Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -11 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

2024 с. дьиэ кэргэни өйүүргэ 50 араас көмө оҥоһуллубута. Онтон саҥатын билиһиннэрдэххэ,  25 саастарыгар диэри аан бастаан ыал буолар дьоҥҥо 50 000 солк. бэриллэр. Үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ ананар «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ икки төгүл улаатан, ааспыт сылга 300 000 солк. тиийдэ, быйыл  316, 2 тыһ. солк. диэри эбилиннэ.

«Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 110, 8 тыһ. солк. 2022 с. тохсунньу 1 күнүттэн 2027 с. ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолорго дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох төлөнөр, быйыл төлөбүр кээмэйэ 116,8 тыһ. солк. тэҥнэстэ.

Ону таһынан, элбэх оҕолоох ыаллар дьиэҕэ-уокка хомунаалынай өҥөлөрүн төлөөн баран 30% харчынан төттөрү ылар кыахтаахтар, онон сыллааҕы ороскуоттара 30 000 солк. аччыаҕа. Оскуолаҕа уонна орто үөрэх кыһатыгар элбэх оҕолоох ыал оҕото босхо итии аһылыгынан хааччылланнар, оптуобуһунан босхо сылдьаллар. 

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһаайан этиитинэн 2025 с. төрдүс оҕо төрөөтөҕүнэ «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын уонна «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы кытта холбоон 433 000 солк. ылыахтара. 

50, 60, 70 сыл бииргэ сүүс­-сүүстэриттэн өйөнсөн уһуннук ыал буолан олорбут паараларга биир кэмнээх харчынан төлөбүр туһунан сокуон барыла оҥоһулунна, ону олоххо киллэрэргэ Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова салгыы үлэлэһиэхпит диэн эппитэ. Оттон былырыын Ил Дархан ыйааҕынан 50 сыл бииргэ олорбут уонна үүнэр көлүөнэни дьиэ кэргэн сылаас сыһыаныгар иитэн таһаарбыт ыалларга «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» диэн анал аат олохтонно.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0