Күрэххэ өрөспүүбүлүкэ хайа баҕарар муннугун олохтоохторо, идэтийбэтэх ырыаһыттар (толорооччулар) кытталлар, кинилэр байыаннай таҥаһы кэтэн туран 1941-1945 сс. сэрии кэминээҕи биир киһи биир ырыаны толорон, видеоҕа устан эрэдээксийэҕэ ыыталлар. Кинилэр ыыппыт видеороликтара «Сахапарламент.ру» саайтка https://sakhaparliament.ru/ тахсар, ааҕааччылар видеоны көрөн сөбүлээбит ырыаһыттарын иһин куоластыахтара. Саамай элбэх куолаһы ылбыт киһи көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылар.
Хас биирдии видеороликка ырыаны толорооччу толору аатын-суолун, араспаанньатын, ханна үөрэнэрин, тугу үлэлиирин, ырыа ааптардарын (ким хоһооно, муусуката буоларын) ыйан туран сайаапканы толорон ыытыахтаах, сибээстэһэргэ кыттааччы суотабай төлөпүөнэ эмиэ ыйыллар.
Күрэх маннык түһүмэхтэринэн ыытыллар:
-Улахан дьоҥҥо байыаннай ырыаны бастыҥ толорооччу;
-Оҕолорго байыаннай ырыаны бастыҥ толорооччу;
-Кэлэктииптэргэ (хорга) байыаннай ырыаны бастыҥ толорооччу;
-Ону тэҥэ саайтка куоластааһын түмүгүнэн «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» анал бириис туттарыллар.
Ырыа күрэҕэ 2025 с. муус устар 20 күнүгэр түмүктэнэр. Күрэх түмүгэ 2025 с. муус устар 20 күнүн кэнниттэн тахсыаҕа.
Куонкурус балаһыанньатын манна киирэн көрүөххүтүн сөп: https://sakhaparliament.ru/uopsastiba/25148-bajyannaj-yrya-k-re-er-kyttargytyn-k-tebit
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















