Бу диэки көһөн кэлиэн баҕалаах эрээри, өр кэтэһэн олордоххо, сыана хас да бүк эбиллэ турар, Анаапаҕа устуудьуйа 2 мөл. солк. этэ, билигин 7 мөл. солк. тиийдэ. Онон бу ырыынак түргэнник хамсаныыны эрэйэр.
«Кыбартыыраны ыллахха, хаһан баҕарар хатаан баран барыаххын сөп, оттон кэтэх дьиэҕэ олорботуҥ да дьон киириэн-тахсыан, алдьатыан сөп, аны бу өҥ-быйаҥ дойдуга ый ахсын оту охсубатыҥ да киһи саҕа саба үүнэр.
Эбии дохуот ылыан баҕалаах дьон бэлэм отельга хоһу атыылаһан баран, дуогабар түһэрсэн, биирдии суукканан куортамҥа биэрэллэр. Бу күһүн Джубгаҕа өрөмүөннээх, миэбэллээх, тиэхиньикэлээх хоһу 4,5 мөл. атыылыыр этилэр. Сайыҥҥы сезоҥҥа ортотунан куортамтан биир хостон 500 тыһ. солк. киирэр. Ол иһин Анаапаҕа Турция курдук бассейннаах улахан отеллары тутан эрэллэр», — диир кини.
Настя тохсунньу тымныытын оннугар самаан сайын өҥүрүк куйааһын сөбүлүүр, ол иһин Дьокуускай хойуу туманынан будулуйар тоһуттар тымныытыттан куотан, итии дойдуга олорор. Анаапаҕа от ыйыгар уонна атырдьах ыйыгар күн быһа сиир +40 С диэри куйаас күннэр сатыылыыллар. «Дьиэҕэр, үлэҕэр, массыынаҕа кондиционер сөрүүн салгыныгар итиини да билбэккин, эбэтэр муораҕа салгыннаах аһаҕас сиргэ баран сөрүүн ууга сөтүөлээн, сөрүүкүүгүн.
Биэнсийэҕэ тахсыбыт аҕам саастаах дьон итиини тулуйбаттар, ол иһин сайын дойдуларыгар, Саха Сиригэр бараллар уонна күһүн алтынньыга кэлэллэр. Краснодарскай кыраайга көһөн кэлбит дьон 99 %-ннара: «Тоҕо эрдэ кэлбэтэхпитий?!», – дииллэр, эдэр сылдьан көспөтөхтөрүттэн кэмсинэллэр. Айылҕата сымнаҕас, төгүрүк сыл таһырдьа тахсан муора, эмтээх үүнээйи салгынынан тыыналлар, от-мас хойукка диэри көҕөрөн турар, киһи хараҕын үөрдэр, фрукта, оҕуруот аһа дэлэгэй, үрүҥ ас, куурусса этин сыаната чэпчэки», — диэн салгыы кэпсиир.
Олохтоохтор сайын кымырдаҕас уйатын курдук элбэх киһи мустар сиригэр сылдьыбаттар, куораттан кытыы, ыраас уулаах сири булан сөтүөлүүллэр эбит.
Хаартыска: https://omskinform.ru/news/
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















