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, сэрии, тыыл бэтэрээнэ, Уус Алдан, Абый улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, «Попечитель и меценат» И.И.Крафт аатынан бириэмийэ лауреата Егор Васильевич Местников хаста да этэн турар: «Эһиги аҕаҕыт уонна эһэҕит Курбуһахха элбэх үтүөну оҥорбут дьон. Кинилэр үлэлэрин сыаналаан нэһилиэккэ өйдөбүнньүк бэлиэтэ туруоруҥ», - диэн. Оччолорго кини тыыннааҕар, бэйэбит да син эдэрчи буоламмыт, ити этии ситэ өйдөммөккө хаалбыта. Дьэ, билигин бириэмэтэ кэлэн кини баҕа санаата туолла. Аҕабыт туһунан бэчээккэ олохтоох кэрэспэдьиэннэр, Курбуһахтан төрүттээх Н.С. Пестряков, В.М. Копырин,  биллэр суруналыыстар Н.С. Колодезников, В.В. Сивцев, М.Н. Тролуков өрөспүүбүлүкэ да, улуус да хаһыаттарыгар элбэхтик сырдатан тураллар. Биллиилээх телесуруналыыс П.В.Пермяков-Тэлэкэ “Саха” НКИХ ханаалыгар аҕабыт туһунан киинэ устан көрдөрөн, Саха Сирин олохтоохторун биһирэбиллэрин ылбыта.

Былырыын сайын эдьиийбит Клавдия Ивановна Цой күтүөтүгэр Федор Иванович Татариновка, өбүгэлэрбит олорбут, үлэлээбит сирдэрин дойдулаах киһи быһыытынан сирдииригэр көрдөһөн дьоммут олорбут, үлэлээбит сирдэринэн оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Курбуһахха тахсан эһэбит   Күөттүккэ Тэлээччигэ олорбут өтөҕүн оннун, Нэлэгэргэ аҕабыт оҕуруотун аһын харайар өтөҕүн көрөн кэлбиппит. Эһэбит уолунуун Курбуһахха маҥнай Тэлээччигэ Быччылык ытык кырдьаҕаһа Николай Николаевич Окоемов дьонугар дьукаах олорон үлэлээбиттэр. Онтон аҕабын Нэлэгэр диэн сиргэ көһөрбүттэр. Н.Н. Окоемов эһэбитин, аҕабытын  илэ көрбүт, өр кэмҥэ бииргэ олорбут киһинэн буолар. Кини бырааппытыгар дьоммут туһунан элбэҕи кэпсиирэ, олохтоох хаһыакка өссө эрдэ таһаарбыт ахтыы ыстатыйата баар. Кэлин бу дойдуттан барыан иннинэ, Николай Николаевич  киэҥ ис хоһоонноох ахтыы суруйан хаалларбыта.

Атырдьах ыйын 28 кунугэр кыра балтыбыт Полина Ивановна Готовцева көҕүлээһининэн Нэлэгэр сайылыкка оҕолоро Клавдия Ивановна Цой, Зоя Ивановна Татаринова, сиэннэрэ Евгений Иванович Цой, Алена Михайловна Пак, күтүөттэрэ Федор Иванович Татаринов, Григорий Николаевич Пак Нерюнгриттан аҕалыллыбыт сымара тааһы өйдөбүнньүк билиитэлээн, Нэлэгэргэ өбүгэлэрбит оҕуруоттарын аһын харайар балаҕаннарын таһыгар туруордубут. Курбуһах нэһилиэгэр Быччылык сиригэр нэһилиэк тыатын хаһаайыстыбатын устуоруйатын кэпсиир биир саҥа миэстэ баар буолла. Кэлэр көлүөнэбитигэр ситим быстыбатын, өйдөбүл хааллын диэн дьаһана сатыыбыт. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр өбүгэ туһунан өйдөбүл хаалыахтаах. Кимтэн-хантан хааннаахтарын, силистээх-мутуктаах дьон буолалларын билиэхтээхтэр.

З.И. Татаринова,  Бороҕон

СӨ үөрэхтээһинин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ.

  • 3
  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением