Санатан эттэххэ, былырыын халаан уутуттан Өлүөхүмэ уонна Нам улууһа улаханнык эмсэҕэлээн, федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ. Ону таһынан, Анаабыр, Үөһээ Халыма, Ньурба, Өймөкөөн, Уус Маайа улуустара эмсэҕэлээбиттэрэ. Андрей Находкин быйыл эмиэ араас түгэҥҥэ эрдэттэн бэлэм буолуохтаахпытын, Бүлүү өрүскэ уу таһыма нуорматтан үрдүк буолуон сөбүн туһунан эттэ.
Кулун тутарга +7 С
Гидрометеорологияны уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүүгэ Дьокуускайдааҕы управление начаалынньыгын солбуйааччы Вячеслав Шехиров төһө элбэх сөҥүү түспүтүн, муус халыҥын көрдөххө, быйыл өрүстэр хаһан эстэллэрин, халаан уута хайдах ааһарын туһунан иһитиннэрдэ.
Киһи эрэ сөҕүөх кулун тутар ортотугар Бүлүү бөлөх улуустарыгар, Өлүөхүмэҕэ улаханнык ириэрэн, ардах түһэн, уулуссаҕа чалбах таҕыста. Арҕааттан циклон кэлэн, бу эҥээр сорох улуустарга +7С тиийэ сылыйда, бу барыта саас муус барарыгар эмиэ сабыдыаллыыр.
Бүлүү бөлөх улуустарыгар халыҥ хаар түһэн, күрдьүктэрэ киһи үрдүгүн саҕа. Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Өлөөҥҥө, Үөһээ Халымаҕа, Өймөкөөҥҥө, Усуйаанаҕа хаар эмиэ халыҥ. Саха Сирин атын улуустарыгар кыһыҥҥы нуорма иһинэн хаар түспүт, сорох сирдэринэн аҕыйах.
Маннык гидрометеорологическай усулуобуйаҕа олоҕуран, билигин хам тоҥон турар өрүстэр 2-5 суукканан эрдэ эстэллэрэ сабаҕаланар.
Кулун тутар 10 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр муус халыҥа нуормаҕа эппиэттиир, сорох сирдэринэн 10-30 см. кыра. Өлүөнэ өрүскэ Саҥыйахтаахха, Алдан өрүскэ Батамаайыга, Индигииргэ Уус Ньара аннынан 35-55 см. нуорматтан кыра.
Быйыл муус халыҥа урукку сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, Өлүөнэ, Алдан, Амма, Дьааҥы, Халыма өрүстэргэ 10-50 см. үрдүк.
Өлүөнэ, Амма өрүстэргэ муус ыам ыйын бастакы дэкээдэтигэр эстиэн сөп, оттон Сангаарга, Алдан, Бүлүү, Халыма өрүстэргэ ыам ыйын иккис дэкээдэтигэр, хоту өрүстэргэ ыам ыйын үһүс дэкээдэтигэр диэн сабаҕаланар.
Халаан уута Бүлүү өрүскэ 50-100 см. нуорматтан үрдүк буолара күүтүллэр, былырыын Мииринэй улууһугар элбэх сөҥүү түспүт. Илин эҥээргэ уу таһыма нуорматтан кыра буолуон сөп.
Василий Кононов хаартыскаҕа түһэриитэ.
-
0
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0















