Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -9 oC

Аан дойду олоҕун арчылыыр

Айыыһыт буолуохтаах кыыс оҕо!

Ол иһин кинини харыстыыр

Алгыһы алкыйдын үс саха!

Сайа

Кыыс оҕону иитэр төрүт үгэс аныгы сахаҕа төһө ордо сылдьарын кэтээн көрүүбүттэн билиһиннэрэ түһүөм. Кыыс оҕо – олох төрдө, уол оҕо – олох ууһа диир өбүгэбит этиитин хайдах өйдүүбүтүй? Оҕо диэн эбэтэр уол, эбэтэр кыыс оҕо буолар айылҕатын араарабыт дуо?

Оҕону көрөргө, ийэ буоларга кыыс оҕо айылҕаттан сыстаҕас майгыта билигин да сүппэтэх, баар курдук. Төрүүр-ууhуур айылҕалара ордук тыа сиригэр, хоту билигин да дэлэгэй. Былыргыттан ыал үксэ элбэх оҕолоох үгэhин оннооҕор аныгы үйэ содула соччо таарыйбатах ийэ-аҕа уустара, нэһилиэктэрэ билигин да бааллар.

Аан дойду олоҕун арчылыыр

Айыыһыт буолуохтаах кыыс оҕо!

Ол иһин кинини харыстыыр

Алгыһы алкыйдын үс саха!

Сайа

Кыыс оҕону иитэр төрүт үгэс аныгы сахаҕа төһө ордо сылдьарын кэтээн көрүүбүттэн билиһиннэрэ түһүөм. Кыыс оҕо – олох төрдө, уол оҕо – олох ууһа диир өбүгэбит этиитин хайдах өйдүүбүтүй? Оҕо диэн эбэтэр уол, эбэтэр кыыс оҕо буолар айылҕатын араарабыт дуо?

Оҕону көрөргө, ийэ буоларга кыыс оҕо айылҕаттан сыстаҕас майгыта билигин да сүппэтэх, баар курдук. Төрүүр-ууhуур айылҕалара ордук тыа сиригэр, хоту билигин да дэлэгэй. Былыргыттан ыал үксэ элбэх оҕолоох үгэhин оннооҕор аныгы үйэ содула соччо таарыйбатах ийэ-аҕа уустара, нэһилиэктэрэ билигин да бааллар.

Ийэттэн улахан тутулуктаах

Кыыс оҕону иитиини билиҥҥи ыалга үксүгэр бүтүннүүтүн ийэ сүгэр. Онон ийэ оҕоттон, дьиэттэн, үлэттэн ордубакка, кыыһа борбуйун көтөхтө да көмөлөhөөччү оҥостор. Ордук ыал улахан кыыс оҕото иккис ийэ курдук бүттэр бараммат түбүктэнэр, кыччаан аҕыйаабат кыhалҕаланар.

Ийэтэ ыыс тыллаах, оргууй-наллаан сэhэргэспэт, сүбэлэспэт идэлээх буоллаҕына, кыыс тырыттаҕас майгылаах, олохтон быдан үйэҕэ сылайбыт, дьиэттэн-уоттан куота сатаабыт киhи диэн кистэлэҥ баҕалаах улаатар. Эрдэ ситэн-хотон хаалан, үгэс курдук үксүгэр кэргэнэ суох сылдьан, түбэһиэх оҕолоно охсон кэбиһэр да үгүс. Онтун саптына, көмүскэнэ сатаан кылыс тыллаах, харса-хабыра суох майгылаах буолан тахсар. Ити омсолоох көстүү сахаҕа нэhилиэк ахсын киhи хараҕар быраҕылла элбээн иhэр курдукка дылы.

Сэрии кэнниттэн олох көнөн, онтон салгыы олус бэлэмҥэ, байылыаттык олорор буолан, сорох ыал ордук кыра кыыһын атаахтатар, талбытынан сырытыннарар, оттон орто кыыhын умнууга хаалларар, кулуттутар эбэтэр дьаалатынан ыытар идэлэммитин түмүгэ эмиэ бэрдэ суох. Кыргыттар уолга, эр дьоҥҥо сыhыаннарыгар сиэр-майгы сүрүн омсото баhыйа көстөр. Кыыстаах уол сыhыана төрүт оҥкулуттан биллэ-көстө туорааhыннаах.

Онон дьиэ үлэтигэр үөрэтэр үгэс сүппэтэх, син тутуhуллар эрээри, аныгы олох уратыта дьиэҕэ-уокка өтөн киирэр буолан, омсо син биир элбэх. Ол гынан баран төрүт-уус сэмэй, дьиҥ сахалыы майгы аҕа-ийэ ууһунан сорох олохтоох ыал кыргыттарыгар син иҥэр. Бу төрүт үгэс сүппэтэҕин, сиик курдук симэлийбэтэҕин бэлиэтэ. Маннык ыал ийэлиин-аҕалыын кыргыттарын дьиэ үлэтин мындырыгар, дэгиттэр сатабылга, сиэргэ-майгыга, киһилии сыһыаҥҥа сатаан-табан уhуйан таhаараллар – ол аата кыыс оҕо ийэ буолар аналын толорор гына иитэллэр.

bf1cfa15e36bde5876b2ba6794d9b9e8

Бэйэ холобурунан иитии

Оҕону дьиэҕэ-уокка бэйэ холобурунан иитии баҕар-баҕарыма бара турар суол буоллаҕа. Манна омугунан, кэминэн-кэрдиинэн араарыы суох. Онон туhааннаах кэрдиис кэм сиэрэ-майгыта дьиэ кэргэн олоҕор өрүү өтөн киирэ турар. Маны таhынан, тустаах ыал сиэрэ-майгыта оҕотугар мэлдьи быhаарар суолталаах. Оҥоро сатаан үчүгэй буолары оҕо улахан киhитээҕэр ордук арааран билэр. Онон киhи ис сигилитэ оҕоттон кыайан кистэммэт, хайа эрэ өттүнэн син-биир дьайа сылдьар.

Урукку өттүгэр сурукка да киирбэтэр, Айыы суолун тутуhуу диэн ирдэбил сүнньүн саха дьоно үйэ тухары тутуhан кэлэн олорор. Аньыы диэн сахаҕа киhи киhини, айылҕаны күөмчүлээн, бэйэтин эрэ туhугар алдьата туhанара ааттанар. Аньыыны оҥорортон сэрэнэр, туттунар, бобор өйдөбүл сүппэккэ иҥэн кэлбит, билигин да олус үрдүктүк тутуллар ирдэбил. Аньыыны оҥоруу сэтэ-сэлээнэ бэйэҕиттэн ааhан бэдэргиттэн (оҕоҕуттан-ыччаккыттан, сиэҥҥиттэн) ирдэнэр диэн өйдөбүл кытаанах. Ирдээччи – айылҕа бэйэтэ, туора киhи ким да буолбатах. Бу өй саха төрүт итэҕэлин биир сүрүн тутула.

Кырдьыгы тутуhуу, кырдьыксыт буолуу төрүт-уус ыал сүрүн сиэрэ. Манна сөп түбэhэр да, түбэспэт да ыал баар буолар. Куhаҕан барыта кыра албынтан саҕаланар, ону оҕоҕо үчүгэйдик өйдөтөр, иҥэрэр билигин үксүгэр кыаллыбат. Ити уhуну-киэҥи, кэскили өйдөөбөттөн, күннээҕинэн олорортон тахса турар быһыылаах.

Босхо кэлбит иҥпэт

Ымсыырыы-уоруу диэн кыдьык былыргы дьадаҥы киhиэхэ, хата, төттөрүтүн суоҕа. Туох барыта эрэйинэн көстөр буолан, туора киhи малын-баайын тыытар улахан аньыы буолара. Ол өй бэлэмҥэ олоруу, «сайдыылаах» устугас дьону кытта алтыhыы түмүгэр мүлүрүйэн, умнуллан хаалбыт. Арай чөкө олорор, туора киhи барбат-кэлбэт тыа сирин нэhилиэктэрин дьоно ити былыргы үтүө үгэhи тутан олороллор, оҕолоругар иҥэрэллэр. Кинилэргэ босхо кэлбит иҥпэт диэн бигэ өйдөбүл билигин да тыыннаах.

Аны өhүөннээhин, иирээни тардыы, быстах быhыы көстүтэлиир. Улуустар, нэhилиэктэр, сорох аҕа-ийэ уустарын икки ардыгар туох эрэ сөпсөспөт өрүү баара ыччакка тиийэр уонна кэмиттэн кэмигэр көбөн кэлэр. Эмиэ арыгы көмөтүнэн таска тахсан, охсуhуу-этиhии төрүөтэ буолуталыыр. Эбэтэр үлэҕэ-хамнаска бэйэ-бэйэни самнарсыыга тириэрдэр. Төрүөтэ бэйэ эрэ иннин көрүнүүгэ, бэлэмҥэ олорууга сыттаҕа. Төрүт өй күүһэ ыччакка тиийбэккэ хаалан, мөлтөх, куолаан эрэ кыайар көлүөнэ үөскээтэ. Ол иhин куолаhыы, куомуннаhыы, туоратыhыы оҕолор ортолоругар кыра эрдэхтэриттэн иҥэн барар, салгыы баһа саллайар.

Аныгы мэдиссиинэҕэ, эмкэ олус бэринэн, найыланан, куту-сүрү харыстыыр ньымалар сүппүттэр. Кут-сүр өйдөбүлэ суох буолбут, ону билигин оскуолаҕа саҥа үөрэтэ сатаан испит баара да, сонуна ааһан хаалаары гынар. Улахан дьон үксэ кыайан билбэт, аахпат. Ол иhин олохтоох дьон, ыччат куhаҕан кыдьыкка, содур быһыыга ордук түргэнник ылларар.

Хайа баҕарар киhини да, бүтүн омугу да үрдүккэ таhаарар суол дьулуур буолар. Оннук ис дьулуур суоҕа, утумнаан туран мөлтөҕө, чуолаан үөрэҕи, идэни ыларга сүрүн мэhэй буолар. Күннэтэ мөккүөрдээх, дьаныардаах, сындааhыннаах үлэhит, ымпык-чымпык, биhээл майгылаах, тулхадыйбат дьулуурдаах, тулуурдаах киhи аныгы сахаҕа аҕыйах. Оҕолорго бу эмиэ бэриллэн иhэр. Ол улахан, дириҥ содуллаах – үөрэҕин бүтэрэр, идэ ылар ыччат олус кэмчи. Күннээҕи ыараханы тулуйбат, тута сынтарыйа түhэр, өhүргэс-өhөс, быстах майгылаах ыччат үөрэҕин быраҕан кэбиhэр, уhуллан хаалар, үлэҕэ ситиhиилэммэт, тугунан даҕаны тиhэҕэр тиийэ дьарыгырбат, айдарыыта кэмигэр кыайан аһыллан арыллыбат, дьоҕура сайдыбат, инньэ гынан түмүгэр сатабыла олоҕурбат.

Оҕону дьулуурдаах гына иитэр ньыма, оҕону дьулуурга уhуйар үөрүйэх сүппүт туруктаах. Ол туох ньыманый, туох үгэскэ тирэнэрий? Оҕо сүрэҕин баҕатын иэйии көмөтүнэн уhугуннарыы, күүhүрдүү ис дьулууру үөскэтэр. Иэйиигэ өй-санаа күүһэ дьайар. Онон бу да түбэлтэҕэ төрүт өй быhаарар суолталааҕа ырылыччы көстө сылдьар. Дьулууру иитии үгэстэрэ диэн сүнньүнэн төрөөбүт тыл, итэҕэл, дьоллоох оҕо саас, төрүт буорга, ийэ сиргэ таптал. Сахалар оҕону кырдьаҕас киһиэхэ амарах, айылҕаны харыстыыр, эйэҕэс, ыалдьытымсах, талааны ытыктыыр гына сатаан уhуйаллара-такайаллара. Бу көстүү, бука, хотугу дьикти, кэрэ-тыйыс айылҕа абылаҥа, күүстээх дьайыыта таайа турарыттан сүппэккэ-оспокко кэлэн истэҕэ.

TOI BOKHOI

Ыаллаах оонньооһун инники олоҕу түстүүр

Кыыс-уол икки ардыгар омсолоох сыhыан, ыччат өбүгэ үгэһин билэ-көрө сатаабата, дьон-сэргэ ортотугар сатаан сылдьыбата, төрөппүт оҕону атаахтатара барыта – сиэр-майгы сатарыйбыта оҕону иитиигэ күннэтэ дьайа турарыттан төрүөттээх.

Айыыhыт үөрэҕэ, бу үөрэх туһунан өйдөбүл толору суох. Ханнык эмэ элээмэтэ ордон, дьүhүн кубулуйбутун киhи саха үгэhэ диэҕин да туттунар. «Айыыhыт тардыыта» диэн туом букатын умнуллубут өйдөбүл. Эмиэ төрүт итэҕэл сүтүүтүттэн ситимнээх. Айыыһыт үөрэҕин биир бастыҥ ньымата-албаһа баар – оҕо ыаллаах буола оонньуура. Аныгы да оҕо ыал буола оонньуур, айылҕата тардан ис сүрэҕиттэн сөбүлүүр. Ол гынан баран истэ-көрө сырыттахха, оҕолор олох күннээҕи омсолорун сүhэн ылан, ону үтүктэн оонньууллар: итирбит, охсуспут-этиспит, арахсыбыт, абаарыйаламмыт эҥин диэбиккэ дылыларга ордук тардыстыылаахтар.

Улахан дьон оҕолоро оонньууругар орооспот, үөрэтэ-такайа сылдьар идэ суох. Сахалыы таҥас-сап, ас-үөл, сүөhүнү көрүү-харайыы, сиргэ-уокка үлэ-хамнас курдук төрүт үгэстэри оҕоҕо оонньуунан иҥэрэр үгэс сүппүт, кыайан тиллибэт. Күннээҕи олоххо ити дьарык суох. Аныгы мааны кокуукка (Барби хотун) саха сыахайын дьиэҕэ киллэрбэт.

Ыаллаах оонньооhун да араастаах. Бу оонньуу аныгы эр киhи, аҕа араас омсотун илдьэ сылдьар, үксүгэр оонньуу ыал букатын да аҕата суох буолар. Куhаҕан аҕа кэриэтэ суоҕа ордук диэбит курдук. Уолаттар ыаллаах оонньоотохторуна, ол ыал аны туран ийэтэ суох буолар, эгэ кыыс оҕолоох буолуо дуо. Бу өй оҕону кытары тэҥҥэ улаатан, олох көстүүтүгэр кубулуйар. Оҕо ыаллаах буола оонньуура, саха өйдүүрүнэн, инники олоҕун түстүүр.

Af0sF2OS5S5gatqrKzVP

Дьолу уһанар үгэс сүппүтүн содула

Оҕону ыал буоларга бэлэмнээhин сүнньүнэн баай-дуол мунньуу, мал-сал тэрийии диэн өйдөнөр. Эдэр ыал үгэс курдук ону мыына саныыр, өссө бэлэм туохха эмэ баҕарар, онтон сылтаан төрөппүтүн кытта тапсыбат, айдаарсар түбэлтэтэ элбэх. Аныгы кыыс оҕоҕо энньэ бэлэмниир диэн, туһулаан итинник да ааттамматар, син-биир баар көстүү.

Уол-кыыс оҕону билиhиннэрии, бииргэ оонньотуу, оҕо эрдэхтэринэ оонньоон “кийииппит-күтүөппүт” дэhии баар. Ол гынан баран улааталларын саҕана сөптөөх дьарык, бииргэ сылдьар, көмөлөөн оҥорор-толорор үлэ булан тэрийэн биэрбэккэ, тэйсэн, кыбыстыhар, үксүгэр букатын да билсибэт оҥороллоро үгүс. Оҕону ыал буоларга, сиргэ кэлбит сүрүн аналын толорорго бэлэмнээһин ити курдук дьаалатынан устар. Дьолу уhанар үгэс, олоҕу оҥостор үөрүйэх сүппүтэ үгүс эдэр ыал олоҕун огдолутар.

Аны сынньалаҥ кэми атаарыы эмиэ атын омугу үтүктүүгэ охтон, эдэр дьону билиhиннэрэр, чугасаhыннарар оонньуу-көр тэриллибэт. Үҥкүүлээн өрө эккирии сылдьан сүрэх соччо чугаhаспат куолута. Онуоха эбии киhи уйулҕатын ыhар муусука ньиргиэрэ, табах-арыгы чаана чараас иэйии, таптал кутун көтүтэн эрдэҕэ.

Куһаҕан барыта туохтан тахсарый диэтэххэ, хоруйа биир – сахалыы сиэринэн уhуну-киэҥи санааhын сүтэн, инникини өтө көрүү, барылланыы, барҕа оҥостуу суоҕуттан тахсар. Кырдьаҕас көлүөнэ, эр киhи, аҕа өйүгэр тирэнэр үгэс сүппүтүн содула көстөр. Күннээҕинэн муҥурданартан, олоҕу аҥардастыы дьахтар өйүнэн салайтаран дьаhанартан оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии тутахсыйар. Кыыс оҕо маннык түктэри эйгэҕэ уһуйуллан туох аанньа ийэ буолуой.

image1

Сыыһа үөрэтии охсуута

Үөрэхтээх кыыс оҕо кэргэн тахсыбакка сылдьара ханна баҕарар курдук тыа да сиригэр эмиэ үгүс. Кыhамталара, тулуурдара уолаттардааҕар айылҕаттан ордук буолан, кыргыттар аныгы сурук үөрэҕин ордук ылыналлар, киирбит үөрэхтэрин ситэри бүтэрэллэр, онон аҥаардас өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн уолаттартан үрдээбит курдук алҕас сананан, уолу кытта биир санааны кыайан булбаттар, өйдөспөттөр.

Өйдөөҕүмсүйэр, аҥаардас өйүнэн дьиҥнээхтик баhыйа сатыыр кыыска уол оҕо чугаhаабат. Айылҕата оннук. Уолу-кыыhы арааран иитии айылҕата кэhиллэн, маннык хоромньулаах, хомолтолоох көстүү аныгы үйэҕэ элбэх. Анал өйдөбүлүн ылымматах ыччат хара баһаам. Уол анала, кыыс анала диэннэри кыраларыттан иһитиннэрэр киһи ылыныа этилэр буоллаҕа.

Тулуура тиийбэт буолан, аныгы үөрэҕи кыайан ылбакка, иhэн-аhаан хаалан, кэргэнэ суох сылдьар субан туруйа уол эмиэ элбэх. Уол айылҕаттан уратытын билэн тутуспакка, сыыhа үөрэтии маныаха эмиэ кэмэ суох охсуулааҕа биллэр. Оҕоҕо улааттахпына ийэ-аҕа буолуом диэн өйү, баҕа санааны оҕо кыратыттан сатаан иитийэхтээбэт диэн дьэ кэскили кэҕиннэрэр, улааттаҕына кыайан кэмигэр ыал буолбакка, сороҕор оҕоломмокко хаалыыга тиэрдэр кутталлаах. Оҕо баҕатын эрдэттэн сылыктаан, имэҥэ, дьалыҥа киирэрин, сайдарын салайан биэрэр муудараспытын умнубуппут – норуоппут өссө биир сүтүгэ быhыылаах.

Бу курдук тарбахха баттаан ааҕа туруохха син. Салгыытын ааҕааччым, бэйэҥ ууран көрөн ундаардаа, толкуйдаан көрөн тобул. Олоххор аналгын бул, дьоллоох – ол аата оҕолордоох, кыргыттардаах-уолаттардаах – буол!

1996-2001-2024 сс.

Галина ПОПОВА-Санаайа,

ХИФУ доцена, п.н.к.

Хаартыска: https://strategy24.ru/14/, https://ekzeget.ru/, https://detfond.org/news/regionalnye/

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением