Күрэххэ өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугун олохтоохторо, идэтийбэтэх ырыаһыттар (толорооччулар) кытталлар, кинилэр байыаннай таҥаһы кэтэн туран 1941-1945 сс. сэрии кэминээҕи биир киһи биир ырыаны толорон, видеоҕа устан эрэдээксийэҕэ ыыталлар. Кинилэр ыыппыт видеороликтара «Сахапарламент.ру» саайтка https://sakhaparliament.ru/ тахсар, ааҕааччылар видеоны көрөн сөбүлээбит ырыаһыттарын иһин куоластыахтара. Саамай элбэх куолаһы ылбыт киһи көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылар. Дьон куоластааһынын ыларга видеоролигы социальнай ситимнэринэн тарҕатаргыт биһирэнэр.
Хас биирдии видеороликка, күрэххэ киирбит үлэҕэ толорооччу толору аатын-суолун, араспаанньатын ыйан туран ыспыраапка толорон ыытар, онно кини ханна үөрэнэрэ/үлэлиирэ, кистээбэт түгэнигэр сааһа, сибээстэһэргэ суотабай төлөпүөнэ ыйыллар.
Күрэх маннык түһүмэхтэринэн ыытыллар:
- Байыаннай ырыаны бастыҥ толорооччу (улахан дьоҥҥо; оҕолорго)
- Байыаннай ырыаны кэлэктиибинэн бастыҥ толорооччу (хор, ансаамбыл, о.д.а)
- «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» анал бириис онлайн куоластааһын түмүгүнэн туттарыллар.
Ырыа күрэҕэ 2025 с. муус устар 20 күнүгэр түмүктэнэр. Күрэх түмүгэ 2025 с. ыам ыйын 7 күнүгэр тахсыаҕа.
Куонкурус балаһыанньатын манна киирэн көрүөххүтүн сөп: https://sakhaparliament.ru/uopsastiba/25148-bajyannaj-yrya-k-re-er-kyttargytyn-k-tebit
-
5
-
1
-
0
-
0
-
0
-
2















