Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -13 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

«Полярные авиалинии» авиахампаанньа генеральнай дириэктэрэ Семен Винокуров иһитиннэрбитинэн, 2024 с. субсидияламмыт билиэтинэн 41331 киһи туһаммыт, ити авиахампаанньа пассажирдарыттан 20% ылар. Былырыын былаан таһынан 1907 киһи улуустарга айаннаабыт, социальнай суолталаах хайысханан 143 эбии рейсэ оҥоһуллубут. Ол туһунан кини Ил Түмэҥҥэ ыытыллыбыт төгүрүк остуолга эппитэ. 

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн иэһэ 131 мөл. солк. тиийбит, эрэгийиэн иһинээҕи хайысханан 2025 с. 191,7 мөл. солк. субсидия көрүллүбүт, социальнай маршруттарынан 84,8 мөл. солк. Ити үбүлээһин кээмэйэ 2024 с. көрдөрүүтүттэн 3,5 төгүл кыра. 

СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистиэристибэтин туруорсуутунан, «Полярные авиалинии» авиахампаанньа быйыл 224 мөл. солк. суумалаах 11642 субсидияламмыт билиэти атыыга таһаарда. 

«Былырыыҥҥы иэһи ааҕан туран, 14 Аартыка улуустарыгар дьону тиэйэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ авиахампаанньаҕа 257 мөл. солк.  иэстээх. Онон «Полярные авиалинии» бу сыл бүтүөр диэри Аартыка улуустарыгар субсидияламмыт билиэт атыытын тохтоторго күһэллиннэ”, — диэн эттэ Семен Винокуров. 

Тэрилтэ сүрүн ыстаапка үрдээн турар кэмигэр баантан 25% кирэдьиити ылан төлүүр. Былырыын 400 мөл. солк. тахса үбү аҥаардас кирэдьиит бырыһыанын төлүүргэ ыыппыттар.

Хаартыска: Евгений Ушаков, "Полярные авиалинии" саайтыттан. 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0