Мииринэй оройуонугар «Анаабыр» суолга Чуоналыыр үрэҕи туоруур муоста уһуна 80 миэтэрэ, киирэр-тахсар суолунуун 1 килэмиэтир уһуннаах.
Кэбээйи улууһугар «Кэбээйи» суолга Хатыҥ Үрэҕи туоруур муоста уһуна 47 миэтэрэ, киириитин-тахсыытын кытта — 4 килэмиэтир уһуннаах. Онон Кэбээйи сэлиэнньэтин олохтоохторо кыһыннары-сайыннары «Бүлүү» федеральнай суолунан сылдьар буоллулар.
Томпо улууһугар «Яна» суолга Ольчан үрэҕи туоруур муоста уһуна 50 миэтэрэ, киириитин-тахсыытын кытта 0,5 килэмиэтирдээх. Бу суолунан Дьааҥы, Усуйаана улуустарыгар таһаҕас, ас-үөл тиэйиллэр.
Сунтаар улууһугар Уустуйа — Кэмпэндээйи суолугар Куччугуй Харыйалаах уонна Орто Харыйалаах үрэхтэргэ муосталар өрөмүөннэннилэр.
Маны тэҥэ, Куйдуһун үрэҕи туоруур 298 миэтэрэлээх муоста сөргүтүлүннэ.
Тиэкис: Саха сирэ саайт.
Хаартыска: Управтодор РС(Я)
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















